Көрбүт эрэ кэрэхсиир (фоторепортаж)

Түгэһиир нэһилиэгин олохтооҕо, 4 оҕо күн күбэй ийэтэ, 18 сиэн эйэҕэс эбээтэ Светлана Горохова олорор кыбартыыратын былыргы малларынан, таҥаһынан-сабынан киэргэтэн, бэйэтинэн ретро истииллээх музей буолла.

Светлана Гаврильевна кыбартыыратын иһигэр 60-с сыллардааҕы мас устууллар, ФЭД сэбиэскэй фотоаппараттан саҕалаан «Кодакка” тиийэ, 80-90-с сыллардааҕы сэлээппэ арааһа, былыргы кыптыыйдар, сүүтүктэр, иистэнэр массыыналар, чох өтүүк, дьиэҕэ-уокка туттуллар маллар эгэлгэлэрэ уо.д.а. көрүөххэ астык!

«Уһун сыллар усталарыгар биһиги дьиэ кэргэн муспут малбытынан киэргэтэн кыбартыырабын ретро истииллээх оҥорон туруордум. Дьонум урут-уруккуттан араас маллары мунньалларын сөбүлүүллэр этэ, мин бэйэм кэнники ону салҕааммын, мунньуллубут маллары барытын түмэммин, ретро-кыбартыыра диэни тэрийдим.

Дьоннор кэлэн биһиги өбүгэлэрбит хайдах таҥнан-саптан, туох иһиккэ аһаан олорбуттарын  көрүөхтэрин сөп. Тоҕо маннык музейы тэрийдиҥ диэн интэриэһиргиир дьон элбэҕэ буолуо. Мин санаабар, дьон бэйэтин төрүттэрин, хайдах олорон ааспыттарын билиэхтээх, кинилэр дууһаларыгар чугас малларын илдьэ сырыттаххына санааҕар аттыгар баар курдуктар.

Түгэнинэн туһанан, улууспут бары кэрэ аҥардарын кэлэн иһэр сырдык бырааһынньыгынан – Ийэлэр күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Нус-хас, байылыат олохтоох, үлэҕэ-үөрэххэ ситиһиилээх, дьиэ кэргэҥҥэ сылаас холумтаннаах буолуҥ диэн алгыыбын,» — диэн Светлана Гаврильевна эҕэрдэлээтэ.

Сардаана Копырина
Хаартыскаҕа түһэрдэ Ньургун Боярский

Читайте дальше