Ммм… Сып- сымнаҕас сыалаах саха сылгытын этин, силии курдук ньылбырыйан айахха ууллар таба быарын, Бытантай үрэх алмаас таас курдук ыраас уутун ураты амтаннаах дьарҕаатын саҕа минньигэс туох кэлиэй?
Суши, пицца диэн тугуй? Дьиҥ минньигэс ас — бэйэбит түөлбэбит аһа эбээт!