Өбүгэ саҕаттан төрүт дьарыкпыт – таба иитиитэ

Эбээн Бытантай национальнай улууһа тэриллибитэ үбүлүөйдээх 35 сылыгар туһуламмыт, үгэс буолбут Табаһыттар сүлүөттэрэ бу күннэргэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыаҕа. Биһиги улууспут тыа хаһаайыстыбатын үс салаатын тэҥинэн тутан дьарыктанар. Сүрүннээн таба иитиитэ өбүгэ саҕаттан утумнаахтык ыытыллар.

Бу салаа туругун, сүрүн кыһалҕаларын туһунан улууска тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта Лена Бочкареваны кытта кэппсэттибит.

Бастатан туран, биир дойдулаахтарбын, таба иитиитин эйгэтигэр үлэлиир дьоммутун, бары бэтэрээннэри улууспут тэриллибитэ үбүлүөйдээх сылынан  уонна Табаһыттар сүлүөттэринэн итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибин! Сыралаах үлэҕит үтүө түмүктээх буоларыгар, чэгиэн туругу уонна иллээх – эйэлээх олоҕу баҕарабын!

Таба — айылҕа оҕото, үчүгэй көрүүнү – харайыыны, кыһаллыыны ирдиир дьарык. Биһиэхэ барыта 8 таба иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар бааллар. Мантан ородобуой общиналар көрдөрүүлэрэ ордук үчүгэй.  Тохсунньу 1 күнүгэр 12800 таба баар. Бу күннэргэ ахсаан ыытыллар. «Ленинское» МУТ кыра сүтүктээрдээх, бу хаһаайыстыба хоту ыстаадалара ситэ ааҕылла иликтэр. Ол эрэн, куруутун куһаҕан диэбэппит, таба миэбэл буолбатах, биир сиргэ турбат, сүтэр да, адьырҕаттан  өлөр да. Адьырҕа ханна да барбат, кадровай булчут диэн суох, табаһыттар бэйэлэрэ бултууллар. Кинилэри өйүүр туһуттан улуус дьаһалтата куонкурус тэрийбитэ. Ол эбэтэр, бөрөнү өлөрбүт киһиэхэ – 150 л. бэнсиин бириэмийэ , ити курдук хас биирдии адьырҕа төбөтүгэр 150-нуу л. бэнсиин бэриллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ улууска 9 бөрө бултанна.

Төрүөхпүтүн үчүгэйдик ылан, харайан күһүҥҥү ахсааҥҥа үчүгэй көрдөрүүнү ситиһиэхпит диэн,  табаһыттарбытыгар бигэ эрэллээхпин.

Күһүҥҥү ахсааҥҥа табабыт төбөтүн аччаппакка көрдөрдөхпүтүнэ, улуус көмөлөһүөх этэ. 1000 кэриҥэ табаны Булуҥ, Эдьигээн улуустарыгар ыллылар. Биһиэхэ “Хоһуун” ородобуой община 850 табаны, баһылык Егор Колесов Усуйаана Туматыттан үүрэн аҕалла. Сыл аҥара сындылҕаннаах айаны тулуйан, дьаныһан туран, төрүт дьарыгы салҕыыр ыччаппытын өйүүрбүт наадалаах. Табаһыт хамнаһа кыра, орто хамнас төлөбүрүн алын кээмэйин эрэ саҕа, онон билигин табаҕа сыстар эрэ киһи сыстар, арай хамнас үрдүүрэ буоллар таба иитиитигэр ыччат дьоммут ылсыах, үлэлиэх этилэр. «Ленинскэй» МУТ биир ыстаадатыгар  эдэр звеневод ананна, киниэхэ эрэлбит улахан. Табаһыт тэринэрэ элбэх, кыһыҥҥы – сайыҥҥы аһа – таҥаһа, уматык, сапчаас барыта үгүс ороскуоту эрэйэр. «Ленинскэй» МУТ -ка бу барыта бэриллэр, ол да үрдүнэн син биир эбии ылыналлара элбэх буоллаҕа. Бу чааһыгар «Кочевник» ородобуой община, салайааччы Альберт Колесов олох үчүгэйдик дьаһанар. Кини ыстаадаларыгар туох баар усулуобуйаны тэрийэр, барыта  ыччат дьон үлэлииллэр, ол иһин көрдөрүүтэ да үчүгэй буолар. «Турукаан» ородобуой община дьиэ кэргэнинэн, күтүөттэр, оҕолор бары утумнаахтык үлэлииллэр, кэлиҥҥи сылларга кинилэр көрдөрүүлэрэ эмиэ олох үчүгэй. Билигин табаҕа үлэлиир дьон сылайдылар, наар тыа, наар таба, куруутун биир, маны бэрткэ өйдүүбүн. Маннык балаһыанньа табаҕа эрэ буолбатах, ынах сүөһү, сылгы иитиитигэр эмиэ бу кыһалҕа баар.  Мантан сиэттэрэн, оҕону кыра сааһыттан, ыччаттарбытын тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыарар, көҕүлүүр үлэ ыытарбыт наадалаах. Биллэн турар, манна эмиэ үп – харчы сүрүн оруоллаах. Сайыҥҥы өттүгэр оҕолор тахсан улаханнык туһалыыллар. Быйыл да элбэх оҕо тахсарын кэтэһэбит. Уопсайынан, оҕону кыра сааһыттан таба, сылгы, ынах сүөһү иитиитигэр сыһыаран, инникитин кинилэр утумнуур дьарыктара буоларын өйдөтөн, тыабыт хаһаайыстыбата сайдарын ситиһэрбит тоҕоостоох.

Яна РОЖИНА

Читайте дальше