Эбээн-Бытантай улууһун дьаһалтатын ыччат бэлиитикэтигэр исписэлииһэ Григорий Петухов элбэх оҕолоох эдэр ыалларга Наталья, Василий Колесовтарга уонна Туяра, Алексей Юмшановтарга күһүҥҥү эмис кустары бэлэх уунан соһутта, үөртэ.
«Мин бэйэм, омуннаан эттэххэ, кус диэн баран «муннукка ытаабыт» киһибин. Кус сезонун көтүппэккэ ийэ айылҕаҕа сылдьан сылын аайы бултанабын. Саха да, эбээн да омук сиэринэн, булчут киһи Байанайын бэлэҕиттэн дьонугар-сэргэтигэр бэрсэр, күндүлүүр үтүө үгэстээх. Ол сиэринэн номнуо иккис сылбын нэһилиэк элбэх оҕолоох уонна аҕам саастаах ытык кырдьаҕастарыгар айылҕам бэрсибит булдуттан өлүүлээн бэлэхтиибин. Холобур, бу саас Түгэһиир нэһилиэгин саамай кырдьаҕас олохтооҕор Мария Семеновна Сотрудниковаҕа бэрсэн турабын. Ити курдук өбүгэбит үтүө үгэһин сөргүтэн сылын аайы бар дьоммун күндүлүүбүн,» — диэн Григорий кэпсээтэ.