Сомоҕо күүспүт, өйөбүлбүт – түмсүүгэ!

Быстах дьайыыга сылдьар уолаттарбыт олохторо, көмүскэллээх буолалларын туһугар анал тэриллэринэн хааччыллыылара барыбытын долгутар. Онуоха улууспут үтүө санаалаах дьоно-сэргэтэ туора турбакка, туох кыалларынан көмө буолаллар.

Улуус хаһыатыгар бу иннинэ быстах дьайыы саҕаланыаҕыттан амарах санаалаах кыргыттарбыт Акулина Колесова, Лилия Николаева бар дьону көҕүлээннэр үп-харчы хомуйан, булан-талан араас наадалаах анал тэриллэри ылбыттарын туһунан тахсыбыта. Ол онно төһө сууммаҕа туох тэрил ылыллыбыта барыта сиһилии бассаап ситимин уонна хаһыат нөҥүө отчуоттаммыта.    Бу күннэргэ Эбээн-Бытантай улууһуттан төрүттээх быстах дьайыы кыттыылаахтарыгар барыларыгар күүтүүлээх баһыылкалара тиийэн, сүргэлэрин көтөхтө! Ону кытта «Кочевник» ородобуой община, салайааччы Альберт Колесов таба этин ыытан, биир дойдулаахпыт Михаил Колесов кэргэнинээн Александралыын һорчоолоон, күүс-сэниэ эбэр өбүгэбит иҥэмтэлээх аһа анал тэриллэри кытары уолаттарбытыгар тиийэн икки бүк долгутуулаах, үөрүүлээх буолла.

«Түгэһиир уонна Үөһээ-Бытантай нэһилиэктэрин дьаһалталара, ону тэҥэ улууспут олохтоохторо дойдубут көмүскэлигэр сылдьар уолаттарбытыгар харчынан көмө оҥороннор, уопсайа 1 053 544 солк. сууммаҕа араас наадалаах тэриллэри дойдубут киин куоратыгар бэйэбит илдьэн, «Биир кэлим координационнай кииҥҥэ” тиксэрбиппит, ону Ростовтан координационнай киин уолаттара түҥэттилэр. Уолаттарбыт Түгэһиир уонна Үөһээ-Бытантай нэһилиэктэрин дьаһалталарыгар, өйөбүл буолбут биир дойдулаахтарыгар эһиги көмөҕүт биһиэхэ улахан күүс-көмө буолар диэн туран улахан-улахан махталларын тиэрдэллэр, бу баһыылкабытын туттубут диэн фотоотчуот оҥорон ыыттылар. Түгэнинэн туһанан, опорнай пуун уолаттарыгар, чуолаан Игорь Поповка байыастарбыт таһаҕастарын суһаллык тиэрдибитигэр уонна биһигини кытта тэҥҥэ сүүрэр-көтөр, күүс көмө буолар биир дойдулаахпытыгар Альберт Станиславович Аммосовка улахан махталбытын тиэрдэбит», — диэн Акулина Колесова сырдатта.

Түмсүүлээх буолуу – бу биһиги сомоҕо күүспүт. Саха сирин, ол иһигэр биһиги ыраах хотугу улууспут дьоно-сэргэтэ дойду көмүскэлигэр сылдьар дьонун-сэргэтин туһугар кыһаллар, туох кыалларынан көмө буолар буоланнар, байыастарбыт эрэх-турах санаалаахтар. Сотрутааҕыта, от ыйын 8 күнүгэр түмсүүлээх, сомоҕолоох буолууну өссө биирдэ көрдөрөн, Москуба куоракка саха национальнай бырааһынньыга Ыһыах ыһылынна. Бу тэрээһин анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ананан, сөҕүмэр элбэх, 26 тыһ. тахса киһини түмтэ. Биһиги биир дойдулаах кыргыттарбыт Акулина Колесова, Лилия Николаева суһал ыстаап доброволецтара буоланнар, улахан тэрээһиҥҥэ ыҥырыылаах ыалдьыт буоллулар. Манна ДНР, ЛНР, Крымтан бэрэстэбиитэлистибэлэр, волонтерскай тэрилтэлэр уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр араас түмсүүлэр, Саха сирин, дойдубут дьоно мустаннар, байыаннай сулууспалаахтары, кыттыылаахтары кытта көрсөн кэпсэттилэр, элбэх интэриэһиргиир боппуруостарыгар хоруй ыллылар. Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын туһугар ис дууһаларыттан ыалдьар амарах санаалаах кыргыттарбыт Арассыыйа Федерациятын Бэрэсэдьиэнин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Андрей Сандаминович Федотов илиититтэн махтал сурук туппуттара долгутуулаах түгэн буолла.

Бу курдук инникитин даҕаны биир санаалаах, түмсүүлээх буола туруоххайыҥ! Бу биһиги уолаттарбытын өйүүр күүспүт, эрэлбит буолар.

Сардаана Копырина

Читайте дальше