Оҕо улаатан истэҕин аайы өйө-санаата бөҕөргүүр, сайдар санаата күүһүрэр. Оҕо ийэ кута биэс, алта сааһыгар диэри, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ үөскээн олохсуйар. Субу сибилигин билбитэ, туппута, оҥорбута барыта кини өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы, саҥа билии, оҥоруу буолан ууруллан, өйдөнөн хаалан иһэр. Тугу барытын күнтэн күн саҥалыы билэн, үөрэтэн ону илиитинэн тутан-хабан оҥорон өйө-санаата салгыы сайдан иһэр. Тугу билбитин, сатаабытын хос-хос хатылаан оҥорон истэҕинэ өйүгэр-санаатыгар ол оҥорбута үгэс буолан ийэ кутугар ууруллан, умнуллубат гына өйдөнөн хаалар. Оҕо кыра эрдэҕинэ аан маҥнай туох эмэ туһалааҕы оҥорбутуттан хайҕал дуу, манньа дуу ыллаҕына, ол туһалааҕын элбэхтик оҥорон бэйэтигэр үгэс үөскэтинэрэ түргэтиир. Туох эмэ туһалааҕы оҥоро, тута үөрэнэрэ үгэс буолан иҥэн хааллаҕына үлэһит, үлэни бастаан оҥорор киһи буола улаатар кыахтанар.
Оҕо өйө-санаата сайдыытын уратыларын хас биирдии, оҕотун туһугар дьиҥнээхтик кыһанар төрөппүт билэр уонна олоҕор, оҕолорун иитиигэ быһаччы туһаннаҕына бэрээдэктээх эдэрдэр элбииллэр.
Билиҥҥи үйэҕэ оҕолор сайдалларыгар, араас билиини ылалларыгар туох баар усулуобуйа барыта баар. Оҕолортон билиигэ дьулуур, баҕа эрэ наада.
Эбээн Бытантай улууһа төһө да ыраах, хоту сыттар киин оруойуоннартан хаалсыбакка олох тэтимин устун тэҥҥэ сайдан, хаамсан иһэр.
Биһиги оскуолабытыгар туох, хайдах үлэлэр, тэрээһиннэр ыытыллалларын туһунан Елена Старостина, Саккырыыр оскуолатын тэрийэр үлэҕэ педагог кэпсиир.
— Биһиги оскуолабыт иһинэн “Осикат” оҕо бэйэни салайыныытын түмсүүтэ, “Юные пионеры” уонна “Эколята” волонтердар хамсааһыннара, ону таһынан кыргыттарга ВПК “Катюша” этэрээттэрэ үлэлииллэр. Ааспыт сылтан “РДДМ”- Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһына киирбитэ, бу эрдэ РДШ-Российское движение детей диэн этэ.
Онон, эдэр ыччаттарбытын ыҥыран, төгүрүк остуол тула тэҥҥэ үлэлэһэргэ кэпсэппиппит .
Бастыҥнар хамсааһыннарыгар киирэргэ оҕолор, эдэр ыччат анал саайтка регистрация ааһаллара наадалаах. Ыччат дьоммут бэйэлэрэ тугунан дьарыктаналларынан, холобура уруһуйдаатыннар, научнай үлэ да ыыттыннар, бырайыактары оҥордуннар, бэйэлэригэр барсары, сөбүлүүллэрин талан баран оскуола оҕотун кытта куонкурустарга, күрэстэргэ кыттыахтарын сөп. Бу ыччакка үөрэҕэр, үлэтигэр туһалаах буолар, махтал, туоһу суруктар кыттыыны ылбыт дьон тус ааттарыгар буолар. Бу олус суолталаах.
Холобур, быйыл 11 кылааһы бүтэрээччилэр, кылаас салайааччыта Елена Михайлова, “Эколята” диэн хамсааһын тэринэннэр, сүрдээх таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Бу оҕолор оскуолаҕа үөрэнэллэрин устата элбэх үлэни оҥорбуттара, араас бырайыактардаахтар. Кинилэр үлэлэрин 8 “Б” кылаастарга салҕыы хааллардылар, сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар.
Маны таһынан, “Юные пионеры” диэн, Надежда Рожионова салайар оҕолоро бааллар. Кинилэр билиҥиҥилии эттэххэ волонтердар, урукку пионердар курдук санаанан салайтаран үлэлэрин ыыталлар. Кинилэр эмиэ оскуолаларын бүтэрэн, кыра кылаастарга үлэлэрин, уопуттарын хааллардылар.
