Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар сүрүн болҕомто ууруллар. Бу эйгэни өйүүр араас бырагыраамалар, барыллар үлэҕэ киирэннэр, ылсыан баҕалаах күннэтэ элбиирэ үөрдэр.

Эбээн Бытантай национальнай улууһа сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. Таба, сылгы, аар саарга аатырбыт саха сүөһүтүн иитиитэ сүрүн төрүт дьарык быһыытынан олохсуйбута. Кэккэ сылларга өрөспүүбүлүкэ, дойду салалтата тыа сирэ кэлимник сайдыытыгар туһулаабыт бырагыраамалара бигэтик киирэллэр. Араас бэрээдэгинэн сылгы, ынах сүөһү, таба иитэр дьоҥҥо дьоһун өйөбүллэр көрүллэллэр. Ол эрэн, судаарыстыба өйөбүлэ чопчу харданы эрэйэрэ чахчы. Ол эбэтэр, судаарыстыба өйөбүлүн ыллыҥ да, судаарыстыба туруорар соругун, ирдэбилин булгуччу толоруохтааххын. Хонтуруол кытаанах.

Биһиги улууспутугар бүгүҥҥү күҥҥэ таба ахсаана 12800, сылгы 1418, ынах сүөһү 733 төбө баар. «Саха сүөһүтэ» генофондаҕа хааһына тэрилтэтэ, МУТ «Ленинское», ородобуой общиналар, крестьянскай уонна тус кэтэх хаһаайыстыбалар дьарыктаналлар.

Өйөбүллэри туһаныы хайдах ыытылларый?

Улуус баһылыга Иннокентий Стручков:  Ааспыт ыйга биһиэхэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин үпкэ министиэристибэтэ былааннаммыт камеральнай бэрэбиэркэтэ түмүктэммитэ. Бу бэрэбиэркэ 2022-2023 сыллары көрбүтэ. Маннык бэрэбиэркэ 2 сыл быысалаһан ыытыллар, судаарыстыба үбүн сөпкө туһаныытын хонтуруоллуурга чопчуланар. Хомойуох иһин, бэрэбиэркэ түмүктэрэ соччото суох көрдөрүүлэрдээх. Ол курдук, сүөһү иитиитигэр көрүллэр өйөбүллэри ылбыт тэрилтэлэргэ, дьоҥҥо иэстэр бааллара билиннэ. Ол эбэтэр, үбү туһаныы сыала суох ыытыллыбыт, отчуот суох. Аҥардас «Ленинское” МУТ -ка 2022 сыл түмүгүнэн – 3 969 524,21 солк., 2023 сылга – 2 395 062,40 солк. иэс ыйанна. “Арктика” СХПК 2022-23 сс. түмүктэринэн 5 044 231,95 солк. иэс., бу аҥардас табаҕа көрүллэр харчыттан.  Маны тэҥэ, крестьянскай, тус кэтэх хаһаайыстыбаларга 35 тыһ.солк. саҕалаан 1 мөл.350 солк. диэри үбү төннөрөргө иһитиннэриилэр тиэрдилиннилэр.

