«Сокровища Севера» быыстапка – дьаарбаҥка XIX төгүлүн ыытылынна

Бу дьыл муус устар 28-тан  ыам ыйын 3 күнүгэр дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка Аан дойдутааҕы  «Сокровища Севера» быыстапка – дьаарбаҥка XIX төгүлүн ыытылынна.

Манна улуустааҕы култуура салалтатын салайааччыта Степан Слепцов, методист Полина Ефимова, Р.И.Шадрин аатынан Саккырыыр орто оскуолатын үөрэнээччитэ Рая Другина уонна Кустууртан «Мэрлэнкэ” ансаамбыл кытыннылар.

Бу туһунан “Маранга” этнокултуурунай киин идирэктэрэ Розалия Макарова  кэпсээтэ.

  • Арассыыйа маастардарын уонна худуоһунньуктарын быыстапка – дьаарбаҥкатыгар Эбээн Бытантай национальнай улууһун 11 киһилээх дэлэгээссийэтэ үрдүк ситиһиилээхтик кыттан кэллибит. Дьон бары биһирии көрөр аныгылыы тутуулаах «Москва Сити» эргиэн Экспокиинигэр сүрүн тэрээһин буолла. «Сокровища Севера» фестиваль туһунан кылгастык сырдаттахха, Сибиир уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын, төрүт үгэстэрин, фольклорун, төрүт аһын — таҥаһын киэҥ эйгэҕэ сырдатыы, таһаарыы сыаллаах — соруктаах ыытыллар. Манна быйыл, уопсайа 20 регионтан 600 — тэн тахса кытааччы кэлбитэ, Саха сириттэн 30 киһи кытынна. Саха сирин павильонун тэрийээччи «Аборигенка» уопсастыба быыстапка сирин үбүлээн, үлэлэри туруоран сылын аайы кыттар. Уопсастыба салайааччыта Ия Кимовна Герес уонна чилиэнэ СӨ норуотун маастара Антонина Степановна Христофорова олус үчүгэйдик тэрийэннэр, биһиги уопсай зачетнай экспозиция күрэҕэр 2 бочуоттаах миэстэни ылан үөрдүбүт — көттүбүт. Хас биирдии регион тэрээһиҥҥэ олус бэлэмнээхтэрэ көстөр. Саамай элбэх кыттааччы Ямало – Ненецкэй автономнай уокуруктан кэлбиттэр. Уопсайынан, делегация элбэх буолан кэлэллэрэ биһирэнэр уонна бары хайысхаҕа кыттар ордук эбит. Холобур, биһиги Саха сирин регионуттан, чуолаан Эбээн Бытантай улууһуттан күрэх аайы кытынныбыт. Ол курдук, «Кочевье Севера» фестивальга, биирдиилээн аныгылыы уонна фольклор ырыаларыгар Рая Другина (СОО), Ольга Попова, Мария Иванова, Михаил Сотрудников солистара, ансаамбылынан норуот ырыаларыгар «Маранга» ЭКК иһинэн үлэлиир «Ньургуһуннар — Мэрлэнкэ» норуот ансаамбыла (сал. Анжела Горохова) Петр Колесов «Горли, горли” ырыатынан бочуоттаах 1 миэстэни ситистэ. Онтон, театрализованнай күрэххэ эбээннии ыраастаныы үгэһин «Дөлбүргэ» көрдөрөн, анал бирииһинэн наҕараадаланнылар. Арассыыйатааҕы «Кочевье Севера» фестиваль дириэктэрэ  Савченко Мария Викторовна Саха сириттэн, Горнай улууһуттан төрүттээх саха кыыһа биһигини аймахтаһан, ыалдьан, улахан күүс — көмө буолбута. Киниэхэ улахан махталбытын тиэрдэбит.

Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар этническэй национальнай көстүүмнэрин көрүүтүгэр, «Полярный стиль» муода күрэҕэр «Маранга»ЭКК иһинэн үлэлиир «Северные мотивы» куруһуок салайааччыта, олохтоох уран тарбахтаах маастар Ольга Попова, түгэһиир эбээннэрин төрүт оһуордарынан матыыптаах симэхтэрин уопсай дьүүлгэ таһаарда. Манна 6 кыыспыт подиумҥа маастар үлэлэрин көрдөрөн, көмүскээн үчүгэй маастардар кэккэлэригэр киирэн Кубок  хаһаайката буолла. Маны тэҥэ, уопут атастаһыытыгар Ольга Попова көрөөччүлэргэ түөскэ кэтиллэр оҕуруонан харысхал оҥорон маастар — кылаас ыытта. Манна Тываттан уонна Өлөөн улууһуттан сылдьар ыалдьыттарбыт олус көхтөөхтүк кыттаннар, икки күн устата  бэйэлэригэр харысхал оҥостон илии тутуурдаах бардылар. Биир сүрүн хайысханан маастардар быыстапкалара буолар. Манна бааллар араас эгэлгэ оҥоһуктар. Биһиги 5 маастар үлэтин илдьэн туруордубут. Ол курдук,  Саха сирин норуотун маастара Ньургуйаана Колесова эбээннии төрүт (традиционнай), түгэһиирдии матыыптаах таҥаһын кэмпилиэгэ дьон биһирэбилин ылыаҕын ылла. Кини үлэтэ «Сарыыттан национальнай көстүүм» хайысхаҕа 2 миэстэни ылла. Саха сири уус — уран оҥоһуктарын маастара Антонина Слепцова «Текстиль” хайысхаҕа аныгылыы эбээннии баайыы көстүүм кэмпилиэгин туруоран, Лауреат үрдүк аатын ситситэ. «Гарпан»  ЭКК  исписэлииһэ Туйаара Колесова “Национальнай түүттэн оҥоһук” хайысхатыгар игирэ оҕолорго эбээннии кыһыҥҥы кэмпилиэгинэн кыттан, 3 миэстэ буолла. Эдэр маастар Ольга Попова «Оҕуруо” хайысхаҕа Түгэһиир эбээннэрин төрүт оһуордарын матыыптарыгар коллекциятын дьон көрүүтүгэр туруорда. Кини бу үлэтинэн бочуоттаах 2 — с миэстэни ылла.

Биһиги «Северный колорит»  айар түмсүү нөҥүө, путевканан баран кэллибит. Бу айар түмсүү  салайааччыта Обоюкова Варвара Вальеревна кыттар сайаапкаларбытынан үлэлэспитэ уонна маастарбыт Ольга Попова үлэтин «Сокровища Севера» глянцевый каталогар таһааттарарга күүс — көмө буолла. Аан дойдутааҕы таһымнаах «Хилтон» отельга хонон – өрөөн, дуоһуйа сынньанан кэллибит, кэлиэхпититтэн — барыахпытыгар диэри трансферынан илдьэ сырыттылар. Баай байылыат шведскай остуоллаах аһылыктаах, бассейннаах, сауналаах, бары усулуобуйалаах сиргэ сынньаппыттарыгар Варвараҕа уонна Капитонов Карл Алексеевичка (группаны илдьэ сылдьааччы) улахан махталбытын тиэрдэбит. Биһиги бу тэрилтэни кытта үһүс сылын партнердаһан үлэлиибит. Инникитин да улахан бырайыактары ылсан үлэлэһэргэ былаанныыбыт. Кинилэр көмөлөрүнэн хас да фестивальга кыттыыны ылан, үөрүү көтөллөөх кэлбиппит. Бу маннык улахан, киэҥ сирдэринэн барыы — кэлии ороскуотун тус бэйэбит уйунабыт. Биһиги бастатан туран, үлэбитин киэҥ араҥаҕа таһаарыы, сырдатыы уонна биллэн турар, атын дьон үлэлэрин көрөн — истэн уопут ылыы, иҥэринии, бэйэни холонон билии- көрүү буолар. Улууска култуура салайааччылара Слепцов Степан Степанович, исписэлиис Ефимова Полина Пантелеймоновна уонна ЭКК «Маранга» дириэктэрэ Макарова Розалия Николаевна араас хайысханан эппиэтинэс сүгэн, иилээн — саҕалаан илдьэ сырыттылар.

Бар дьоммутугар туһаайабыт, биһиги аҕыйах ахсааннаах эбээн омуга, кыра уһук улуус бэйэбит историябытын, фольклорбутун, култуурабытын киэҥ сирдэринэн таһааран, сырдатан, бэчээккэ таһааттаран баарбытын биллэриэхтээхпит. Иккиһинэн, араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан киһи наһаа сайдар, хатыламмат уопут ылаҕын, үлэҥ инники суолугар улахан сүдү оруоллаах буолар. Үсүһүнэн, кэлэр көлүөнэ бэйэтин омугун сутэрбэтин туһуттан, пропагандалааһын биир сүрүн хайысхата — төрүт култуурабыт буоларын, эмиэ умнуо суохтаахпыт.

Читайте дальше