Кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү түстүүр сырдык аналынан

Кыыс Амма улууһуттан төрүттээх, Эбээн-Бытантай улууһун Дьарҕаалаах нэһилиэгин иккис дойду оҥостон олорор Людмила Григорьевна Старостина быйыл 85 сааһыгар үктэннэ. Кини 40 сыл устата оҕо уһуйааныгар араас дуоһунастарга үтүө суобастаахтык үлэлээн баран, кэлин биэнсийэҕэ тахсан баран дьиэҕэ таах олорбот, эдэр сааһыттан сөбүлүүр дьарыгынан -ииһинэн утумнаахтык дьарыктанар.

Людмила Григорьевна сылааһынан илгийэр алаһа дьиэтин иһигэр киирдэххэ, бэйэтинэн музей кэриэтэ. Араас хоруоҥканан оҥоһуктар, хартыыналар, ойуу-дьарҕаа тэриллэр холумтанын иһин киэргэтэллэр. Илии сылааһа иҥпит оҥоһуктара хайдах эрэ сылаас тыыннаахтар, истиҥ эйгэлээхтэр.

Үлэ киһини киэргэтэр, онтон кыраһыабай ускуустуба уһун, чэбдик үйэлиир дииллэринии, алта оҕо күн күбэй ийэтэ, элбэх сиэн элэккэй эбээтэ билигин да тэтиэнэх, өйө-санаата Бытантай эбэбит уутун курдук дьэҥки. 

“Мин Амма улууһугар 1939 сыллаахха алтынньы ый 13 күнүгэр күн сирин көрбүтүим. Бииргэ төрөөбүттэр ахсыабыт этэ. Биһигини соҕотох ийэбит ииппитэ.

1957 сыллаахха комсомольскай путевканан Саккырыыр оройуонугар кэлбитим. Онно кэлэрбитигэр 17 этибит, Дьарҕаалаахха 6 киһи, Кустуурга 9, Сэбээн Күөлгэ 2 киһи кэлбитэ. Ол кэлбит ыччаттартан билигин мин соҕотоҕун эрэ баарбын. Сорохтор айылҕа суруллубатах сокуонунан өбүгэлэрин дойдуларыгар барбыттара, сорохтор төттөрү көспүттэрэ.

Бэйэм Саккырыыр оройуонугар бастаан кэлэн бараммын балыыһаҕа биир ый курдук санитаркалаабытым. Онтон ыал буолан, саһылга, кырсаҕа кэргэмминээн үлэлии барбыппыт, иккиэн үчүгэй баҕайытык кырсаны ииппиппит. Онтон кырсалар ыалдьан өлбүттэрин кэннэ Кустуурга баран  биир сыл үлэлээбиппит, олорбуппут. Онтон кэргэним ыалдьыбытыгар мин манна дойдубар улахан кыыспын кытта көһөн кэлбитим. Оччолорго кыыһым икки сааһыгар үктэммит оҕо этэ. Кэлэн баран уһуйааҥҥа үлэҕэ киирбитим. Бастаан ньээнкэлээбитим, онтон асчыттаабытым, ол быыһыгар сэбиэдиссэйи куруук солбуйар этим, онтон завхозтаабытым. Уһуйааҥҥа барыта 40 сыл үлэлээтим. Салгыы биэнсийэҕэ тахсыбытым.

Бэйэм 6 оҕолоохпун, 4 кыыстаахпын, 2 уоллаахпын. Биир уолум Чечня сэриитигэр икки ый сылдьыбыта, ол кэлэн баран өлбүтэ. СГУ-га үөрэнэ сылдьыбыта, иккис куурус этэ. Милииссийэҕэ үлэлии сылдьан өлөөхтөөбүтэ. 4 кыыһым төрдүөн бэйэлэригэр сөп үрдүк үөрэхтээхтэр. Улахан уолум Саккырыырга олорор, Вася диэн, билигин суоппардыыр, мас тиэйэр. Улахан кыыһым биэнсийэлээх. Биир кыыһым Дьокуускайга тренердиир, манна оскуола дириэктэринэн үс сыл үлэлээбитэ. Онтон салгыы СГУ-га үлэлээбитэ. Киристииэнэм асчыт, эмиэ учууталынан үлэлээбитэ,» — диэн Людмила Григорьевна сахалыы сэмэйдик олоҕун, оҕолорун туһунан кэпсиир. 

Дьоһун сааһыгар үктэммит эбээ олоҕун устатын тухары тыйыс хотугу дойдуну, кини ыарахан усулуобуйатын аахсыбакка үлэлээн-хамсаан, оҕолорун төлкөлөрүн түөрэхтээбит Дьарҕаалааҕын иккис дьиэтинэн ааҕан, ньир-бааччы олорор. Нэһилиэк олохтоохторо кинини убаастаан, ытыктаан, ийэлии сылаастык сыһыаннаһаллар. Людмида Григорьевна ис иһиттэн сылааһынан, сырдыгынан сыдьаайа сылдьар эбээ буолан, дьону, ыччаты бэйэтин тула түмэ тардар, олоххо-дьаһахха актыыбынай сыһыаннаах буолан араас мунньахтарга, тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Иллэҥ кэмигэр сөбүлүүр дьарыгынан дьарыктанан кэлин куонкуруска кыттан бастакы миэстэни ылбытын туһунан үөрэ-көтө кэпсиир.  

«Мин уруккуттан быысапкалыыр этим. Барыта наар илиибинэн тигэбин. Куруук быысапкалаа да быысапкалаа буолар этим, онтон хайатын быысапкалыахпыный диэн бараммын хоруоҥканан дьарыктанан киирэн барбытым. Аны иистэннэхпинэ тохтоло суох иистэнэбин. Харахпын хайа тардаат, саҥа күнүм иистэн саҕаланар. Эдэр эрдэхпинэ, урут таҥас-сап суох эрдэҕинэ оҕолорго сиидэһинэн ыстаан, ырбаахы тигэрбит.

Ардыгар дьон сакаас биэрэр, ону атыылыыбын. Баһылыктар оҥоһуктарбын куонкурустарга ыыт дииллэр этэ. Ону үлэлэрим сүтэн хаалыахтара диэн ыыппат этим. Онтон икки сыллааҕыта биирдэ үлэлэрбин ыыппытым, онно бастакы миэстэ буолбутум. Телевизор биэрбиттэрэ. Онтон быйыл эмиэ кыттаары гыммытым, ону биэс сыл буолан баран диэн киритиэрийэлээх үһү, ол иһин кыттыбатаҕым», — диэн Людмила Григорьевна сөбүлүүр дьарыгын туһунан сэргэхтик кэпсиир.

Кыыс Амма улууһуттан кэлэн, Эбээн-Бытантайы иккис дойду оҥостубут Людмила Григорьевна сиэрдээх олоҕо, үтүө суобастаах үлэтэ эдэр дьоҥҥо холобур буолар. Кэрэ дууһалаах, сырдык санаалаах эбээбитигэр уһун, чэбдик олоҕу баҕарабыт.

Сардаана Копырина

Хартыыскаҕа түһэрдэ: Ньургун Боярский

Читайте дальше