Сайыҥҥы сандаархай күннэр элэс гынан ааспыттара түргэнэ сүрдээх. Ол үтүө күннэри тутуһа тыа дьоно быйыл күүскэ ылсан оттоотулар, күөх быйаҥтан сомсон хааллылар.
Кустуур нэһилиэгин олохтооҕо Дмитрий Стручков икки үлэһит уолаттарын Коляны уонна Диманы кытта быйыл сайын Хомурахсыкка сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ бэриллибит соруктарын толордулар. Кинилэр былааннарын таһынан баран, уопсайа 51 т. үчүгэй хаачыстыбалаах оту туттардылар!
Дмитрий доруобуйатынан төһө да моһуоргурдар, үлэни-хамнаһы өрө тутан, сүбэ-ама буолан, үлэҕэ барытыгар ылсар уолаттарыгар күүс-көмө буолар.
Хас биирдии киһи дьоҕурунан, үлэтинэн олорор. Оттооһун дьылы туорууру хааччыйар, ону быһаччы быһаарар үлэ буоларын киһи барыта өйдүүр. Ыарахан суоллаах-иистээх, кэмчи оттоох-мастаах хоту сиргэ бу үлэ икки бүк ыарахан. Ол да иһин, киин улуустартан кэлбит дьон окко таҕыстахтарына сөҕүмэр диэн соһуйаллар, төбөлөрүн быһа илгистэллэр, “эһиэхэ холоотоххо биһиги оттоон оонньуур эрэ эбиппит” дэһэллэр. Онон, хоту сир отчут дьонугар барҕа махтал буоллун! Кинилэр сүөһүбүт ахсаана – сахабыт ынаҕа , сылгыбыт элбииригэр туох баар кыахтарын көдьүүстээхтик туһанан ас-таҥас элбииригэр, дьон олоҕун уйгута тупсарыгар дьоһун күүс буолаллар.