Тоҕо маннык тахсарый?  Биһиги  өйдүүрбүт наада, судаарыстыба көмөтө сүөһү төбөтүн ахсаанын аччаппатыннар, диэн бэриллэр.  Субсидия ылбыт сүөһүҥ ахсаана  аҕыйыыр түгэнигэр, эн судаарыстыба ирдэбилин тутуспатаххынан харчыгын төннөрүөхтээххин. Ону таһынан, хаһааайыстыбалар өйөбүлү чопчу ханна туттубуттарын туһунан докумуоннара булгуччу ирдэнэр. Өйөбүлү туттуу хонтуруола Арассыыйа үрдүнэн ирдэбилэ кытаанах. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн биир сөпсөспөт боппуруостаахпыт. Ол курдук,  хаһаайстыбалар икки ардыларыгар улуус иһигэр сүөһүлэрин, табаларын көһөрүүлэрин бэрэбиэркэ ылыммата,  манна хас даҕаны хаһаайыстыба улаханнык оҕустарар кыахтаах. Ол эбэтэр,  КФХ- тан ЛПХ- га сүөһүлэрин,  уонна общинаттан общинаҕа табаларын көһөрбүт дьон. Биһиги муниципальнай сөбүлэҥмитигэр (соглашение) маны учуоттуур пуун (п.5.5 Порядка №3 и п.2.2.6) төһө эмэ баарын үрдүнэн, бэрэбиэркэ кэһии тахсыбыт, диэн аахта. Тоҕо диэтэр, Бэрээдэк ирдэбилинэн сөптөөх ветеринарнай акта, сүөһү көһөрүүтэ атыы – эргиэн дуогабара уонна Форма №4  ветеринарнай ыспыраапка суох, оҥоһуллубатах. Бу ыспыраапка бырагырааманан чопчу күнүгэр эрэ оҥоһуллар, урут хойут сатаан ылбаккын. Инники сылларга маннык хамсааһыннар хаһаайыстыбалар икки ардыларыгар баара. Биһиги, уопсай улуус көрдөрүүтүгэр аччааһын суох буоллаҕына, тоҕо хаһаайыстыбалар оҕустарыахтаахтарый, диэн дьоммутун көмүскээн үлэлэһэ сатаатыбыт даҕаны кыаттарбата. Онон, билиҥҥи кэмҥэ биһиги иэстээх дьоммут балаһыанньаларын өйдөөн, реструктуризация көрүүтүгэр юристары кытта үлэни саҕалаатыбыт. Соторутааҕыта таба ыстаадаларын баран көрөн – истэн, үлэ хаамыытын билсэн кэллим. Табаһыт үлэтэ, уопсайынан тыа хаһаайыстыбатын эйгэтэ ыарахан бөҕө буоллаҕа. Эдэрдэр бу эйгэҕэ кэлиилэрэ тэтимэ суох. Манна хамнас  кырата  биир сүрүн биричиинэ. Биллэн турар, эдэр киһи сайдыылаах, чэпчэки усулуобуйалаах сирдэргэ талаһар. Онон, инникитин төрүт дьарыкпыт сайдыытыгар, эдэрдэри угуйарын курдук саҥа көрүүлэри киллэрэрбит тоҕоостоох.

 Мария Степанова, улуус дьаһалтатын хонтуруоллуур – суоттуур палататын салайааччыта: Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, көрөргүт курдук үтүмэн үгүс кээмэйдээх үп төннөрүллэригэр иһитиннэриилэр ылбыт дьоҥҥо тиэрдилиннилэр. Манна быһааран эттэххэ, судаарыстыбаттан көмө-өйөбүл быһыытынан ылыллар үп булгуччу отчуот ирдиир. Ол эбэтэр, эн өйөбүл харчыны тус сыалыгар эрэ туһанарыҥ көҥүллэнэр. Бу билигин эрэ буолбатах,уруккуттан тахсар түгэннэр. Кэккэ сылларга муниципальнай тэрилтэлэр иэстэрин улуус дьаһалтата сабара. Биллэн турар, бу улуус бүддьүөтүгэр балачча охсуулаах. Холобур, 2017-2021 сыллар проверкаларынан тумугунэн улуус 32 мел. солк. теннеруллубутэ улуус бюджетыттан, быйылгы проверка  20 мөл.солк.аахта. Бу иэстэри төлүөхпут оннугар ханнык эмэ социальнай тутуубут ПСД -тын (проектно – сметная документация) да оҥоһуллуутугар туттуохпутун сөп этэ уонна да атын улууска суолталаах үлэлэргэ. Хас биирдии өйөбүл 21.01.2022 с. 7 №-дээх “Порядок предоставления в 2022 году субсидий на поддержку сельскохозяйственного производства в рамках реализации Государственной программы Республики Саха (Якутия) «Развитие сельского хозяйства и регулирование рынков сельскохозяйственной продукции, сырья и продовольствия на 2020-2024 годы» Бэрээдэккэ , “Об утверждении Порядка предоставления в 2022 году субсидий на поддержку сельскохозяйственного производства в рамках реализации Государственной программы Республики Саха (Якутия) «Развитие сельского хозяйства и регулирование рынков сельскохозяйственной продукции, сырья и продовольствия на 2020-2024 годы» Балаһыанньаҕа олоҕурар, бу усулуобуйаны булгуччу тутуһарыҥ ирдэнэр. Холобур, субсидия ылааччы отчуоттуур кэмин иһигэр сүөһү мэнэйдэһэллэр, атыылыыллар, сүөһүлэрин ыт тутар, бэйэлэрэ сииллэр, акта оҥостоллор. Ол эрэн, Бэрэбиэркэ түмүгэр акталар копиялара суох, улуус дьаһалтатын бигэргэтиитэ суох, форма №4 суох, аны күһэлэҥ идэһэлэнии (вынужденный забой) буоллаҕына, бу туһунан актаҕа олохтоох дьаһалта бэрэстэбиитэлин илии баттааһына суох диэн, өйөбүл Бэрээдэгэр кэһии курдук көрөр.

