Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна Арктика министиэристибэлэригэр туһаайан, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы концепциятын бу сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри оҥорорго сорудахтаабыта. «Бу докумуоҥҥа олоҕуран чуолаан 13 хотугу улууска ынах уонна биэ иитэр тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга субсидия кээмэйин улаатыннарыллар. Холобура, киин улуустарга тэҥнээтэххэ билигин кэтэх сүөһүлээхтэр, ынахха – 37 тыһ.солк., биэҕэ – 5 тыһ.солк. ылаллар. Онтон тэрээһиннээхтэр, ол эбэтэр бааһынай хаһаайыстыбалар, кээпэрэтииптэр ынах төбөтүгэр 45 – тии тыһ.солк. ылаллар. Хоту дьиэ табатын иитии сүрүн салаа буолар, онон таба төбөтүгэр көрүллэр тиһэх ыстаапканы үрдэтиини эмиэ көрүөхпүт,» — диэн т/х министиэристибэтин билгэлээһиҥҥэ, былааннааһыҥҥа уонна судаарыстыбаннай бырагыраамаларга Департамент салайааччыта Анастасия Колодезникова иһитиннэрэр.
Эбээн Бытантай улууһугар үс салааны тэҥинэн тутан олорор улуус буолар. Ол эбэтэр, ынах, сылгы, табаны иитии – сүрүн дьарыкпыт. Кэккэ сылларга араас судаарыстыбаннай бырагыраамалар, өйөбүллэр үксээбиттэринэн да буолуо, эдэр дьон бу салаалары утумнаахтык, тиһиктээхтик ылсан үлэлииллэрэ хайҕаллаах.
Мария, Степан Николаевтар ынах сүөһүнү, сылгыны иитэринэн утумнаахтык дьарыктаналлар. Кыра уоллара Степан кэргэнинээн Катялыын тэбис тэҥҥэ сылдьыһан, үлэлээн – хамсаан, утум салҕыыллар. Кийиит кыыс Екатерина аныгы киһи быһыытынан билэрэ – көрөрө элбэх. Үрдүк сололоох салайааччылар кэлиилэрин түмүгэр бэйэтин санаатын үллэстэр, туруорсууларын этэр. Онон, киниттэн хоту сиргэ сүөһү иитээччилэрин туһунан концепцияҕа санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт.
— Биһиги айылҕабыт олус тыйыс, кыһына уһун, тымныы, онон усулуобуйа кытаанах. Киин улуустары кытта тэҥ өйөбүллэри көрөр сатамньыта суох. Холобур, киин ититиилээх хотон диэн биһиэхэ суох, барыта илии үлэтэ, муус – мас. Оттуурга эмиэ суол – иис суох сиринэн, күүстээх көлө көмөтүнэн тиийэҕин. Онон, субсидия үрдүүрэ сүрдээх улахан өйөбүл буолуох этэ. «Агростартап» куонкурус балаһыанньатыгар ороскуот симиэтэтигэр «Буран» көлөнү киллэрэллэрэ буоллар диэн көрдөһүөм этэ, сылгыны көрдүүргэ бу олус туһалаах, табыгастаах көлө. Сити курдук, хоту улуус сүөһү иитээччилэрэ өйөбүл кээмэйэ улаатарын сэҥээрэллэрин биллэрэллэр. Сөптөөх өйөбүл баар буоллаҕына ыччат дьон хото ынах сүөһү, сылгы, таба ииттэн, улуус социальнай – экэнэмиичэскэй балаһыанньата, дьиэ кэргэн экэниэмикэтэ сайдара чахчы.