Үлэбитин саас сааһынан былааннаан ыытабыт, хас биирдиититтэн үтүө түмүгү эрэйэбит

 

2003 сылтан Арассыыйаҕа олохтоох салайыныы киирэн улуустар, нэһилиэктэр хас биирдиилэрэ муниципальнай тэриллии буолбуттара. Муус устар 21 к. – Олохтоох салайыныы күнүнэн биллэриллибитэ.

Тыа сирин биир кэлим сайдыыта, нэһилиэнньэ уйгулаах олоҕо олохтоох дьаһалталар үлэлэринэн саҕыллар.

Түгэһииргэ 2440 киһи баара сурулла сылдьарыттан, чахчы олороро 1500. Мантан 723 оҕо, 385 дьиэ кэргэн, 483 дьиэ  баар. Нэһилиэкпит сайдыылаах, тупсаҕай буоларын олохтоохтор бары да бэрткэ баҕарабыт.

Олохтоох дьаһалтаҕа күннэтэ бу туһугар үлэ – хамнас тиһиктээхтик ыытыллар. Дьаһалта үлэтэ бүтэн биэрбэт түбүктээҕин бары бэрткэ өйдүүбүт. Түгэһиир дьаһалтатын кэлэктиибэ күн бүгүн үлэ үөһүгэр сылдьар, нэһилиэнньэ олоҕун тупсарар туһугар үлэлиир-хамсыыр.

Бу туһунан баһылык Сергей Аликовы кытта кэпсэттибит.

  • Сыл маҥнайгы кыбаарталын этэҥҥэ түмүктээтибит, кыстык суол сабыллан, аны сааскы сайыҥҥы үлэлэри былааннаахтык ыытабыт. Бу күннэргэ нэһилиэкпит генеральнай былаана бигэргэтиллибитин туһунан быһаарыы субу кэллэ. Бөһүөлэкпит үөһээ уонна аллараа диэки өттүгэр улаатта. Онон, сир учаастактара ити диэки бэриллиэхтэрэ. Элбэх социальнай эбийиэктэр сирдэрэ уларыйда.

Үгэс быһыытынан сылын аайы соҕотох төрөппүттэргэ, элбэх оҕолоохторго  уо.да.  куорат сыанатынан тутуу матырыйаалын сайаапканан босхо тиэйэн аҕалабыт. Баҕалаах олус элбэх, онон кээмэйбит сыл аайы улаатар. Анал дьайыыга сылдьар байыастарбыт дьонноругар быйыл тутуу матырыйаалын таһынан бородуукта тиэйдибит. Бу дьоммутун кыалларынан өйүү сатыыбыт. Муус, мас түһэрэбит, быйыл 20 ыалга мас түһэрдибит, уһуйааҥҥа оҕолорун таһалларыгар  диэн уматыгынан хааччыйабыт, күннээҕинэн көмөлөһөбүт. Эр киһи күүстээх көмөтө, дьаһала  суох хоту сиргэ ыарахан. Түһэрбит маспытын Аҕа сүбэтэ түмсүү хайыта сылдьаллар. Нэһилиэнньэттэн күн аайы араас ыйытыктар, көрдөһүүлэр киирэллэр. Биллэн турар, киһи дьаһалтаҕа кыһалҕатын үллэстэр. Ол курдук, сыл саҕаланыаҕыттан 13 сайабылыанньаны көрдүбүт. Суһаллаахтары тутатына быһаарабыт.

Сайыҥҥы үлэлэрбитин сырдаттахха, былырыын олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа кыттан 2 бырайыакпыт кыайбыта, Портовская уул. сырдатыыта уонна ыты быстах кэмҥэ тутуу пуун. Маны тэҥэ, Кыайыыбыт болуоссатыгар улахан үлэ ыытыллар. 60 кв.м. тротуарнай билиитэ ыллыбыт, мантыбытын таҥана тэлгиэхпит.

“Гарпан” этнокултуурунай кииммитигэр улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллыаҕа. Бары билэбит, култуурабыт дьиэтэ хайдах курдук тымныытын. Энергосервиснай хампаанньаны кытта хантараак түһэрсэргэ үлэлэспиппит да, ороскуота аһары улаханыттан, ыраахпытыттан аккаастаабыттара. Онон,бэйэбит күүспүтүнэн үлэлиэхпит диэн былааннаабыппыт.  Манна ититии үлэтэ ыытыллыаҕа, барыта 1,5 мөл.солк. кэриҥэ көрбүппүт. Бастатан туран, муостатыттан саҕалыахпыт, кырыыһатыгар полинор диэн утеплитель ылбыппыт, ити курдук сылын аайы саҥардан, тупсаран иһиэхпит диэн былаанныыбыт. Барытын биирдэ кыайа тутар, биллэн турар үбүлээһинтэн иҥнэн кыаллыбат. Бэдэрээччик баар, кэлэр нэдиэлэттэн үлэ саҕаланар.

