Түгэһиир нэһилиэгэр ГТО туттарар былаһаакка оҥоһуллар

Өрөспүүбүлүкэбитигэр кэлиҥҥи сылларга «Спорт – норма жизни” бырагыраама нөҥүө ГТО («Готов к труду и обороне”) бэлэмнэнэр уонна туттарар кэмпилиэк оборудованиелаах былаһааккалар оҥоһулуннулар. Биһиги улууспут киинигэр Түгэһиир нэһилиэгэр эмиэ бу маннык былаһаакка тутуллуохтаах. Сиһилии оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Мария Афанасьева сырдатта.

«ГТО бэлэмнэнэр уонна туттарар былаһаакка отсыпката кутуллубута, аны сиэмэннээтэхтэринэ спортивнай тэриллэр, араас тренажердар туруохтара.

Санатар эбит буоллахха, Эбээн-Бытантай улууһун спортивнай оскуолата 2019 сыллаахха ГТО туттарар киин статуһун ылбыта. Оскуолалар көмөлөрүнэн хас биирдии оҕо куйаар ситимигэр тус кабинеттаах, бэйэлэрэ ураты нүөмэрдээхтэр (уникальный идентификационный номер), ол нүөмэрдэринэн ГТО-ну туттарбыт  түмүктэрин федеральнай порталга боротокуолга толорон киллэрэбит. Оччоҕо эрэ оҕо тус кабинетыгар ГТО туттарбыт түмүктэрэ көстөллөр.

Түгэнинэн туһанан, атырдьах ыйын 7-10 күннэригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы Физкультурник күнүн чэрчитинэн улууспут киинигэр маассабай эрчиллии, хамнаныылаах оонньуулар уонна эдэр ыччаттарга волейбол күрэҕэ буолуоҕа. Бары көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабын.

Маны тэҥэ спортивнай оскуола иһинэн 1 – 8 кылаас үөрэнээччилэригэр спортивнай куруһуок үлэтин саҕалаата, оҕолору Иван Мохчогоров дьарыктыыр,» — диэн спорт сонуннарын Мария Юрьевна үллэһиннэ.

Сардаана Копырина