Мин улууһум – мин Дьылҕам

Ааспыт сыл балаҕан ыйыгар Сахабыт сиригэр муниципальнай таһымнаах саамай улахан быыбардар буолан ааспыттара. Биһиги улууспутугар норуот итэҕэлин Иннокентий Николаевич Стручков бигэтик ылбыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ эдэр, эрчимнээх баһылык Иннокентий Николаевич үлэ үөһүгэр сылдьар. Кинини үлэтин -хамнаһын, олоххо көрүүтүн биһиги хаһыаппытыгар үллэстэрин көрдөстүбүт.

Убаастабыллаах биир дойдулаахтарым!

Бириэмэ сүрдээх түргэн тэтимнээх,  Баһылык буолан талыллан үлэлээбитим, номнуо 6 ый ааста.  Дьоммор — сэргэбэр бу сыл аҥарыгар улуус дьаһалтата ыыппыт  үлэтин – хамнаһын, инники соруктары билсиһиннэрэбин.

Бастатан туран, быыбарданарбар ылыммыт бырагыраамам барылын, улууспут бүгүҥҥүтүн уонна инникитин, ылыныллар дьаһаллар, быһаарыылар инники түмүктэрин сиһилии дьаарыстаан, сөптөөҕүн сүбэлэһэн, «сир түннүктэрин» — ытык мааны аҕа дьоммунаан ырытыһан баран былааннаммытым. Үлэбин — хамнаспын тэрилтэлэри кытта үлэ барылын ырытан, санаа атастаһыытыттан саҕалаабытым.

Улууспут сайдыыта бастакытынан, бүддьүөтү сөптөөхтүк дьаһайыыттан, аттарыыттан тутулуктаах. Иэс — куус боппуруостара, былааннаммыт үлэлэр үбэ суох хамсаабаттара биллэр. Онон, улууспут дьокутааттарын кытары мунньахтаан, сүбэлэһэн, саҥа 2024 сыллаах бүддьүөтү оҥорон ылыммыппыт. Ону тэҥэ үбүлүөйдээх, улууспут 35 сылын бэлиэтиир сылбытыгар, тыа хаһаайыстыбатын үс араас салаатын тэҥинэн дьарыктанарбыт быһыытынан, Тыа хаһайыстыбатын сылынан биллэрбиппит.

Ол курдук, тус бэйэбит киллэринэр дохуоппутуттан 2024 сылга сүрүн хайысхалары өйүүргэ маннык быһаарыныы ылбыппыт:

  1. Тыа хаһаайыстыбатыгар — 5 мөлүйүөн 300 тыһ.солк, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар хаһаайыстыбаларга 1 мөл.солк. Грант;
  2. Урбаанньыттарга өйөбүл-2 мөл.солк.;
  3. Оскуола спортивнай саалатыгар тустуу түһүлгэтин тэрийии-300 тыһ.солк.;
  4. Оҕо спордун сайыннарыыга -5 мөл.солк.;
  5. Дьаһалта дьиэтин уһуйааҥҥа биэрэн, коммунальнай ороскуот үбүн экономиятынан ыытыы – 17 мөл.солк.;
  6. Дьаһалтаны уонна да атын тэрилтэлэри эргэ оскуола дьиэтигэр көһөрүү — 1,2 мөлүйүөн солк.;
  7. Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама (ППМИ) бырайыактарыгар кыттыы, ол курдук бөх сүөкүүр контейнердар турар сирдэрин бетоннааһын уонна күрүөлээһин – 2 мөл.500 солк.;

— Араас тэрээһиннэргэ туттуллар хоккейнай борт – 2 мөл.600 солк.;

— Аукцион кыайыылааҕынан тахсыбыт «Бытстрой» хааччахтаах  тэрилтэ ТКО былаһааккатын оҥорор матырыйаалын барытын аҕалла, сир ириитэ үлэтин саҕалыаҕа. Онтон хоккейнай күрүө аҕалыытын ООО «ЧСЗ-1» Челябинскай куорат тэрилтэтэ ылан тиэйтэрбитэ, сир ириитэ туруоруохпут.