Лена Бочкарева, т/х салалтата: Холобура, ынах сүөһүгэ көрүллэр төбөҕө субсидия диэн ааттанар өйөбүл баар. Ыанар ынахха бэриллэр субсидия кээмэйэ саха ынаҕар 45000 солк.,  бу сылтан кэтэх хаһаайыстыбаларга эмиэ 45000 солк., ол эбэтэр,  тэриллиилээх хаһаайыстыбалары кытта тэҥнэстэ. Бу өйөбүлү сүөһүҥ төбөтүн ахсаанынан ылыаххын сөп. Ол эрэн, субсидия ылбыт сүөһүҥ төбөтө, отчуоттуур кэмҥэр булгуччу баар буолуохтаах. Судургутук эттэххэ, сылы туоратыахтааххын.  Мантан антах, сүөһү өлбүтүн туһунан акталар Бэрээдэк ирдэбилинэн оҥоһуллуохтарын наада.

Күн түүн ирдэбил элбээн, кытаатан иһэр. Сүөһүнү чииптээһин сокуона  дойду үрдүнэн булгуччулаах ирдэбил буолан турар. 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн чиптэммэтэх сүөһүгэ федеральнай бүддьүөттэн өйөбүл көрүллүбэтин туһунан иһитиннэрдилэр. Ол эбэтэр, чииптэммэтэх сүөһүгэ субсидия көрүллүбэт буолар. Ынах, сылгы, таба барыта чииптээх буолуохтаах. Бу, өйөбүл ылбат да сүөһүлээхтэргэ эмиэ ирдэнэр. Ол эбэтэр, хас биирдии төбө булгуччу чииптээх буолуохтаах. Маны сүөһү иитээччини күөмчүлээһин диэн өйдөөбөккө, сааһылааһын диэн, сөпкө өйдүөххэ наада. Дойду үрдүнэн цифровой экэниэмикэҕэ көһүү бара турар, туох барыта оцифровкаланан информационнай систиэмэҕэ киирэн, үбүлээһин систиэмэ даннайдарыгар олоҕуран көрүллэр буолар. Маннык үлэ тыа хаһаайыстыбатыгар эрэ буолбакка, бары хайысхаларга ирдэнэр.

Сити курдук, биллэн турар ханнык баҕар өйөбүл Бэрээдэктээх, онно олоҕуран ирдэбиллэрдээх. Үрдүк бэрэбиэркэ түмүгүнэн тахсыбыт балаһыанньаҕа улууспут салалтата, туһааннаах тэрилтэ салайааччылара маннык быһаарыы биэрбиттэрэ, бэйэбит дьоммут диэн көмөлөһө, сүбэлии сатыыллара, быыс – хайаҕас булан өйүүллэрэ хайҕаллаах.

Яна РОЖИНА

Читайте дальше