Бэкээринэбитин өрөмүөннээн үлэтин сөргүтүөхпүт. Суолларбытыгар үлэ салҕанан барыаҕа.

Бу кыһын исписэлиис ыҥыран үлэлэппиппит түмүгүнэн  6 элбэх кыбартыыралаах дьиэ хаарбах туруктаах диэн бигэргэннэ. Өрөспүүбүлүкэ реестрыгар киллэттэрдибит, салҕыы “Переселение из аварийного и   ветхого жилья” бырагыраамаҕа киллэрэллэрин ситиһиэхтээхпит, ол кэннэ бу чэрчитинэн дьиэлэр тутуллуохтара. Владимир Путин бырагырааманы 2030 сылга диэри уһаппыта биһиэхэ тоҕоостоох. Бу бырагыраама чэрчитинэн  хаарбах дьиэлээхтэр харчынан толуйууну ылыахтарын, биитэр атын сиргэ олорор дьиэнэн хааччыллыыны туһаныахтарын сөп. Маннык баҕалаахтар биһиэхэ кэлэн билсиҥ, сайабылыанньаҕытын суруйуҥ.

«Ойгидо»  түөлбэ кыһалҕатыгар Виталий Чикачев бырабыыталастыба бөлөҕөр киирэн кэлэ сырыттаҕына эмиэ ырыппыппыт. Боротокуолга киллэттэрдибит. Бырайыактыыр -симиэтэлир докумуоҥҥа 20 мөл.солк. ирдэнэр, бу үбү өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрөллөрүгэр Виталий Семеновичтыын сүбэлэстибит, ГУП ОДьКХ сорук туруордубут. Хочуолунай «Ыраас уу» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн  тутарга үлэ ыытыллар. Онтон, хочуолунай тутуллуор диэри түөлбэ олохтоохторо мас ороскуотун толуйуутун МФЦ нөҥүө ыйыталаһан туһаныахтарын сөп.

“Ситим” МАУ арыллыбыта, салайааччынан Дмитрий Нохсоров ананан үлэлиир. Кинилэр туох баар бөһүөлэк иһинээҕи хаһаайыстыбаннай үлэлэри ыыталлар, тиэхиньикитэ барыта баар. Мантан саас халаан, хаар уутун ыытыахтара, тротуардары ыраастаатылар. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрбитигэр электрика, сантехника уо.д.а. өттүн барытын, бу тэрилтэ көрөр – истэр. Нэһилиэнньэ сайаапкатынан эмиэ кинилэр үлэлиэхтэрэ. Хомойуох иһин, үлэһит илии тиийбэт, барыта төлөбүрдээх, ол үрдүнэн үлэҕэ наадыйааччы суоҕа хомолтолоох.

Сахабыт сиригэр Оҕо саас, дойдуга Дьиэ кэргэн сылларынан кыра да буоллар, кыалларынан үп көрбүппүт, 240 тыһ.солк. соторутааҕыта эдэр бөҕөстөрбүт Благовещенскайга баран күрэхтэстилэр. Кинилэр айаннарын ороскуотугар көмөлөстүбүт.

Кэлэр нэдиэлэҕэ “Аҕа күрэҕэ” буолуоҕа.

Сити курдук, үлэбитин саас сааһынан былааннаан ыытабыт, хас биирдиититтэн үтүө түмүгү эрэйэбит.

Айсен Николаев, Ил Дархан: Хас биирдии улуус, нэһилиэк сайдар стратегиялаах буолуохтаах. Ол стратегиялара Саха сирин бүттүүнүн былаанын кытары дьүөрэлэһиэхтээх. Улуустар бары инникитин хайдах сайдыахтарын, ханнык хайысханы тутуһалларын барытын ааҕа билэллэр, чуолкай өйдүүллэр. Стратегия диэн, биир күннээх эрэ былаан буолбатах. Бу – баһылык, дьокутаат күннээҕи үлэтин сирдэтинэр, сарсыҥҥы былаанын торумнуур, өйүүҥҥү сыалын туруорунар докумуона. Бу манна суруллубут хайаатар да туолуохтаах. Ол иһин стратегия олоххо чугас буолуохтаах.

 

Читайте дальше