Дмитрий Саввинов: «Оҕо спордун өйөөҥ, кэнчээри ыччаты инники күөҥҥэ тутуҥ!»

Биир дойдулаахпыт, улууспут киэн туттар ыччата Дмитрий Саввинов Дьокуускайга Манчаары Баһылай аатынан «Модун» спортивнай комплекска спорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыы уонна спортивнай тэрээһиннэри тэрийии салаатыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Кини Учуутал күнүнэн биир дойдулаахтарыгар, кэллиэгэлэригэр итии-истиҥ эҕэрдэтин тириэрдэр.

«Биир дойдулаахтарбын, үөрэҕирии үлэһиттэрин, күндү кэллиэгэлэрбин Учуутал күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Үлэҕит-хамнаскыт ситиһиилээх буолуохтун, иитээччилэргит, үөрэнээччилэргит мэлдьи үөрдэ турдуннар, тус олоххутугар дьоллоох, доруобай буолуҥ!

Түгэнинэн туһанан, улууспут аҕа баһылыгын Иннокентий Николаевич Стручкову оройуону салайар эппиэтинэстээх дуоһунаска киирбитинэн итии-истиҥ эҕэрдэ буолуохтун! Саҥа баһылык Эбээн-Бытантай улууһугар спорду өйүөҕэ диэн эрэнэбин.

Оҕо аймах спортивнай оскуолатын дириэктэрин Мария Афанасьеваны эмиэ саҥа ананыытынан эҕэрдэлиибин! Мария Юрьевна миигиннээҕэр өссө үчүгэйдик, күүстээхтик үлэлиэҕэ диэн бигэ эрэллээхпин. 

Бэйэм өттүбүттэн биир дойдулаахтарбар, кэнчээри ыччаттарга туох кыалларынан, кыах баарынан көмөлөһөргө, сүүрэргэ-көтөргө бэлэммин!

Мин бэйэм «Модун» спортивнай комплекска сүрдээх үчүгэй кэлэктиипкэ киирдим. Үлэлиир салаабар 10-чабыт. Билсэр доҕор-атас дьонум элбэхтэр.

Саҥа үлэм туһунан биир дойдулаахтарбар билиһиннэрдэххэ, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн спортивнай тэрээһиннэри тэрийии хайысхатыгар үлэлиибин, ол таһынан национальнай многоборье, ол эбэтэр “Дыгын оонньуулара”, «Боотурдар оонньуулара” дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит улахан күрэхтэри уонна атах оонньууларын сүрүннүүбүн. Хас биирдии улуус аайы баар араас спорт көрүҥнэринэн Федерациялары кытары ыкса ситимнээхтик үлэлиибин. Үлэлиир салаабар Дьокуускай куорат иһинээҕи чемпионаттар, первенстволар, Иван Белолюбскай аатынан кубок, ол барыта миигиннэн ааһар, эппиккэ диэри, бүддьүөтүн, сыллааҕы күрэх үбүлээһинин дьаһайар киһи буолабын.

“Модуҥҥа» киирээппин кытта үлэ-хамнас күөстүү оргуйа турар. Бу билигин алтынньы ый 28-29 күннэригэр юниордар ортолоругар национальнай многоборьеҕа өрөспүүбүлүкэ Первенствота буолуохтаах. Онно үлэ бөҕө бара турар.

Түгэнинэн туһанан, “Модун” спортивнай комплекс дириэктэригэр, Ил Түмэн дьокутаатыгар Геннадий Анатольевич Васильевка миигин сүрдээх эппиэтинэстээх үлэҕэ ылбытыгар махтанабын. Кинилэр миигиттэн эрэйэр санааларын, күүтүүлэрин дьоһуннук толорон, чиэстээхтик үлэлиэм диэн эрэннэрэбин. 

Онтон биир дойдулаахтарбар тиэрдиэм этэ, оҕо спордун өйөөҥ, кэнчээри ыччаты инники күөҥҥэ тутуҥ! Бэйэм ханна да үлэлээтэрбин дойдум, Эбээн-Бытантайым аатын түһэн биэриэм суоҕа диэн тылбын биэрэбин. Эбээн-Бытантайга маннык ыччаттар бааллар диэн бэйэбин көрдөрүөм диэн бигэ санаалаахпын,» — диэн Дмитрий Олегович эҕэрдэтин тириэртэ итиэннэ үлэтин-хамнаһын туһунан сырдатта.

Сардаана Копырина

 

Читайте дальше