Эрхан Слепцов: «Киинэ эйгэтигэр сүрэҕим талаһар»

Режиссер Дмитрий Давыдов “Чума” диэн саҥа киинэтэ киэҥ экрааҥҥа тахса илигиттэн Италияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ «International Fiction Film» секцияҕа кылаабынай бирииһи ылла. Онтон 2023 сылга «Маяк” диэн Арассыыйа киинэтин бэстибээлигэр бастыҥ режиссерскай үлэ иһин бирииһи ылбыта.
Бу киинэҕэ биһиги биир дойдулаах уолбут Эрхан Слепцов кылаабынай оруолга оонньуур. Биһиги кинини кытта бассаап ситимин нөҥүө кэпсэттибит.
  • Эрхан, Саккырыырга улааппыт, үөрэммит оҕо буоллаҕын. Биир дойдулаахтаргар бэйэн тускунан билиһиннэрэ түс.
  • Бэйэм туспунан кэпсиир буоллахха, 17 саастаахпын. Эбээн Бытантайга Саккырыырга улааппытым, төрөөбүт дойдубун таптыыбын, ахтабын. Саккырыыр оскуолатыгар үөрэммитим, онтон 5 кылааска Дьокуускай куоракка көспүтүм. Онно кэлэн “Сахатеатрга” куруһуокка сылдьыбытым, Ньургуйаана Шадринаҕа дьарыгырбытым.

Бэйэм спордунан дьарыктанабын. Боксаҕа сылдьабын, ол үрдүнэн араас куруһуоктарга — гитараҕа, ырыаҕа сылдьабын.

Оҕо эрдэхпиттэн артыыс буолар баҕа санаалаах этим. Саҥа тахсаары турар “Чума” диэн киинэҕэ кылаабынай оруолга оонньообутум. Билигин «Я подарю тебе цветок” диэн режиссер Василий Слепцов киинэтигэр уһулла сылдьабын.

  • «Чума” диэн киинэ дойдубут уонна норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэргэ ситиһиилээхтик кыттыбытынан эҕэрдэлиибит! Бу киинэҕэ уһуллууҥ бастакы уопутуҥ дуо?
  • Суох, бастакы уопутум буолбатах, «Кэрэни көрбүт” (“Нехороните меня без Ивана”) диэн киинэни көрбүккүт буолуо, ол киинэҕэ уһуллубутум. Онтон «Чума”- үһүс киинэм буолар.
  • Бу киинэҕэ уһулларгар сүрдээх сүүмэрдээһини ааспытыҥ буолуо дии.
  • Соһуйуом иһин, сүүмэрдээһини ааспатаҕым. Биирдэ Дмитрий Давыдов диэн киһи миэхэ түлүпүөммэр эрийбитэ уонна этэр: “эйиигин киинэҕэ көрбүтүм уонна оруолга боруобалаан көрүөхпүн баҕарабын”. “Туох киинэтэ?” диибин, ону киһим «кылаабынай оруолга, иллэҥ бириэмэлээх буоллаххына кэл” диир уонна аадырыһы этэр. Мин онно тиийдим, көрдө- көрдө уонна үчүгэй диэтэ. 3 күнүнэн номнуо Аммаҕа айаннаабыппыт уонна киинэҕэ уһуллан киирэн барбыппыт.
  • Бу киинэ ис хоһоонун туһунан кылгастык сырдата түс.
  • Нууччалыы эттэххэ, «быть настоящим”, мин өйдүүрбүнэн оннук курдук. Киинэҕэ мин бэйэм аҕабын убаастаабаппын, бэйэбин көрдүү сатыыр улаатан эрэр оҕобун, хараҥаҕа улааппыт буоламмын куһаҕан тардар буоллаҕа. Аттыбытыгар ыаллыы олорор аҕа баар, ол онно мин харахпар курутуой курдук көстөр. Тоҕо диэтэр кини табахтыыр, арыгылыыр, үөхсэр, охсуһар, барыларын кырбыыр. Онтон бэйэм аҕам боростуой киһи, ол иһин аҕабын убаастаабаппын, хомойуох иһин. Ол ыаллыы олорор аҕаны батыһабын, онно киинэ бүтэһигэр куһаҕан хаһан да үчүгэйгэ тиэрдибэт, киһи дьиҥнээх бэйэтэ буолуохтаах диэн үөрэтэр ис хоһоонноох туох эрэ буолар.
  • Инники былааннарыҥ.
  • Инники былаан диэн элбээх. Эмиэ киинэ өттүнэн барыахпын баҕарабын, ити эйгэҕэ сүрэҕим тардар. Режиссер буолуохпун баҕарабын. Актер да курдук бэйэбин көрөбүн. Ырыаһыт да буолуох курдукпун. Билигин даҕаны бэйэбин көрдүүбүн диэххэ сөп буолуо, туох идэлээх киһи буолуохпун баҕарарбын толкуйдуубун.
  • Бэйэҥ эт саастыылаахтаргар, биир дойдулаахтаргар тугу этиэҥ этэй?
  • Олох кылгас доҕоттор, үчүгэйгэ тардыһан, кэрэни батыһан, харса суох иннигит диэки барыҥ. Барыта үчүгэй буолуоҕа диэн бигэ санааланыҥ. Куруук үөрэ-көтө сылдьыҥ, туохтан да толлумаҥ, кыбыстымаҥ!

Биир дойдулаах уолбут Эрханы кытта кэпсэтэн баран, оҕолорбут наһаа да талааннаахтар, дьоҕурдаахтар диэн сөхтүм-махтайдым. Киинэ буоллун, спорт буоллун, бары эйгэҕэ чаҕылхай ыччаттардаахпытынан киэн тутуннум. Эппиккэ диэри, биһиги оҕолорбут кырыыламматах алмаастар кэриэтэ, төрөппүттэр бириэмэтигэр өйдөөн көрөн, дьоҕурдарын таба тайаннахпытына төһөлөөх чаҕылхай талааннар арыллыах эбиттэр!  

Бэлиэтээн эттэххэ, уолбут уһуллубут киинэтэ Арассыыйаҕа киэҥ экрааҥҥа балаҕан ыйын 19 күнүттэн тахсара былааннанар.  

Сардаана Копырина

Читайте дальше