Ыты иитэр хаһаайын туһааннаах эппиэтинэһи уонна эбээһинэһи сүгэр

Түгэһиир нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар баһылык Сергей Аликов уонна үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларын, үлэһиттэрин кыттыылаах бэйдиэ сылдьар ыттар боппуруостарыгар мунньах буолла.

“Бэйдиэ сылдьар ыттары тутар 16 уйалаах пууну туттардыбыт, эбийиэкпит үлэлииргэ бэлэм, тутуу аахтата оҥоһулунна. Уопсай проектнай-сметнай сыаната 5 мөл. солк. тахса, биһиги ону 3 мөл. солк. тахсаҕа туттубут. Матырыйаалын «Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр” бырагырааманан ылбыппыт.

Ону тэҥэ “Миромед” диэн бэтэринээринэй клиниканы кытта үлэлээн, эмп, саа уонна испириистэри сакаастаатыбыт. Бу дьиэ кыылын кылгас кэмҥэ хамнаабат оҥорор. Ити тэриллэри 109 тыһ. солк. ыллыбыт. Новосибирскай куораттан кэлиэхтээх.  Ол кэллэ даҕаны ыты тутар үлэни ыытыахпыт.

Бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга дьону кытта кэпсэтии бара турар, дуогабарынан үлэ буолар, төһө ыты туппуттарын көрөн төлөһүөхпүт диэн былаанныыбыт.

Сокуон быһыытынан ыты тутар пууҥҥа 31 хонук устата ыт хаһаайына көстүбэтэҕинэ утутан дьаһайыыга барыахтаах. Билигин бэтэринээринэй инспекцияны кытта 10 хонук кэнниттэн хаһаайына көстүбэтэ эрэ утутарга диэн кэпсэтии ыыта сылдьабыт. Биллэн туран, ити сокуону кэһии буолар. Ол эрэн, биһиги биир ыйы быһа иитэр кыахпыт суох, үбүн-харчытын суоттаан көрбүппүт күннээҕи ороскуота, аҥардас аһатарбытыгар 700 солк. тахса буолан тахсар. Биһиэхэ уһуйааҥҥа сылдьар оҕолорбут астарыгар күҥҥэ 130 солк. көрүллэр, онтон ыкка 700 солк. буолар. Оҕо дуу, ыт дуу диэн боппуруос турар. 

Ыттаах хаһаайын ыты тутуу тэрээһинин, салгыы хараллан сытыытын барытын төлүөхтээх, эбии ыстыраап төлүүр. Оччотугар хаһаайын биирдэ, иккитэ ыстырааптаннаҕына “бу ыппын ыыттахпына аныгыскы сырыыга эмиэ харчы бөҕөтүн төлүөхпүн наада, ол кэриэтэ баайбыт ордук эбит” диэн толкуйдуурун туһугар.

Түгэһиир нэһилиэгэр 10-ча киһилээх ДНД үлэлиир. Кинилэри кытта кэпсэтии ыыттыбыт уонна оскуолаҕа дьуһуурустуба олохтоотубут. Оҕолор кэлиилэрин саҕана сарсыарда аайы биирдии киһи дьуһуурустубалаан оскуола аттыгар мустар ыттары үүрэллэр, кыйдыыллар. ДНД хамандыыра Александр Аммосов, кини бастакы күн дьуһуурустубалаата. Бу маннык дьаһал кыылы утутар эмп кэлиэн тухары тэрилиннэ. Эмпит, саабыт кэллэҕинэ номнуо бэйдиэ ыттары тутууга үлэлэһиэхпит.

Ону таһынан биһиги “клетки-самоловы” туттан көрүөхпүт, билигин биир бэлэм, иккиһи сыбааркалатыахпыт. Ол аата мэҥиэлээх килиэккэҕэ ыт киирдэҕинэ, сабыллан хаалар. Куоракка итинник быраактыка баар.

Ааспыт нэдиэлэҕэ субуота күн икки алын кылаас үөрэнээччилэрин ыт ытырбыт түбэлтэтэ тахсыбыта. Ыт хаһаайына биллибитэ, кинини кытта кэпсэтии баран ытын дьаһайыахтаах.  Маннык түбэлтэҕэ төрөппүттэр сайабылыанньа булгуччу биэриэхтэрин наада, оччотугар эрэ ыт хаһаайына миэрэҕэ тардыллар, дьон да өрө тардыныа этэ. Биир ыт саба түһэн оҕону охтордо эрэ бары саба түһүөхтэрэ, сэрэхтээх, ыты ииттэр киһи эппиэтинэһи уонна туһааннаах эбээһинэһи ыларын өйдүөн наада.

Түгэнинэн туһанан, мунньахха мустубут оҕолору кытары үлэлиир тэрилтэлэртэн көрдөһүөм этэ, эһиэхэ барыгытыгар харабыл диэн көрүллэр, ыттары кыйдаан оҕолор куттала суол үөрэнэ, дьарыктана кэлэллэрин туһугар күүс-көмө буоларгытыгар. Бу диэн көрдөххө бырадьааҕы ыт диэн суох, бары хаһаайыннаах, ошейниктаах ыттар,” – диэн нэһилиэк баһылыга Сергей Сергеевич сиһилии туох үлэ-хамнас бара турарын мунньах сүнньүнэн сырдатта.

Мунньаҕы түмүктүүр чааска нэһилиэк баһылыга дьиэ кыылын иитэр быраабыланы үөрэх тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэригэр туттарда. Бу маны хас биирдии төрөппүккэ илии баттатан туран туттарарга, түҥэтэллэригэр уонна кэлэктиипкэ өйдөтүү, сырдатыы үлэтин ыыталларыгар көрдөстө.

Сардаана Копырина