“Уямкан” этибит, бу хамсааһыммытын сөргүтэр былааннаахпыт. Билиҥҥи кэмҥэ кыргыттарга“Катюша” байыаннай-патриотическай кулууптаахпыт, бэйэм салайабын. Бу этэрээттэр бары тус-туһунан былааннаах үлэлииллэр.
Биһиги Бастакылар хамсааһыннарын кытта бастакы көрсүһүүбүтүгэр эдэр ыччаты оскуолаҕа ыҥырбыппыт. Маннык көрсүһүү ыччаттарбыт оскуолаҕа үөрэммит сылларын санаан, кэнсиэр туруорбуппут, онон истиҥ быһыыга буолан ааспыта. Манна хамсааһыннар бары ханнык хайысханы тутуһан үлэлииллэрин туһунан бэйэлэрин билиһиннэрбиттэрэ. Тэрээһиммит иккис чааһыгар бары бииргэ бырайыак толкуйдаабыппыт, манна ыччаты салҕыы үлэлэрэ үчүгэйдик бардын диэн, этэрээттэринэн араартаабытым. Ыччат дьоммут үлэлэһиэххэ сөп эбит, диэн бэрткэ сэҥээрбиттэрэ.
Ол курдук,ыччат дьоммутун кытары бииргэ элбэх араас тэрээһиннэри, аахсыйалары ыыппыппыт. Холобур, «Георгиевская ленточка” уонна да атын аахсыйаларга бииргэ үлэлэспиппит.
Быйыл эдэр ыччаттар сылын аайы оскуола оҕолоругар анаан ыытыллар “Зарница” күрэҕин тэрийээһиҥҥэ улахан күүс-көмө буоллулар, араас тургутуулары бэйэлэрэ оҥороннор, суудьуйа састаабын тэринэннэр, улахан төһүү көмө буолбуттара. Кинилэргэ түгэнинэн туһанан, улаханнык махатанабын.
Маны тэҥэ, куоракка үөрэнэ сылдьар оҕолорбут эмиэ сүрдээҕин көмөлөһөллөр. Холобур, Эльза Горохова оскуола Бэрэсидьиэнэ этэ. Кини билигин Бастакылар хамсааһыннарын оҕолорбун кытта үлэлэһэр. Оҕолор кэллэхтэринэ-бардахтарына барытын ыйан-кэрдэн, тугун-ханныгын быһааран биэрэр, оҕо туохха эрэ кыттыыны ыла сылдьар кэмигэр хаартыскаҕа түһэрэр, регистрацияларын ааһарга көмөлөһөн элбэх үлэни ыытар.
Онлайн күрэхтэргэ элбэх кыттыыны ылбыппыт. Улахан ситиһиибит диэн, кейс-чемпионатка бочуоттаах 3 миэстэ буолбуппут. Бу ситиһиибитинэн, бэс ыйын 1 күнүгэр бэстибээлгэ кыттарга ыҥырыы туппуппут. Бу улахан таһымнаах тэрээһиҥҥэ оҕолорбут баран кыттан, үөрэн – көтөн, астынан кэлбиттэрэ.
Быйыл саас куораттан Бастакылар хамсааһыннарын эрэгийиэннээҕи салаатын исписэлиистэрэ кэлэ сылдьыбыттара, араас элбэх маастар — кылаастары, тэрээһиннэри ыыппыттара. Улуустааҕы көхтөөхтөр слеттара үгүс ыччаты, оҕону түмпүтэ.
Араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттыыны ыларбытыгар биһиэхэ интернет сибээһэ мөлтөҕө харгыстары үөскэтэр. Манна Бастакылар хамсааһыннарын исписэлиистэрэ Евдокия Гутовская уонна Екатерина Николаева улахан күүс-көмө буолаллар. Кинилэргэ муҥура суох махталбын тиэрдэбин, кинилэрэ көмөлөрө суох, биһиги элбэҕи билбэккэ хаалыа этибит.
Көхтөөх оҕолорбор үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабын! Оскуолаҕа саҕаттан көхтөөх оҕо, устудьуоннуур да кэмэ үчүгэйдик, барытыгар ситиһиилээхтик ааһыаҕа. Онон кытаатыҥ, иннигит хоту, туохтан да толлубакка харса суох кимэннии кимэн иһиҥ, элбэх ситиһиилэниҥ!”