Биһиги улууспутугар иккис төгүлүн «Арктическай десант” бырайыак сүнньүнэн Саха сирин епархиятыттан матушка Елизавета, священник Тихон уонна кинилэри кытары быраастар кэлэн үлэлии сылдьаллар. Санатар буоллахха, бу маннык десант ааспыт сыл алтынньы ыйыгар кэлэн, киэҥ хабааннаах үлэни ыыппыта.
“Арктическай десант” үгүс хайысхалаах бырайыак сүнньүнэн уһук хоту улууска кэллибит. Биһиги иеромонах Тихонныын дьону кытта көрсөбүт, мэлииппэ ыытабыт, оҕолору кытта үлэлиибит, холобур, оҕолор ортолоругар билигин уруһуй куонкурсун ыыта сылдьабыт. Өрөбүл күн түмүктэрин таһаарыахпыт, наҕараадалыахпыт. Маны тэҥэ субуотаҕа, атырдьах ыйын 19 күнүгэр богослужение, литургия ыытыахпыт, Эбээн-Бытантай улууһугар бу маннык улахан тэрээһин аан маҥнайгытын буолар диэн бэлиэтиибин. Тэрээһин чэрчитинэн «Преображение Господне” бырааһынньык, норуокка биллэринэн “яблочный спас” ыытыллыаҕа. Соҕуруу сирдэргэ православнай үгэс быһыытынан дьаабылыканы сырдатар эбит буоллахтарына, манна араас отоннору сырдатыахпытын сөп. Атырдьах ыйын 18 күнүгэр, бээтинсэҕэ баҕалаахтарга кириһиэнньэ буолуоҕа. Инникитин даҕаны Эбээн-Бытантай улууһун кытта билсиһиибит салҕаныаҕа диэн бүк эрэнэбит”, — диэн матушка Елизавета сырдатта.
“Дорооболоруҥ Эбээн-Бытантай улууһун күндү олохтоохторо! Биһиги “Арктическай десант” састаабынан иккис төгүлүн эһиги улуускутугар кэлэ сылдьабыт. Бу сылга аҥардас медицинскэй үлэ эрэ буолбакка, социальнай харалта салалтатын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Аҕам саастаах олохтоох дьоҥҥо аадырыстаах көмөнү оҥоробут, реабилитация техническэй сириэстибэлэрин босхо биэрэбит, дьиэҕэ көрүү-харайыы оскуолатын, социальнай үлэһиттэри аҕам саастаах дьону көрөргө-истэргэ үөрэтэбит. Маны тэҥэ бу сылга «Забота об Арктике” диэн киэҥ хабааннаах социальнай бырайыагы ыытары былаанныыбыт. Табылыннаҕына Саҥа Дьыл кэнниттэн өссө элбэх аадырыстаах көмөлөөх кэлиэхпит”, — диэн «Долго жить” автономнай коммерческая суох тэрилтэ дириэктэрэ Наталья Каратаева кэпсээтэ.