  1. Адьырҕаны бултааһыҥҥа хаһаайыстыбаларга, табаһыттарга көҕүлээһиннэри көрбүппүт. Ол курдук, Бэрээдэк быһыытынан 1 бөрөҕө — 150 л., эһэҕэ — 100 л. бэнсиин көрүллэр. Ону тэҥэ, сыл түмүгүнэн ордук элбэх бултаахтарга Буран көлө биэриэхпит.

 Тыа хаһаайыстыбата

Тыа хаһаайыстыбатын сылын тустаах былаан, тэрээһиннэри барыллаан үлэбитин саҕалаабыппыт.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытары ыкса үлэлиибит. Ол курдук, т/х миниистирин таһымыгар үс мунньах ыытылынна, ол түмүгэр оҥорон таһаарар сыаҕы туруорсуу боппуруоһа, үүт туттарыытын харчытын, төбөҕө ылар субсидияны күөмчүлээбэккэ — комбинированнай субсидия быһыытынан, биһиги улууска «Пилотнай проект» оҥорон, саха ынаҕын үүтүн — аһын, бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны сайыннарар сыаллаах күүстээх үлэ бара турар. Бу боппуруостар Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александров А.А., Арктика дьыалаларыгар миниистир Черноградскай В.Н, СӨ Ил Түмэн аграрнай бэлиитикэ бастайааннай Кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлэ Атласов А.П. кыттыылаах Коллегияҕа эмиэ чиҥэтиллэн туруоруллубуттара.

МУСП «Ленинскэй» тэрилтэ үлэтин хаамыытын, үбүлээһинин чааһын үөрэттибит. Былаан быһыытынан, таба ахсаанын хаалларар уонна элбэтэр туһуттан, ыстаадалары холбооһун үлэтэ, субвенция харчыта туттуллуутун бэрээдэктээһин үлэтэ бара турар. Маннык быһаарыы,  сыл аайы таба ахсаана аччаан, улуус бүддьүөтүттэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр харчы төннөрүүтүн тохтотор сыалтан ылылынна.

Сыл аайы ыытыллар Табаһыттарбыт сүлүөтэ үрдүк таһымнаахтык, сүрдээх сэргэхтик буолан ааста. Улууспут олохтоохторо, урбаанньыттар, тэрилтэлэр бары көхтөөхтүк кыттан, бириис туруоран, Табаһыттар бырааһынньыктарын олус киэргэттилэр. Түгэнинэн туһанан, бука барыгытыгар дириҥ махталбын тиэрдэбин. Ол курдук, барыта 2 мөл. 900 тыһ. солкуобай сыаналаах бириис туттарылынна. Улууспут үбүлүөйдээх сылынан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, РО «Кочевник», улуус дьаһалтата Буран көлөлөрү туруораннар,  табаһыттарга үчүгэй көҕүлээһин, төһүү өйөбүл буолла.

Тутуу, ОДьКХ

Саҥа 220 миэстэлээх оскуолабыт арыллыытыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ К.Е.Бычков кэлэн кыттыыны ылла. Кинини кытта 6  миниистир тус бэйэлэринэн кэлэн, ону таһынан ситим нөҥүө холбонон, барыта  8 министиэристибэ кыттыылаах мунньах ыытылынна. Сүрүн тыын  боппуруостар туруорулуннулар. Ол курдук, «Сайдыы – Саккырыыр-Кустуур», «Саккырыыр — Дьарҕаалаах» муниципальнай суоллары өрөспүүбүлүкэ көрүүтүгэр биэрэргэ.

ГУП ОДьКХ тэрилтэтигэр 5200 м3 иэннээх уматык ыскылаатын (нефтехранилище) тутуута. «Ойгидо” түөлбэҕэ хочуолунай тутуута, контейнернай заправка боппуруоһа, Кустуурга 120 сүөһү турар миэстэлээх хотон тутуута. Улуус киинигэр 200 миэстэлээх уһуйаан бырайыактыыр – симиэтэлиир докумуонун (ПСД) оҥоһуута. Дьарҕаалаахха  оскуола-саад тутуута.  Кустуурга тутуллуохтаах оскуола бырайыагын уларытыы боппуруостарын туһааннаах министиэристибэлэри кытары сүбэлэһэн, дьаһал бэлэмнэниллэр.

«Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагыраама чэрчитинэн 12 кыбартыыралаах дьиэ тутуутун хаамыытын, СӨ бырабыыталастыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, Арктика куратора О.В. Балабкина таһымыгар таһаараммыт тутуу тэтимирдэ.  Эбийиэкпит быйыл үлэҕэ киирэр кыахтанна. Ону таһынан, эбии икки дьиэ тутуллуутугар бырайыак оҥоруутун үлэтэ саҕаланна.

«Якутопторг» тэрилтэ иитинэн, «Хотугу завоз» хамсааһын чэрчитинэн Торгово — логистическэй киин тутуллуохтаах. Билиҥҥи кэмҥэ  матырыйаала тиэлиннэ, кэлэр сылга тутуллан, үлэҕэ киириэхтээх. Маннык кииннэр тутуулара СӨ Бырабыыталастыбатын тус болҕомтотугар турар. Бу сылга фундамент уонна тоҥ ыскылаат, баһаарынай резервуардар турар фундаменнар тутуллуохтаахтар. Бу киин тутуута 2025 сыл төрдүс кыбаарталыгар түмүктэниэхтээх.

МУП «Эргиэн — Бытантай» тэрилтэ үбүлээһинин чааһыгар – иэһин — кууһун төлөнүүтэ, счеттары арыйыы, отчуоттарын туттарыы үлэтэ түмүктэнэн эрэр. ИП Андросова В.С. урбаанньыттарга Грант куонкурустарыгар кыттан, 400 тыһ. солкуобайга сэндвич-панель, аан, түннүк уо.д.а. матырыйааллары атыыласта. Саҥа модульнай бэкээринэ тутуллан бу күһүҥҥүттэн үлэҕэ киирэрэ былааннанар.

Кустуурга саҥа эбийиэк —  мас кыырпаҕынан оттуллар хочуолунай матырыйаалын тиэйии түмүктэннэ.  Тутуу номнуо саҕаланна, аны күһүн үлэҕэ киирэрин кэтэһэбит.

2024 сылга авиапорт уулуссатын дизайн — бырайыагын оҥорууга биллэрбиппит.  Кыайыылаах бырайыагынан 2025 сылга  «Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама” куонкурсугар кыттар былааннаахпыт.

Ылыммыт былааммыт чэрчитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа министиэристибэтин иһинэн ыытыллар «Муниципальнай тэрээһиннэр. Култуура тэрилтэлэрин эбийиэктэрин реконструкциялааһын, тутуу, атыылаһан ылыы уочараттарын бэрээдэгэ» хайысхаҕа киирэргэ «Юрта мира» этнокультурнай Киин тутуутун дөкүмүөннэрин бэлэмниир үлэ тиһиктээхтик ыытыллар.

Маны таһынан, МЦП — муниципальнай тус сыаллаах бырагыраамалары саҥардан, үбүлээһиннэрин ыытыллар тэрээһиннэринэн анаан бигэргэппиппит.

2023 сыл бүтүүтэ уматык тиэллиитигэр кыһалҕаламмыппыт, сэтинньи ыйга ыксаллаах быһыыга бэлэм буолуу эрэсиимэ биллэриллэн, миэрэлэр ылыллыбыттара. Билиҥҥи кэмҥэ кыстык суолбут сабыллыар диэри оттукпут тиэлиннэ, онон сыл бүтүөр диэри тиийэр кээмэй хааччылынна.

Демография, каадыр өйөбүлэ, Оҕо саас

Биһиги Арктикаҕа  демографияҕа биир бастыҥ көрдөрүүлээх улуус буолабыт. Улуус үрдүнэн барыта 606 дьиэ кэргэн, 913 оҕо баар.

