Александра Слепцова: «Бар дьонум үтүө баҕа санаатыттан ордук наҕараада миэхэ наадата суох”

Сэтинньи ый аам-даам тымныылара саҕаланан, борук-сорук кыһыммыт кэлэн, дьон-сэргэ сүргэтэ түһэн сылдьарын сайаҕас салгынынан сайар, орто дойду олоҕун хас биирдии күнэ хатыламмат кэрэтин кэрэһэлиир үтүөкэн ырыа түһүлгэтэ буолан сылааһынан илгийдэ. 

Ылбаҕай тыллаах ырыа сүргэни көтөҕөр, санааны кынаттыыр, оннооҕор эмтиир сүдү күүстээх. Ис сүрэхтэн тахсыбыт, бары өттүнэн табыллыбыт ырыа уһун олохтонор, үйэлэри уҥуордуур, дьон уоһуттан түспэт, өйүттэн-сүрэҕиттэн сүппэт, умнуллубат. Оннук ырыалары ыллыыр, үөрэтэр киһиэхэ эмиэ элбэх сыра, күүстээх үлэ наада.

Бу күннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин эбии үөрэхтээһин сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына, үрдүк категориялаах муусука учуутала Александра Слепцова үбүлүөйүгэр анаммыт “Ыллана турдун ырыа” диэн ааттаах ырыа-тойук киэһэтин туһунан сырдатарбытын көҥүллээҥ.

 

Александра Слепцова бэйэтэ кыра эрдэҕиттэн муусука эйгэтигэр талаһар, интэриэһиргиир буолан оскуоланы бүтэрээт бу хайысханы талан, ырыа кэрэ алыбыгар уйдаран үлэлээбитэ номнуо 22 сыл буола охсубут.

Бу сыллар устата кини сүрдээх элбэх оҕону муусука эйгэтигэр сыһыаран, кэрэҕэ угуйан таһаардаҕа. Ону бу буолбут да кэнсиэригэр туоһулаан алын сүһүөх оҕолоруттан аҕам саастаах көлүөнэҕэ диэри үөрэппит, үөрэтэ сылдьар оҕолоро тахсаннар ылбаҕай ырыаларын бэлэх ууннулар.

“Ыллана турдун ырыа” дьоро киэһэ кыттыылаахтара бары да олус араас дьоннор мустаннар, дьон-сэргэ сэҥээриитин ыллылар. “Бай, ол туох ураты дьоно тахсыбыт эбит буоллахтарай?” диэн сылдьыбатах ааҕааччыга ыйытыы киирэрэ буолуо. Александра Дмитриевна сыанаҕа үктэммэтэхтэрэ ырааппыт дьүөгэлэрин, атастарын таһаартаан ыллаппыта көрөөччү биһирэбилин, махтайыытын ылла. Бары олус кэрэ куоластарынан, ылбаҕай үҥкүүлэринэн көрөөччү сэҥээриитин ыларын ыллылар.

Кэнсиэр туһунан уһуну-киэҥи кэпсии, ырыта барбаппын, үксүгүт көрбүт буолуохтааххыт диэммин, бу күн “Гарпан” ЭКК дьиэтигэр хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи тоҕуоруһа мустубута.

Бэлиэ күн хаһаайката Александра Слепцова маннык санаатын үллэстэр.

 — Дорооболоруҥ! Бастатан туран, бэйэм муусука алыбыгар туохтан, хаһан умсугуйбутум туһунан сырдатан саҕалыам. Ийэм иистэнэ олорон былыргы ырыалары ыллыыра, онно миигин тэҥҥэ ыллатан икки куоласка араара үөрэппитэ. Улахан эдьиийим Натаа байааннаах буолааччы, ону истэн наһаа ымсыырарым, кыралаан бэйэм ырыа мелодияларын таһаарар буолбутум. Онтон эдьиийим икки өттүгэр оонньуурга үөрэппитэ. Гитараҕа убайым Эверстов Миисэ үөрэппитэ, ыаллыы олорор буолан киэһэ үлэ чааһын кэннэ истиэнэ нөҥүө убайдарым ырыаларын истэр буоларым. Володя тойуктаан дьиэрэтэр, Миисэ ыллаан ньиргитээччилэр, оо, ону иһиттим да тэҥҥэ ыллаһа, ырыаларын көрө-истэ кинилэргэ ойон тахсааччыбын (күлэр). Ити курдук муусука эйгэтиттэн ырааппакка, бэйэм оҕолору үөрэтэр муусука учуутала буолан сылдьабын.

Бу кэнсиэрбин бэйэм үлэбин дьоммор-сэргэбэр көрдөрдөхпүнэ сатанар эбит диэн дьоро киэһэни ыытар санаа киирбитэ. Ити инниттэн да, хас да киһи көрүстэхтэринэ эн бэйэҥ кэнсиэргин туруоруоххун дииллэрин аахайбат этим.

Онтон ити  үөрэппит уолаттарбын,билигин үөрэтэ сылдьар кылаастарбын, дьүөгэлэрбин, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбин хомуйталаан дьэ ылсан кэнсиэр туруордум.

“Гарпан” ЭКК саалата толору көрөөччүлээҕиттэн олус астынным, дьонум-сэргэм сүрдээҕин сэргииллэр эбит диэн.

Кэнсиэрбин дьон астыммыт, сэргээбит санааларын наһаа үчүгэйдик суруйан ыыталлар, онтон ордук үрдүк наҕараада миэхэ наадата суох.

Түгэнинэн туһанан, кэнсиэрбэр кыттыбыт кэллиэгэлэрбэр, үөрэппит уолаттарбар, оҕолорбор, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрбэр, дьүөгэлэрбэр барҕа махталбын тиэрдэбин.

Читайте дальше