Кэрэ айылҕабыт өрүү чэчирии турдун, нэһилиэкпит ыраас, чэгиэн буоллун!

Сайыҥҥы сылаас күннэрбитин киһи эрэ буолбакка, көтөр-сүүрэр, үөн-көйүүр, хамсыыр-харамай барыта кэтэһэр. Айылҕа туох баар кэрэ көстүүтүнэн киэркэйэн турар кэмэ, киһи муннун тууйар сыта-сымара, кыһыны быһа халыҥ хаарга баттатан, онтон босхолонон тыын ылбыт от-мас, күөх от, сибэкки арааһа, көтөр араас саҥата барыта көрүөхтэн, истиэхтэн күндү. Бу бэйэлээх кэрэ кэми дьон бэйэтин кэнниттэн хомуммата, сыыһы-буору айылҕаҕа тамныыра, хаалларара буортулуур.

 Ийэ айылҕабытын харыстааһын ийэбит үүтүн иһиэхпититтэн, кыра саастан, иитииттэн кэлиэхтээх.  Оҕону айылҕаҕа сиэтэ сылдьан сибэкки, от-мас кэрэтин, туох туһалааҕын кэпсээн, чыычаах ырыатын, көтөр саҥатын барытын иһитиннэрэн, илэ хараҕынан көрдөрөн оҕоҕо тиэрдии – бу үчүгэйгэ иитии, айылҕаны харыстааһыҥҥа бастакы хардыы буоларын тыа сирин олохтоохторо үксүбүт билэбит. Тоҕо диэтэр өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан айылҕаны кытта алтыһан, киниттэн аһаан-сиэн, киһилии сыһыаннаһан, кэпсэтэн, эн-мин дэсиһэн олорбуттара.

Билигин төрөөбүт дойдуну харыстыыр туһунан оҕолорго элбэх үөрэтии барарын барар эрээри ону ылымматтар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Кэнники кэмҥэ патриотизм туһунан барытыгар кэпсииллэр, үөрэтэллэр, патриот буоларга ыҥыраллар, сүбэлииллэр. Ол эрэн? айылҕабыт ырааһыран, тупсан, чэчирээн иһэрэ көстүбэт, төттөрүтүн бөх-сыыс элбээн иһэр курдук.

Биһиги улууспутугар хаһыс да сылын «Волонтер» лааҕыр үлэтин ыытар, манна 14 саастарын туолбут оҕолор хамнастаналлар, төрөөбүт түөлбэлэрин ыраастыырга көмө буолаллар. Бу лааҕыр туһунан бэс ыйын 6 күнүгэр хаһыат 22 нүөмэригэр сырдаппыппыт.

Хас  биирдии оҕо бэйэтэ туспа толкуйдаах, өйдөөх-санаалаах буоллаҕа, үлэ лааҕырыгар  киирбит оҕолор санааларын маннык үллэстэллэр:

Галиная Верховская, 10 кылаас үөрэнээччитэ:

«Я уже третий год работаю волонтером, моя цель сделать чище наш поселок. Сначала родители мне предложили попробовать работать и заработать деньги, все заработанные деньги я хочу вложить в семейный бюджет.

Мне очень понравилась эта работа, так как очень приятно видеть свой родной поселок чистым, работать в лагере это тяжело, но и одновременно весело, ты можешь себе найти новые знакомства и друзей».

Валерия Слепцова, 9 кылаас үөрэнээччитэ:

«Үлэ лааҕырыгар саҥа сылдьан эрэбин. Хамнастаах уонна таах дьиэ иһигэр сыппат туһуттан киирбитим. Хамнаспын ыллахпына бэйэм туохха эрэ туттуом уонна түлүпүөммүн оҥотторуом.

Түгэнинэн туһанан, барыгытын кэлэн иһэр Ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин уонна бөҕү-сыыһы бырахпакка сылдьаргытыгар ыҥырабын”.

Айсена Тоскина, 9 кылаас үөрэнээччитэ:

«Бу сылга саҥа үлэлээн саҕалаатым, былырыын пааспарым суох буолан үлэлээбэтэҕим. Харчы наада буолан киирбитим, дьүөгэлэрим сүбэлээбиттэрэ волонтерга киир диэн. Үлэлээбит хамнаспынан туох эрэ наадалааҕы ылыныам диэн толкуйдана сылдьабын. Үлэ лааҕырын сөбүлээтим, оҕолору кытта тэҥҥэ сылдьан күлэн-үөрэн үлэлиир үчүгэй”.

