Оталан: «Дойдубар кэлэн сүргэм көтөҕүлүннэ!»

Сайыҥҥы сынньалаҥ кэнниттэн «Гарпан» этнокултуурунай кииммит аана арыллыаҕыттан ыла тохтоло суох араас кэнсиэрдэр, тэрээһиннэр буолаллар. Ол курдук, дойдутугар кэлэн дьонугар-сэргэтигэр сүрдээх үчүгэй кэнсиэри бэйэбит уолбут Оталан көрдөрөн барда.

Уолбут хотугу сулустуу сыдьаайан, элбэх араас ырыатын ыллаан-туойан, саҥа буруолуу сылдьар 5 ырыатын сүрэхтээн көрөөччү биһирэбилин, сэҥээриитин ылла!
Бу кэнсиэргэ олохтоох уолаттар кыттыыны ыланнар, биир дойдулаахтарыгар күүс-көмө буоллулар.
“Дойдубар кэлбитим үчүгэйэ сүрдээх, ыллаан-туойан, сынньанан, сэргэхсийэн бардым. Улууһум дьоно олус үчүгэйдик көрүстүлэр, ол онтон сүргэм көтөҕүллэн сылдьабын. Саккырыыр, Дьарҕаалаах нэһилиэктэригэр кэнсиэрдээтим, хомойуох иһин, Кустуурга массыына көстүбэккэ кыайан барбатым, кэнники хаһан эмит сылдьар инибин. Инньэ гынан, туох да куһаҕана суох барыта этэҥҥэ ааста, 10 күнүм биир күн курдук «чылыпыс» гынан, түннүгүнэн чыычаах көтөн ааспытын курдук түргэнник ааһан хаалла,” – диэн Оталан бэйэтин санаатын кылгастык кэпсээтэ.

Марианна Слепцова

Читайте дальше