Алтынньы 1 — 8 күннэригэр Аҕам саастаах дьон декадата буолан ааста. Онуоха нэдиэлэ устата араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылланнар, ытык-мааны дьоммут сэргэхсийдилэр.
Ол курдук, «Гарпан» этнокултуурунай киин дьиэтигэр «Мюзикл» быһыытынан ретрокэнсиэр тэриллэн, дьон-сэргэ үрдүк биһирэбилин ылла. Бу тэрээһиҥҥэ “Осикат” , «Ферма», «Өйгидэ», «Биракчан» түөлбэлэр, ”Хаарчаана” уһуйаан иһинэн тэриллибит “Имана” бөлөх, “Миргилан “ ансаамбыл үҥкүүһүттэрэ түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр.
«Ретромуода” тэрээһиҥҥэ саамай элбэх кыттааччылаах « Осикат», «Ферма» түөлбэлэр буоллулар. Биһиги ытыктыыр, убаастыыр киһибит, саамай аҕам саастаах ытык киһибит «Осикат» түөлбэттэн Мария Ильинична Колесова буолла. Үҥкүүлээн, хааман сэгэлдьийэн эдэрдэртэн хаалсыбата. Ону тэҥэ 70-80 сыллардаах таҥастары кэтэн, Стручкова Александра Егоровна, Захарова Анастасия Семеновна,эдьийдии балыстар Татьяна, Анна Николаевналар, Колесова Александра Степановна, Макарова Мария Васильевна, Аида Михайловна Апросимова уонна эдэр эрчимнээх кыргыттарбыт кытыннылар. “Ретробыыстапкаҕа” араас элбэх мал-сал, таҥас-сап туран, биир дойдулаахтарбыт олус да кичэллээхтик харайаллара сөхтөрдө.
«Ферма» түөлбэ олохтоохторо түмсэ түһэн эмиэ биир саамай чаҕылхай ретромуоданы көрдөрдүлэр. Саамай элбэх таҥастары эдьийдии-балыстыы Анна,Мария Петровналар аҕалбыттар,таҥас арааһын кэтэн дьон хараҕын сымнаттылар.Түөлбэттэн саамай аҕам саастаах киһибит Зоя Васильевна Сотрудникова үөлээннээхтэриттэн хаалсыбакка хааман сэгэлдьийэн дьону үөртэ. Түөлбэ саамай ахтыыбынай олохтооҕо Сотрудникова Антонина Алексеевна сценаҕа тахса үөрүйэх буолан дьиэтин курдук хаардыы хаамта. Горохова Тамара Семеновна, Осипова Мария Васильевна, Горохова Сардана, Сотрудникова Ольга урукку муусука тыаһыгар уйдаран үҥкүүлээн тэйдилэр.
“Өйгидэ” түөлбэттэн саамай ахтыыбынай эбээлэрбит Горохова Елена Львовна, Старостина Елизавета Егоровна урукку сылларга кэтэ сылдьыбыт таҥастарын кэтэн , оччотооҕу муусука доҕуһуолугар эдэр саастарын санаан үҥкүүлээн сэгэлдьийэ сылдьаллара көрүөхтэн кэрэ көстүү буолла. Ону тэҥэ Елена Львовна өр сылларга муспут кэллиэксийэтин аҕалан туруоран дьон-сэргэ хайҕабылын ылла. Онно бааллар араас дойдуттан аҕалыллыбыт сүүстэн тахса уруучукалар, сүүтүктэр, чуораанчыктар эгэлгэлэрэ. Түөлбэ эмиэ биир актыыбынай кыттыылааҕа Сахаяна Егоровна Слепцова урукку малларын аҕалан быыстапкаҕа кытынна.
“Биракчан” түөлбэттэн биир саамай ахтыыбынай эбээбит Горохова Светлана Гаврильевна кытынна. Урукку кэмнэргэ кэтиллибит олус даҕаны муодунай таҥастары кэтэн дьон хараҕын сымнатта. Култуура үлэһитэ буолан араас таҥас эгэлгэтэ киниэхэ баар эбит. Дьиэтин иһигэр «Ретромузей» оҥорбут. Көрүөххэ олус үчүгэй, урукку сыллар кэмнэригэр киирэн хаалаҕын. Хаһыат нөҥүө Светлана Гаврильевна ретромузейыгар кэлэн сылдьыҥ, ыалдьыттааҥ диэн ыҥырыытын тириэрдэбин.
Ону тэҥэ “Хаарчаана” уһуйаан үлэһиттэрин иһинэн тэриллибит «Имана» ансаамбыл «Кракавьяк» үҥкүүнү үҥкүүлээн саастаах дьону үөртүлэр. Салайааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Лидия Николаевна Слепцова.
“Миргилан” эдэр ыччат үҥкүүһүттэрин бөлөҕө “Стиляга” үҥкүүнү үҥкүүлээн тэйдилэр. Салайааччы Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Ирина Платоновна Слепцова.
«Гарпан» ЭКК үлэһиттэрэ Александр Ефимов, Щерзот Рябчиков, киин балыыһа бырааһа Алексан Аммосов урукку кэмнэрдээҕи ырыаны ыллаан дьиэрэттилэр.
Бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьоннорбор, түөлбэлэргэ, тэрилтэлэргэ барҕа махталбытын тириэрдэбит. Өрүү маннык түмсүүлээх, биир сомоҕо буолуҥ!» — диэн улуустааҕы култуура салаатын методиһа, «Мюзиклы» туруорбут Полина Ефимова, ону тэҥэ ”Гарпан” ЭКК үлэһиттэрэ махталларын тириэрдэллэр.