Дьэ, доҕоттоор, «ХАНЫЫ» диэн сахалыы остуол оонньуута атыыга таҕыста

«Ханыы» оонньуу нөҥүө саха омук төрүт дьарыгын, туттар малын-салын үөрэтин уонна оҕо сахалыы тылын-өһүн байытын.


55 карточкаҕа саха омук дьарыгын көрдөрөр туттар мала-сала ойууламмыт. Биэс араас түһүмэхтээх. Аан бастаан тэҥ ойуулары булан көрбүт уонна сөпкө ааттаабыт киһи кыайыы диэки дьулуһар.
Манна саамай сүрүнэ — оонньооччулар хайаан да ойууну сахалыы этиэхтээхтэр. Ким БОЛҔОМТОЛООХ уонна түргэн туттунуулаах кыайыылааҕынан тахсар.


Күндү Сахабыт сирин дьоно, оҕо тылын-өһүн байытар, өбүгэлэрбит дьарыктарын оҕоҕо санатар «ХАНЫЫ» оонньууну оҕолоргутугар, сиэттэргитигэр, чугас дьоҥҥутугар бэлэх уунун.
Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ дьиэ кэргэнинэн оонньоон, оҕоҕо сахалыы тыыны иҥэрин.
«ХАНЫЫ» оонньууга сайаапканы ахсынньы 10 күнүгэр диэри
8 962 730-66-72 (ватсап) нүөмэргэ биэриэххитин сөп

Читайте дальше