Куппун туппут Кустуурум

Иккис төрөөбүт дойду оҥостубут дойдум, сирдээҕи дьолбун булбут түөлбэм барахсан сахалыы сайаҕас санаалаах дьоно, кустук дьэрэкээн өҥүнэн оонньуур дьикти кэрэ айылҕата, ырыа куттаах, ыра кынаттаах эдэркээн ыччаттара, оҥой-соҥой көрбүт элбэх оҕолоро, өлгөм-дэлэй көмүс хатырыктааҕа, көтөр кынаттааҕа, аар-саарга аатырбыт сахатын ынаҕа, түөрэм туйахтаах сахатын сылгыта – харахпар бу көстөн кэлэллэр, ахтылҕан истиҥ иэйиитинэн кууһаллар.

«Иккис төрөөбүт дойдум» диэн мээнэҕэ эппэтим. Бу Кустуурум сиригэр 1974 сыл сааһыгар мин Дьокуускайдааҕы культурнай – сырдатар училище театр – режиссура отделениетын, кулууп үлэһитэ, режиссер диэн идэлээх бүтэрэн култуура министиэристибэтинэн үлэҕэ кэлбитим.

Кустуур дьонуттан «Кулууп кыыһа» диэн ааты туппутум уонна дьэ үлэ – хамнас үөһүгэр оройбунан түспүтүм.

Маҥнай олохтоох сэбиэт (бэрэссэдээтэл Чирикова М.С.) дьаһалынан Никитин Кызыл Николаевичтаах кэҥэс дьиэлэригэр худрук кыыспын Ушницкая Альбина Иннокентьевнаны кытта олорбуппут.

Икки эдэр кыргыттары олохтоох кырдьаҕас да дьон, ыччат да туора көрбөтөхтөрө.

Кустуур дьоно бары оччоттон – баччаҕа диэри үлэҕэ да, көргө да көхтөөхтөрүнэн биллэллэр.

Саастаах көлүөнэ, биирдиилээн эдэр дьон театральнай ускуустубаҕа олус дьоҕурдаах, талааннаах этилэр. Оччолорго Амма Аччыгыйын, Эрилик Эристиин, Суорун Омоллоон уо.д.а. драматурдар испиктээкиллэрин туруорарбар талааннаах артыыстарым:

Слепцов Иннокентий Николаевич – учуутал;

Старостина Евдокия Петровна – оҕо саадын үлэһитэ;

Старостина Ирина Дмитриевна – хачыгаар;

Старостин Василий Максимович – совхоз кассира;

Попов Роман Спиридонович – райпо үлэһитэ;

Петр Николаевич Степанов – совхоз охотоведа;

Тарабукин Николай Николаевич – отдел управляющайа;

Николаев Юрий Ионович – оскуола учуутала;

Сыромятникова Мария Иннокентьевна – оҕо саадын үлэһитэ;

Оттон ырыаҕа, үҥкүүгэ дэгиттэр талааннаах дьоннорунан:

Слепцов Трофим Христофорович

Горохова Татьяна Христофоровна

Стручкова Елена Алексеевна

Никитина Мотрена Петровна

Никитина Мария Петровна

Сыромятникова Мария Иннокентьевна

Кривошапкина Прасковья Васильевна

Шадрин Афанасий Михайлович

Аммосова Клара Алексеевна

Слепцов Анатолий Фокович

Слепцова Антонина Фоковна

Аммосова Анисья Алексеевна

Слепцова Лидия Николаевна

Осипова Лидия Афанасьевна

Осипова Мария Васильевна

Горохов Афанасий Николаевич

Степанов Петр Николаевич буолаллара.

Солбуллубат баянистарым Колесов Василий Ильич, Слепцов Афанасий уонна Анатолий Фоковичтар. Горохов Афанасий Афанасьевич баяннарын кыбыммытынан киирэн кэллэхтэринэ кэтэһиилээх ыалдьыт кэлбитин курдук ыччат дьон үөрэ түһээччилэр, кинилэр имигэс тарбахтарынан баян тимэхтэрин баттыалаан, баяннарын тардыалаан бардахтарына дьэ саҕаланара эбээт бүппэт үҥкүү, көрдөөх – нардаах биэчэр киэһэлэрэ.

Драмаҕа оонньуур артыыстарым дьиҥнээх айылҕаттан талааннарынан, ис куттарын культуратынан, кэрэ мөссүөннэринэн Саха тыйаатырын артыыстарыттан туох да итэҕэһэ суох этилэр. Оттон үҥкүүһүттэрим баян иэйэр – куойар дорҕоонунан доҕуһуоллатан кулууп сыанатыгар нууччалыы плясканы, украиналыы гопагы, польскай үҥкүүлэри польканы, краковьягы, Амур вальсын, молдавскай «Молданеску» үҥкүүнү үҥкүүлээн тэлээрдэхтэринэ атах кытта үҥкүүлэһэрэ.

Бытантай сүүрүгүн курдук кылыгырас куоластаах ырыаһыттарым ыллаан эйээрдэхтэринэ кыталык кыыс намчы сүрэҕэ, туруйа уол нохтолоох быара толугуруу мөхсүбэтэҕэ буолуо диэн ким да мэктиэлээбэт.

Олус кэрэ да дьон ыллаан – туойан, күлэн – оонньоон ааспыт кэрэ дойдулара Аллараа – Бытантай билигин да ырыаһыт, үҥкүүһүт ыччатынан киэн туттуон туттар.

Оттон бэйэм тус олоҕум туһунан кэпсээтэхпинэ, ити курдук ыллыы – туойа сылдьан Саҥа Дьыл кэмигэр турбут – олорбут, оройунан оонньообут олохтоох уолу көрсөн, сөбүлэһэн олунньу ыйга ыал буолбуппут, кулууп дьиэтигэр 200 ыалдьыттаах уруу оҥорбуппут.

Онон алгыстаах Аллараа – Бытантай туонатыгар саҥа ыал оһоҕо күөдьүйбүтэ, 2 оҕом – Эдик, Машенька күн сирин көрбүттэрэ. 1981 сыллаахха дьонум кырдьаҕастарынан сибээстээн Саккырыырга көһөн олохсуйа кэлбиппит.

Мин Аллараа – Бытантай нэһилиэгин Кустуурдааҕы тыа кулуубун сэбиэдиссэйинэн уопсайа 1974 – 1981 сс. үлэлээбитим. Билигин да Кустуурбун, оннооҕу доҕотторбун, аймахтарбын, билэр дьоммун олус ахтабын.

Ахтылҕаммын таһааран сылга биирдэ эмит баран кэлэрбин сөбүлүүбүн. Билигин Кустуур кулуубугар олус талааннаах уонна иллээх кэллэктиип үлэ – хамнас үөһүгэр сылдьарын үөрэ көрөбүн. Ахтыыбар кими эмит умнубут буоллахпына бырастыы гынаргытыгар көрдөһөбүн.

Светлана Горохова, култуура бэтэрээнэ

Читайте дальше