Саха сиригэр тустуу спорда күүскэ сэҥээриллэр, үгүс болҕомто ууруллар. Ол курдук, кыра эрдэхтэн эрчийэн, саҥаттан саҥа бөҕөстөрү уһуйан, аан дойду чэмпийиэннэрин иитэн таһаарарга үлэ – хамнас туһаайыллар. “Одаренные дети” бырайыак өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыттан тустууну сэҥээрэр, көрдөрүүлээх, баҕалаах оҕолору түмэр сыаллаах үлэни ыытар. Бырайыак старшай тренера Кузьма Сивцев бу саас биһиги улууспутугар кэлэ сылдьан тустуу спордун тула ыытыллар үлэни – хамнаһы билсибитэ, бырайыак туһунан сиһилии кэпсээбитин сырдатан турабыт (№14, муус устар 13 күнүнээҕи). Ол курдук, Кузьма Афанасьевич бу сайын тустуу кэккэ көрдөрүүлээх бөҕөстөрбүтүн сайыҥҥы хомуур лааҕырыгар ыҥыран сырытыннарбытын туһунан Дмитрий Саввинов сырдатта.
- Атырдьах ыйын 1-12 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыттан тустуук оҕолорго хомуур буолла. Бу Нам, Уус- Алдан, Мэҥэ-Хаҥалас улуустарыгар буолла. Биһигиттэн Вася Сыромятников уонна Эрсан Сыроватский сылдьан күүстээх эрчиллиини, дьарыгы аастылар. Кинилэр өрөспүүбүлүкэ старшай тренера, доҕорум, атаһым Кузьма Афанасьевич Сивцев ыҥырыытынан Намнааҕы базаҕа сырыттылар. Намҥа Петр Юмшанов аатынан тустуу баасата баар, манна кыра саастаахтарга хомуур буолла. Бу ый, ол эбэтэр атырдьах ыйын ортото “Игры профессионалов” диэн улахан бэстибээл-күрэх ыытыллар. Хомуур бу күрэхтэһии чэрчитинэн буолла, уолаттарбыт боруоста үчүгэйдик дьарыктаннылар. Нам улууһа спорт чааһыгар сүрдээх сайдылаах, онон чуолаан бу улууска хомуурга сылдьыбыттара түмүктээх буолуоҕа. Тустуу баасаларыгар сүрдээх таһымнаах тренердар үлэлииллэр. Онно Кузьма Афанасьевичтыын кэпсэтэн, кини биһигини өйөөн, бу лааҕырга уолаттарбыт буор босхо сыттылар. Дьиҥэ төлөбүрдээх лааҕыр. Күҥҥэ 5-тэ аһыыллар, душ, сауна, баанньык барыта баар. Күҥҥэ иккитэ күүстээх дьарык. Маны таһынан, култуурунай сынньалаҥ, араас тэрээһиннэр. Оҕолорбут наһаа астыммыттар. Махтанабын төрөппүттэргэ, кинилэр ханнык баҕар күрэхтэһии буолла эрэ сүрдээҕин күүскэ өйүүллэр, онон өссө төгүл муҥура суох махтаныахпын баҕарабын. Уонна Кузьма Афанасьевичка бэйэм, оҕолор уонна төрөппүттэр ааттарыттан улахан махталбын тиэрдэбит. Кузьма Афанасьевичтыын үлэбит салҕыы күүскэ барар, уолаттарбыт бу ый ортото боотурдарга киирсээри сылдьаллар. Тренердарыгар Петр Стручковка махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Уолаттарбыт сүрдээх дьаныардаахтык дьарыктанан, тренердара илдьэ сылдьан күрэхтэһии бөҕөнү кэрийдилэр. Петр Петрович күүскэ үлэлээн, араас таһымҥа – өрөспүүбүлүкэ буоллун, соҕуруу даҕаны ситиһии бөҕө кэлэр буоллаҕа. Бу тэтим ыһыллыбакка салҕыы оҕолорбут инникитин атын да көрүҥҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ кыттан, сайдан, бэйэбитин көрдөрөн иһиэхпит, диэн эрэллээхпит.