Аҕа көлүөнэ уонна кэнчээри ыччат быстыбат ситиминэн

Аҕам саастаах дьон декадатын сүнньүнэн оҕо аймах спортивнай оскуолатыгар хабылыкка, хаамыскаҕа, дуобакка, саахымакка остуол оонньуулара буоллулар.

Өбүгэ оонньууларын саҕалыах иннинэ үөрүүлээх чааска оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Мария Афанасьева кэнчээри ыччакка Аҕам саастаах дьон аан дойдутааҕы күнүн устуоруйатын туһунан сырдатта. Бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Семен Андросов тэрээһиҥҥэ мустубут дьоһун дьоммутун, үөлээннээхтэрин итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ.

Дойдубут, Сахабыт сирин өрөгөй ырыатын доҕуһуолунан модун Арассыыйа былааҕа үөһээ күөрэйэн оонньуулар саҕаланнылар.

Айылҕа суруллубатах сокуонунан күн-түүн кырдьаҕастарбыт барахсаттар өбүгэлэрин сирдэригэр күрэнэн, кэккэлэрэ чарааһаан иһэр. Бу күн эдэрдии эрчимнэрин сүтэрбэтэх, эппиккэ дылы, сүрэх баҕатын сүһүөх уйарынан сылдьар ытык дьоммут кэлэннэр, өссө да истэригэр «буорахтаахтарын” көрдөрдүлэр! Кинилэргэ оскуола оҕолоро – 5 «а” кылаас үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта Прасковья Слепцова кэлэннэр, эһээлэрин, эбээлэрин кытта оонньоон күрэҕи киэргэттилэр.

Күрэх аата күрэх. Онон, өй-мэйии оонньууларын түмүгүнэн кыайыылаахтар ааттара дорҕоонноохтук ааттанна.

Ол курдук, кэрэ аҥардар ортолоругар дуобакка:

1 миэстэ – Анна Романовна Никитина;

2 миэстэ – Елена Львовна Горохова;

3 миэстэ – Елизавета Егоровна Старостина.

Эр дьон ортолоругар дуобакка:

1 миэстэ – Михаил Семенович Кириллин;

2 миэстэ – Арчылан Горохов, 5 кылаас;

3 миэстэ – Семен Семенович Андросов.

Хабылыкка:

1 миэстэ – Елена Львовна Горохова;

2 миэстэ – Анна Романовна Никитина;

3 миэстэ – Мария Афанасьевна Готовцева.

Хаамыскаҕа:

1 миэстэ – Елена Львовна Горохова;

2 миэстэ – Анна Романовна Никитина;

3 миэстэ – Елизавета Егоровна Старостина.

Саахымакка эр дьоҥҥо:

1 миэстэ – Михаил Семенович Кириллин;

2 миэстэ – Павел Дмитриевич Абрамов.

Саахымакка кыргыттарга:

1 миэстэ – Каталина Слепцова;

2 миэстэ – Сандаара Другина.

Өбүгэлэрбит оонньууларын түмүгүнэн аҕа көлүөнэ дьоммут уонна кэнчээрилэрбит сэмэй бириис тутан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах үөрэн-көтөн, астынан тарҕастылар.

Сардаана Копырина

Читайте дальше