Оҕо сааҺым ойуоккалаан,
Саспыт эбит
Сибэкки оҺуордаах Саккырыырым систэригэр,
Күөх хонуулаах Алыыбар,
Сүүрүктээх үрүйэлэрбэр,
Үрдүк очуос хайаларбар,
Дьэрэкээн өҥнөөх дьүкээбилбэр.
Дойдум дьонун мичээригэр.
Саспыт эбит оҕо сааҺым
СибиэҺэй салгыннаах тыаларбар
Иэдэстэрбин имэрийэр
Сөрүүн тыаллаах кырдалларбар.
Саспыт эбит,
Ааспат ахтылҕаннаах
Дьоллоох оҕо сааҺым сыллара…
Махтанабын
#айармуннук
Лари-Айаана
Бэс ыйа 7 күнэ,
2026 с.


