Үйэлээх таас оҥоһуктар улууспут олоҕун көрдөрөллөр

Эбээн-Бытантай улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сылынан уонна улуус тэриллибитэ 35 сыллаах үбүлүөйүнэн Түгэһиир нэһилиэгэр саха оҕуһугар таас бэлиэ аттыгар саха сылгытын уонна туундара маанылаах кыылын – табаны бэрт кылгас кэм иһигэр чочуйан оҥордулар.
Бырайыак ааптара, Арассыыйа худуоһунньуктарын союһун чилиэнэ, норуот маастара, СӨ култууратын туйгуна Алексей Андреев бу туһунан сиһилии кэпсээтэ.

“Миигин кытта И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж преподавателэ Григорий Максимов үлэлээтэ. Скульптуралар сүрүн матырыйаала – железобетон. Кыыллары араас матырыйааллартан (мамонт муоһуттан, муустан, мастан, бетонтан) оҥоро үөрүйэх буоламмын бэйэм эскизтиибин, толкуйдуубун.

Биһиги итинник үлэнэн дьарыктаммыппыт 10-ча сыл буолан эрэр. Верхоянскай улууһугар Баатаҕайга мамонт, гостиница аттыгар Киһилээх хайаларын, Остуолбаҕа аты, Адыаччыга киирэр сиргэ Зоргелия, Кэбээйигэ саха оҕуһун, Дьокуускайга “Емеян” атыы-эргиэн киинин аттыгар аттаах Боотуру, Томпоҕо бултуур баасаҕа чубукуну, Төҥүлүгэ таһаҕас тиэйэр айанньыттар скульптураларын уонна араас сирдэргэ биллиилээх дьоннор пааматынньыктарын, бюстарын оҥорбуппут.

Саккырыырга аан маҥнай тиийдибит. Дьонун-сэргэтин, айылҕатын астынныбыт. Бириэмэ кырыымчык буолан бөһүөлэктэн ырааппатыбыт. Табаарыстарбыт Мир Слепцов уонна Вася Горохов өйөбүл бөҕө буоллулар. Улуус дьаһалтата кыһаллан үлэбит суххайдык барда, күн-дьыл да туран биэрдэ. Дьаһалта олбуордаах дьиэ булан биэрэн үлэбитин сарсыарда 6-7 чаастан саҕалаан киэһэ 11-12 ч. дылы быстыбакка үлэлээтибит.

Бу оҥоһуктары улуускут 35 сыллаах үбүлүөйүнэн уонна Тыа хаһаайыстыбатын сылын биллэрбиттэринэн улуус дьаһалтата сакаастаабыта,” – диэн Алексей Васильевич кэпсээтэ.

Эбээн-Бытантай улууһугар сахалар, эбээннэр түөлбэлээн олорор сирбитигэр талба талааннаах саха маастардара Алексей Андреев, Григорий Максимов кэлэннэр, үҥэр-сүктэр айылҕабыт мааны кыылларыгар мэҥэ бэлиэлэри айан-чочуйан таһааран үйэлэргэ хааллардылар.

Сардаана Копырина

Читайте дальше