Улууспутугар каадырынан хааччыллыы боппуруоһа олус сытыытык турар. Маннык көстүү өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баар. Биһиги исписэлиистэрбитигэр олорор услуобуйаларын тэрийэр сыалтан, «Үтүө Дьыала” бырагыраама чэрчитинэн 8 кыбартыыралаах дьиэ тутуутун куонкурсугар кыттарга быһаарыммыппыт,  бэлэмнэнии үлэтин саҕалаатыбыт. Олохтоох уонна кэлии каадырдары өйүүргэ анал муниципальнай бырагыраама ылыллан үлэлиир. Ол курдук, кэлии каадырдарга, быраастарга куортам төлөбүрүн толуйабыт уонна учууталларга коммунальнай өҥө төбөлүрүн ороскуотун 50% -нын уйунабыт.  Олохтоох оҕолор дойдуларыгар кэлэн үлэлиэн баҕалаахтарга, сөбүлэҥ быһыытынан стипендия, айан ороскуотун уйунуу көрүлүннэ. Хомойуох иһин, бүгүҥҥү күҥҥэ биир да оҕо баҕатын биллэрэ илик. Үөрэхтэрин быйыл бүтэрэр уонна  устудьуон оҕолору кытары көрсүһэр баҕа саналаахпын.

Дьиэ-кэргэн, Оҕо саас сылларынан үлэ былааннаахтык ыытыллар. Биһиги кэнчээри ыччаттарбыт инникилэрин түстүүр, төрөөбүт дойдуларын сайыннаралларыгар, аатын ааттаталларыгар үлэ — хамнас туһаайыллар. Ол курдук, оҕолорго ыытыллыбыт Гражданскай форум чэрчитинэн элбэх инникилээх, кэскиллээх бырайыактар көрүллүбүттэрэ. Оҕолор интэриэстэрэ, көрүүлэрэ төрөөбүт дойдуларын тупсарыы, аатырдыы өттүгэр баара хайҕаллаах, киһини олус кэрэхситэр. Улуус бүддьүөтүттэн  500 тыһыынча солкуобай көрүллэн, кытааччылар бырайыактарын саҕалыылларыгар бу үп тыырыллыбыта. Онон мин санаабар, сыл бүтүүтэ бу хамсааһын үтүө түмүктэрэ көстүөхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпин. Маннык үлэни салҕаан, бырайыактар хаамыыларын, оҕолорбут көрүүлэрин, баҕаларын инниикитин да өйүөхпүт.

“Эдэр ыалы олорор дьиэнэн хааччыйыы» бырагыраама иитинэн 10 дьиэ кэргэн сертификат ылла. Алта ый түмүгүнэн опека үлэтинэн арыгы иһэр төрөппүттэрдээх 18 оҕо доруобуйа харыстабылын тэрилтэтигэр киирдилэр. 1 төрөппүт быраабын хааччахтыыр туһунан сайабылыанньа киирдэ. Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолору кытта үлэлиир уонна кинилэр бырааптарын көмүскүүр хамыыһыйа 16 административнай боротокуолу көрөн, туһааннаах миэрэ ылылынна. 12 олохтоох киһини арыгытын эмтэттибит,  психиатр — нарколог консультациятыгар ананнылар.

Анал дьайыы

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар, кинилэр дьонноругар күүс — көмө буолабыт. Муус устар ыйга волонтер кыргыттарбытын кытары байыастарбытын көрсөн кэлбиппит. 2 мөл. 300 тыһ. солкуобайга  уолаттарбыт сакаастарын ылан  тиксэрбиппит. Ил Дархан Уурааҕар олоҕуран бэрээдэк оҥоһуллан, 2024 сылга 1 кыбаартал түмүгүнэн 1 мөл. 63 тыһ. 77 солк. сууммаҕа уолаттарбытыгар сэп – сэбиргэл тиэртибит уонна кинилэр дьиэ  кэргэттэригэр көмө оҥоһулунна.

Туруоруммут былаан, сыал — сорук туоларыгар бары түмсэн, биир санаанан салайтаран үлэлиэххэ. Биир сомоҕо күүс буоламмыт, төрөөбүт улууспут — Эбээн-Бытантайбыт үрдүк аатын бөҕөргөтө, үйэтитэ туруохха,  диэн ыҥырабын!

Читайте дальше