Иннокентий Стручков биир дойдулаахтарын бары хайысханнан үлэлииргэ ыҥырда

Алтынньы 1 күнүгэр улуус баһылыга Иннокентий Стручков Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарын кытта көрүстэ. Кини кылгастык инники былааннарын, улууска баар ханнык кыһалҕалары туруорсар уонна баһаарар наадатын сырдатта.

Ол курдук, дьону-сэргэни ыраах сытар улууска, бастатан туран, киин хочуолунайдар тутуулара, ититии ситимигэр холбонуу, социальнай эбийиэктэри тутуу, дьиэ тутуутун боппуруостара ордук долгутарын кэпсээтэ. Кини командировкатын кэмигэр Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаевы кытта саҥа талыллыбыт баһылыктар көрсүбүттэрин, ханнык сыал-сорук турарын билиһиннэрдэ. Аҕа Баһылык, бастатан туран, дьон олоҕун таһымын өрө тардыыны, дьадайыыны тохтотууну бастакы сорук быһыытынан туруоран улуус баһылыктарыгар туһаайбытын кэпсээтэ. Маны таһынан, Иннокентий Стручков ОДьКХ министиэристибэтигэр сылдьан сытыы боппуруостары дьүүллэспиттэрин, ГУП ОДьКХ генеральнай дириэктэрэ, норуот дьокутаата Виталий Чикачев улуустары кытта баар кыһалҕалары туоратыыга ыкса үлэлэһэргэ бэлэмин биллэрбитин аҕынна. Бу кэннэ Арктика министиэристибэтигэр сылдьан хоту улуустар баһылыктара инники соруктары дьүүллэстилэр. Иннокентий Стручков улууска хаадыр боппуруоһа сытыытык турарын, манна олохтоох бэйэ ыччаттарын тардан бу кыһалҕаны быһаарар оруннааҕын уонна кэскиллээҕин бэлиэтээтэ. Ол курдук, «Алроса» курдук бөдөҥ хампаанньаҕа үлэлии сылдьар Николай Никитин саҥа баһылыкка эрийэн дойдутугар төннөн үлэлииргэ бэлэмин иһитиннэрбитин биһириирин этиннэ. Кини үөрэнэ сылдьар улуус устудьуонньарын уонна атын хайысхаларга үлэлии сылдьар ыччаттары дойдуларыгар төннөн үлэлииллэрин хааччыйыы хаадыр боппуруоһун быһаарыыга олук ууруон сөбүн быһаарда.
Биир дойдулаахтар түмсүүлэригэр кэлбит дьон дьону биир сыалга-сорукка түмүү наадатын, эбээн тылын сөргүтүүгэ уонна үөрэтиигэ, арыгы атыытын хонтуруолга ылыыга, ол оннугар аһы-таҥаһы тиэйии наадатын бэлиэтээтилэр. Кинилэр маны таһынан биллэр общественнай, политическай деятель Роман Иванович Шадрин 130 сааһын көрсө күүстээх үлэ барара наадатын этиннилэр. Аҕыс хоту оройуоннары төрүттээбит, ыраах хоту дойду сайдыытыгар олоҕун анаабыт, Москубаҕа партия Киин Комитетыгар тиийэ үлэлээбит, Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов соратниктара Роман Иванович Шадрин пааматынньыга киин куоракка турара хайаан да наадатын этиннилэр.

Биир дойдулаахтар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Аурика Стручкова землячество үлэтин сырдатта. Куоракка олорор биир дойдулаахтара улууһу кытта ыкса ситимнээхтик бииргэ үлэлииллэригэр баҕа санаатын тиэртэ, баар кыһалҕаларга тохтоон кэпсээтэ. «Долгунча» этническай бөлөҕү, «Якутская Арктика» тэрилтэни кытта биир ситимнээхтик үлэлииллэрин сырдатта.

Салгыы биир дойдулаахтар түмсүүлэрэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга бэйэлэрин баҕа санааларынан күүс-көмө буола сылдьар Лилия Николаеваҕа, Акулина Колесоваҕа истиҥ махталларын тиэртилэр. Кыргыттар үлэлэриттэн быыс булан үп-харчы хомуйан быстах хомуурга инники кирбиигэ сылдьар уолаттарга сүрдээх улахан көмөнү оҥороллорун, наадалаах сэп-сэбиргэл ыытан көмөлөһөллөрүн аҕыннылар. Кинилэр биир улахан кыһалҕаннан уолаттар докумуоннарын ирдэһиигэ, оҥорууга көрсөллөрүн кэпсээтилэр.
Улуус баһылыга Иннокентий Стручков биир дойдулаахтарыгар махтанан туран бары бииргэ түмсэн бары хайысханнан үлэлииргэ ыҥырда. Кини билиҥҥи кэм тэтимэ олус түргэнин, манна туох баар бырайыактарга, ыытыллар быаргыраамаларга, граннарга тэҥҥэ олорсон истэхпитинэ улуус инники сайдыытын түстүөхпүт диэн этиннэ.
Түмсүү кыттыылаахтара итии чэйдээх, алаадьылаах остуол тула олорон ирэ-хоро кэпсэтэн, санааларын тиэрдэн астынан тарҕастылар. Эдэр баһылыкка ситиһиилэри баҕардылар, кини үтүө саҕалааһыннарын өйүүргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр.

Читайте дальше