Сэтинньи 9 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар Горнай улууһун Мыытаах нэһилиэгин Бор оҕо дьиэтэ арыллыбыта 80 сылыгар анаан детдом иитиллээччилэрин ахтыыларыгар уонна сэрии кэмин оҕолорун ыар олохторугар олоҕурбут «Оҕо суола” драма буолла. Биһиги биир дойдулаахпыт, Бэрдьигэстээҕи Оҕо ускуустубатын оскуолатыгар тыйаатыр салаатын преподавателынан, сынньалаҥ киинигэр уус-уран салайааччынан үлэлиир Изабелла Максимова туруорбут историческай драмата бар дьону уйадытта.
Испиктээк кэнниттэн санаатын биһиги биир дойдулаахпыт Венера Колесова — Чаҕылхай үллэһиннэ.
«Оҕо суола» драманы көрөн баран санаабын саһылыы сатаатым. Дууһалыын хараастан олорон, «сэрии ыарахан тыыннааҕын билбэтэх дьоллоох эбиппит мин,«- диэн үөһэ тыынан, салгыны эҕэрийэн уоскуйдум. Харахпар тахсыбыт таммах ууну иэдэспиттэн соттуммахтаан ыллым.
Ол да буоллар, курус санаа сүрэҕим түгэҕэр дириҥник хорҕойон хаалбыт курдук. Бу драма сүнньүгэр баар дьиҥ чахчы бу олоххо буолан ааспыта эбээт. Аҕа дойду сэриитэ саҥа атаҕар туран эрэр Сэбиэскэй былаас эйэлээх, инникигэ эрэллээх олоҕор Гитлеровскай Германия сэрэппэккэ саба түһүүтүнэн, үрүҥ күнү сабардыыр былыттыы соһуччу буолбута. Турар-турбат бука бары биир санаанан, Ийэ дойдуларын көмүскүүргэ туруммуттара. Аас-туор сыллар саҕаламмыттара. Кыайыыны ситиһии туһугар дьон-норуот биир сомоҕо буолан бары түүн-күнүс сынньанары умнан үлэ үөһүгэр түспүттэрэ. Барыта фроҥҥа, кыайыы туһугар анаммыта.
«Оҕо суола» — историческай дириҥ суолталаах драма. Горнай улууһугар Мытаах нэһилиэгэр «Бор» тулаайах хаалбыт оҕолор дьиэлэрэ арыллыбыта 80 сылыгар анаммыт, оччотооҕу сэрии кэминээҕи оҕолор ыар олохторун ахтыыларыгар олоҕуран, биһиги биир дойдулаахпыт Изабелла Александровна Максимова бэйэтэ хомуйан суруйбутун, режиссер быһыытынан туруоран, быйылгы үбүлүөйдээх сылга көрөөччу киэҥ араҥатыгар таһааран, үгүс биһирэбили уонна сыанабылы ылан, нэһилиэк историятын үйэтитиигэ бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрэн, дьон-сэргэ махталларын тиэртилэр.
«Оҕо суола» драма геройдара араас саастаах, Саха сирин бары муннуктарыттан тулаайах хаалбыт оҕолор буолаллар. Бу кыра дьон туохха түбэспиттэрин ситэри өйдөөбөккө да сылдьаллар. Төрөппүттэрэ суохтарын ис туруктара ылыммат. «Ийэээ… ийэээ…» –диэн ытыыр-ынчыктыыр быыһынан ыҥыран ылаллар. Астара кырыымчык «ийэээ… мин аччыктаатыыым…» — дииллэрин истэн киһи уйадыйар. Уонна бурдук бааһынатын хомуурун кэннэ, кутуйах хороонуттан бурдук сиэмэтин булан ытыстарыгар хомуйан аҕалан, лэппиэскэ сыыһын буһартаран өссүнэллэрин туһунан кэпсииллэрэ олус киһини харааһыннарар. Ыар да олоххо олорон ааспыттар эбит ол сыллардааҕы оҕолор…Барахсаттар…
Бу испиктээккэ бэйэтин этинэн-хаанынан барытын билбит, көрбүт киһи, Бор олохтооҕо, 90 саастаах Елизавета Ильинична кэлэн, көрөн-истэн, оччотооҕу сылларын ахтан-санаан ааста. Хоп курдук туттан-хаптан ыйытыыларга хоруйдаабыта. Этэҥҥэ сылдьарыттан мин эмиэ үөрэ көрдүм, иһиттим.
Бэрдьигэстээх оҕо ускуустубатын оскуолатын театральнай кылааһын иитиллээччилэрэ олус талааннаах оҕолор, ис санааларыттан сыалларын-соруктарын чуолкайдык толордулар. Иитээччилэрин кытта истиҥ сыһыаннаах үлэлииллэрэ тута көстөр. Өссө да элбэх саҥаны билэн-көрөн, үүнэ-сайда туралларыгар баҕарабыт.
Биһиги ыраах хотугу дойдубутуттан кийиит буолан кэлэн, балтыбыт кыыс Изабелла Александровна бэйэтин аналын булан, үлэтин сүнньүн ситэн, ситиһиилээхтик айа-тута сылдьарыттан олус астынныбыт, үөрдүбүт. Инникитин да талан ылбыт идэтинэн үлэлээн, бу курдук кэскиллээх ыччаттары талааннарын арыйа турарыгар
баҕарабыт.
Сабыылаах ширма кэнниттэн,
Аргыый сэгэтэн көрдөххө,
Ааспыт олох омоонноро,
Субу баардыы көһүннүлэр.
Сэрии сылын оҕолоро
Туман буолбут олохторо,
Симэлийбит мөссүөннэрэ,
Тута баардыы дьэҥкэрэн…
Олохторун туһунан сыыйа,
Кэпсиир симик куоластара
Ботур-ботур иһилиннэ,
«Ээнийдээбит»тугуттардыы
«Ийээ… Ийэээ.. дэстилэр…
Ынчык курдук ытастылар.
Ыар олохторун туһунан,
Сыыйан кэпсээн бардылар.
Сэрии ыар тыына
Сатыылаабыт сыллара
Сүтүк элбэх …
Аччыктааһын, тула ыарыы,
Тымныы салгын бүрүүкээбит,
Ама да аастар амырыын сыллар
Аны хаһан да дьон олоҕүн ,
Төрүүр оҕо кэскилин
Аймаабаттара буоллар,
Таҥара көмөтүнэн,
Эйэлээх олох эрэ
Чэлгийэ сайыннар бэрт этэ…
Сардаана Копырина