“Үрүҥ тугутчаан» бэстибээл муниципальнай түһүмэҕэ түмүктэннэ

Эбээн-Бытантай улууһугар «Үрүҥ тугутчаан” өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо, ыччат бэстибээлин муниципальнай түһүмэҕэ түмүктэннэ.

Бу бэстибээл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар туһуламмыт «Бастакылар хамсааһыннарын” эрэгийиэннээҕи бырайыага буолар.
Бэстибээлгэ оҕолор, ыччаттар үс категорияҕа саастарынан арахсан биэс салааҕа: уруһуй, муусука, театральнай, хореографическай, киинэ ускуустубатыгар кытыннылар.


Ол курдук, салааларынан арахсан түмүктэр маннык буоллулар.
Уруһуй ускуустубатыгар:
Гран-При – Ньургустаана Петровна Полускина
1 ст. лауреат – Амилия Иванова (сал. Мир Николаевич Слепцов)
2 ст. лауреат – Александра Горохова (сал. Ольга Олеговна Попова)
3 ст. лауреат – Нарыйаана Старостина (сал. Мир Николаевич Слепцов)

Музыкальнай (эстраднай ырыа):
Гран-При- «Бытантай кэскиллэрэ» (сал. Александра Дмитриевна Слепцова)
1 ст. лауреат – Эрсан Горохов (сал. Александра Дмитриевна Слепцова)
2 ст. лауреат – «Дьиэрэй» (сал. Мария Павловна Стручкова)
3 ст. лауреат – Егор Слепцов (сал. Мария Павловна Стручкова)

Театральнай ускуустуба (уус-уран ааҕыы):
Гран-При – Эрлан Сыромятников (сал. Галина Борисовна Слепцова)
1 ст. лауреат – Амилия Стручкова (сал. Ольга Олеговна Попова)
2 ст. лауреат – Харысхан Потапов (сал. Галина Борисовна Слепцова)
3 ст. лауреат – Лев Старостин (сал. Галина Борисовна Слепцова)

Хореографическай ускуустуба (норуот үҥкүүтэ):
Гран-При – «Тугусил» (сал. Ирина Платоновна Слепцова)
1 ст. лауреат – «Осикатал» (сал. Христина Иннокентьевна Стручкова)
2 ст. лауреат – Айлаана Голикова (сал. Айыына Егоровна Голикова)
3 ст. лауреат – «Орэлдэк» (сал. Вера Михайловна Горохова)

Киинэ ускуустубата:
Гран-При – Ирена Верховская (сал. Илана Григорьевна Колесова).
Оҕолор толорууларын уонна үлэлэрин «Гарпан” этнокултуурунай киин дириэктэрэ Раиса Старостина бэрэссэдээтэллээх анал сэбиэт сыаналаата, экспертэринэн үөрэҕирии салайааччытын солбуйар Лаура Иванова, «Гарпан” ЭКК фольклорга исписэлииһэ Мария Аммосова, уус-уран салайааччы Валерианна Максимова, звукооператор Владислав Васильевич Колесов, Саккырыыр орто оскуолатын технология уонна уруһуй учуутала Татьяна Степанова олордулар, сэкэрэтээринэн “Бастакылар хамсааһыннара” улуустааҕы салаатын исписэлииһэ Екатерина Николаева буолла.


“Үрүҥ тугутчаан” оҕо, ыччат бэстибээлин кыайыылаахтара эрэгийиэннээҕи түһүмэххэ Дьокуускай куоракка баран эбэтэр кэтэхтэн кыттыыны ылыахтара.

Сардаана Копырина

Читайте дальше