Ааспыт субуота күн бөһүөлэктэн 500 миэтирэ чугас Илин Хотон диэн сиргэ кырдьаҕас икки ынах сүөһүнү тутан нэһилиэнньэ ортотугар айманыыны таһаарда. Бу туһунан нэһилиэк дьаһалтатын исписэлииһэ Михаил Боярский сырдатар.
“Ааспыт нэдиэлэҕэ, субуота күн киэһэ 7 чаас саҕана ынахтар өлүктэрин буллубут диэн биһиэхэ биллэрбиттэрэ. Илин Хотон диэн сир аттыгар Нал диэн сүөһүлэр уулуур сирдэригэр тыатааҕыны дьон көрөрүн көрбөтөхтөр, ол эрэн чааһынай сүөһүлээх дьон икки ынахтарын тутан сиэбит, биир улахан ынах, биир торбос. Кырдьаҕас сүөһүлэри тутан, истэрин хостотолоон баран, ууга кистээн кэбиспит.
Биһиги СӨ Экология министиэристибэтигэр нэһилиэкпитигэр маннык быһылаан таҕыста, тыатааҕыны бултуурга көҥүл биэриҥ диэн сурук суруйан ыыппыппыт. Ол түмүгэр сөбүлэҥ тутаммыт, сүөһүлэри кистээбит сиригэр төттөрү кэлэрэ буолуо диэн хапкаан иитэн баран маныы сылдьаллар,» — диэн Михаил Гаврильевич кэпсээтэ.
Билигин сир аһа ситэн, от үлэтэ саҕаланан, балыктааһын кэмин үгэнэ буолан, тыа дьоно барахсаттар ойууртан арахпат буоллубут. Ону сэргэ чугас эргин тыатааҕы суолларын олохтоохтор дөрүҥ-дөрүҥ көрөбүт. Онон, ойуурга сынньана тахсар дьон сэрэхтээх буоларгытыгар ыҥырабыт.
Сардаана Копырина


