Улуус дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Улуу Кыайыы бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин!
Ыам ыйын 9 күнэ — дойдубут бары олохтоохторугар дириҥ өйдөбүллээх ытык күн. Бу күн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран аан дойдуну өстөөхтөн босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит!
Аан дойду устуоруйатыгар улахан сабыдыаллаах, ыар сүтүктээх, харах уулаах уонна өрөгөй үктэллээх Улуу Кыайыы суолтата норуоттарга Ытык өйдөбүл буолан барыбытын сомоҕолуур. Билигин Арассыыйаҕа төһө да уустук балаһыанньа үөскээтэр, эһэлэрбит холобурдарынан кыайыыга саарбаҕалаабаппыт. Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбыт туох баар кыахтарын ууран, этэҥҥэ төннөн кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Кыайыыны уһансыбыт дьоммут кэриэстэниэхтэрэ, кинилэр хорсун быһыылара хаһан да умнуллуо суоҕа.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
“Эбээн-Бытантай национальнай улууһа“ МТ баһылыга И.Н. Стручков


