Олоҥхо ыллыктарынан айан

Сэтинньи 25 күнэ –Олоҥхо күнэ.

Бу күн 2005 сыллаахха ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. Онтон, 2006 сыл сэтинньи 15 күнүгэр Саха Өреспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнүн быһыытынан биллэриллибитэ. Бу күн чэрчитинэн олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр соруктаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.

«Сэтинньи 26 күнүгэр Дьарҕаалаах орто оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар «Олоҥхо» декадатын чэрчитинэн, «Олонхо ыллыктарынан айан» сэттэ түһүмэхтээх квест-оонньуу  тэриллэн ыытылынна. Оонньууга барыта үс хамаанда күөн көрүстэ. Түмүккэ «Хотойдор» хамаанда кыайыылааҕынан таҕыста, иккис «Урааҥхайдар», үһүс «Мохсоҕоллор» буоллулар.

Оонньууну 5-11 кылаас салайааччылара иилээн-саҕалаан ыыттылар. Бу тэрээһин олус үөрүүлээх, долгутуулаах буолла.

Нөҥүө күн, сэтинньи 27 күнүгэр сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар, олоҥхо баай тылын-өһүн, билиини-көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах «Олоҥхо дьыктаана» аахсыйа нэһилиэнньэҕэ ыытылынна. Оскуола оҕолоро аахсыйаҕа куйаар ситимин нөҥүө кытыннылар. Бу курдук биир ситимнээх куолаан үлэбит оҕо киһи буолан кииллийэн, саха буолан сандааран, өйүн -санаатын сааһылаан, саҥатын-иҥэтин чочуйан, дьарыктаан тахсарыгар олук уурара саарбаҕа суох,» — диэн Дьарҕаалаах орто оскуолатын учуутала Клара Стручкова – Захарова кэпсиир.

 

Читайте дальше