СӨ «Арктика суоллара» суол хаҺаайыстыбатыгар ХТ тэриллибитэ 10 сыла

Бэлиэ түгэнинэн, суол хаҺаайыстыбатын үлэҺиттэрин Иннокентий Стручков эҕэрдэлээтэ.

УҺук хоту улууспутугар суол- иис тыын суолталаах, онон хаҺаайыстыба ыытар үлэтэ бүттүүн нэҺилиэнньэ олоҕор быҺаччы сабыдыаллаах. ЭҺиги эҥкилэ суох үлэҕититтэн улууспут социальнай- экэнэмиичэскэй сайдыыта тутулуктаах,— диэн Иннокентий Николаевич бэлиэтээтэ.

Эбээн Бытантай улууҺугар «Арктика суоллара» салаата кэккэ сыллартан бэттэх тэриллэн сүрдээх ситиҺиилээхтик үлэлииллэр. Билигин манна 17 олохтоох дьоммут, соҕотох кэрэ аҥар үлэлииллэр, 8 араас уйуктаах тиэхиньикэ баар. Суол хаҺаайыстыбатын кэскиллээх ыччаппыт Василий Горохов салайар.
Түгэнинэн туҺанан, суол салаатын үлэҺиттэрин итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибит!

Яна Рожина

Читайте дальше