Аан дойдутааҕы төрүт олохтоох норуоттар күннэригэр аналлаах «Дыхание Севера» IV өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска «Гарпан» ЭКК үлэһиттэрэ кыттан, «Народное пение» хайысхаҕа үрдүк ситиһиилэннилэр.
Бу туһунан сиһилии этнокултуурунай киин салайааччыта Раиса Старостина сырдатта.
“Биһиги кэллиэгэлэрбит, «Гарпан» этнокултуурунай үлэһиттэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска 181 кыттааччы баарыттан Мария Аммосова 2 истиэпэннээх Лауреат, Валерианна Максимова 1 ист. Диплом, Владислав Колесов сертификаты туттулар.
Дьоммут куонкуруска кытталларыгар бэлэмнээбит, дүҥүр тыаһынан доҕуһуоллаан ырыаларын тупсаран үлэлэспит үлэһиппитигэр Владислав Васильевичка махтал улахана!
Күндү кэллиэгэлэрбитин истиҥник эҕэрдэлиибит! Маладьыастар!» — диэн Раиса Дмитриевна итии-истиҥ эҕэрдэтин тириэртэ.