Виктор Стручков, 8 кылаас үөрэнээччитэ:

«Я только начал работать волонтером, потому что мне не было 14 лет. Бабушка моя рассказывала про волонтерство и я согласился, что буду в нём участвовать в 14 лет.

 На заработанные деньги куплю графический планшет, если хватит денег. Работа очень хорошая и условия так же мне понравились.

И на последок скажу так, чтобы спасти природу вы можете присоединиться к волонтерам. Они работают не только ради денег, но и для защиты природы, ведь каждый человек выкидывает фантики, бутылки и т.д.. Если будет так дальше продолжатся, наш мир станет целой свалкой. Поэтому всем советую убирать после себя. Спасем природу вместе!»

Альберт Колесов, 10 кылаас үөрэнээччитэ:

«Волонтерга эрдэ сылдьыбатаҕым, бу бастакы холонуум буолар.

Бу лааҕырга көмүс айылҕалаах дойдубун харыстыыр сыаллах киирбитим. Эрдэ истэр этим маннык үлэ лааҕыра баар диэн.

Хамнаспын сороҕун бэйэм туттарбар туһаныам уонна дьоммор көмөлөһөр былааннаахпын.

Сөбүлээтим эрээри сорох оҕолор үлэлиэхтэрин баҕарбат эрээри киирбиттэрэ куһаҕан, кинилэр оҕону бары сүрэҕэлдьэтэллэр уонна  ол курдук сылдьыбытынан үлэлиир оҕолору кытта биир тэҥ хамнаһы ылаллара абалаах.

Бэйэм кыра эрдэхпиттэн үлэни кыайар буоламмын, үлэ лааҕырыгар киирэн сынньанар курдукпун, ол иһин барыта үчүгэй билигин.

Түмүкпэр этиэм этэ сыыскытын хомуна сылдьыҥ, оту-маһы харыстааҥ.”

Рианна Сотрудникова, 8 кылаас үөрэнээччитэ:

“Мин волонтердар лааҕырдарыгар бастакыбын үлэлээтим, былырыын сылдьыбатаҕым, ыстаадаҕа баран хаалбытым. Лааҕырга киирбит  сыалым диэн бөһүөлэкпит ыраас буоллун, айылҕабыт киртийбэтин диэн, миэхэ учууталым Надежда Платоновна сүбэлээн биэрбитэ. Хамнаспынан куоракка баран таҥас ылынабын.

Үлэ лааҕырын сөбүлээтим, үлэлиэххэ сөп эбит дии санаатым. Түгэнинэн туһанан, дьоҥҥо тиэрдиэм этэ, сыыскытын сиргэ быраҕымаҥ, дойдубут айылҕатын харыстааҥ, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыҥ.”

Айхал Стручков, 10 кылаас үөрэнээччитэ:

«Я первый раз работаю волонтером, моя цель заработать деньги. Думаю лишних денег не бывает.

Работа не такая уж сложная и не такая уж легкая, но мне нравится» .

Тимофей Сотрудников, 8 кылаас үөрэнээччитэ:

«Волонтердар лааҕырдарыгар саҥа үлэлээн эрэбин, былырыын сылдьыбатаҕым. Мин бу лааҕырга бөх-сыыс хомуйаары, бөһүөлэги ыраастыыр сыаллаах киирбитим.

Эрдэ истэрим маннык үлэ лааҕыра баар диэн, бу сылга үлэҕэ киирэр эбиппин диэн толкуйдаабытым. Үлэлээбит хамнаспынан бэйэбэр  наадалах ону-маны ылыныам. Тус бэйэм лааҕыры сөбүлээтим.

Барыгытын буолаары турар Ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин уонна баһаалыста бырааһынньык кэнниттэн бөҕү-сыыһы барытын утары хомунан иһээриҥ».

Ити курдук лааҕыр үлэһиттэрэ бары бэйэлэрин санааларын эттилэр. Нэһилиэктэрин иһин-таһын ыраастыы сылдьар оҕолор ыҥырыыларын истэн, бары эйэ-дэмнээхтик бэйэбит кэннибититтэн хомунан, анал турар буочукаларга умайар сыыстары уоттуу сылдьарбыт буоллар, кэрэ айылҕабыт кэхтибэккэ өрүү чэчирии туруо этэ.

 

Марианна СЛЕПЦОВА

Читайте дальше