Ходуһа уута харгыстаабатаҕына окко былаан туолуоҕа

Сүөһү иитиитэ улахан сыралаах үлэттэн тахсарын илиилэрэ чэрдийбит тыа дьоно бэрткэ диэн билэллэр. Кыһыҥҥы өттүгэр сүөһүлэргин аһатарыҥ, уулатарыҥ, балбаахтары таһарыҥ, отторун киллэрэн дьаһайарыҥ — ити барыта биир өрөбүл күнэ суох үлэ. Сайынын кыстыыр отторун булар туһуттан ходуһа аайы хотуур тыаһа лыҥкыныыр. Аны күн-дьыл туругуттан отчуттар үлэлэрэ тутулуктанан үгүс харгыстары көрсөллөрө кистэл буолбатах. Аҕыйах кэтэх сүөһүлээх да дьоҥҥо ыарахан. Онтон улуус сүөһүтүн кыстатар отун оттуурга сыалай хас эмэ биригээдэ, киэҥ-куоҥ ходуһа, сатабыллаах тэрээһин наада.

Быйыл сураҕынан иһиттэххэ от үүммүт диэн үөрдэллэр, ол эрэн биһиги сирбит-уоппут, ходуһаларбыт мэлдьи уулаахтарынан биллэллэр. Онон, таайа, сэрэйэ барбакка, от үлэтин туһунан сиһилии билээри салайааччыларын Петр Слепцову кытта кэпсэттибит.

— Отчуттар 3 биригээдэ буоллулар, бастакылар от ыйын 11 күнүгэр “Чаалый” сиригэр, иккис 14 чыыһылаҕа “Лабаҥхаҕа”, 3 киһиттэн турар үһүс биригээдэ 20 чыыһылаҕа “Чаалый” үөһээ өттүгэр таҕыстылар.

Уопсайа былааҥҥа  216 туонна от оттонуохтаах  диэн, бу оттуу сылдьар биригээдэлэр былааннара уопсайа 190 туонна. Былааннарын таһынан оттуулларыгар эрэнэбит, быйыл от үүммүт эрээри, ходуһабыт син биир уулаах, ол мэһэй оҥорботоҕуна былааммытын толорор кыахтаахпыт.

 

 

Читайте дальше