Хас биирдии киһи дьарыктаах буолара – дойду сүрүн соруга

Эбээн Бытантай улууһугар Дьарыктаах буолуу киинигэр 2020 сылга 138 киһи учуокка турара, билиҥҥи көрдөрүү 34 киһиэхэ тэҥнэһэр.

Ол эбэтэр, Дьарҕаалаахха -4, Кустуурга – 6, Саккырыырга 24 киһи. Киин үлэтин туһунан кылаабынай исписэлиис Майя Охлопкова кэпсиир.

  • Биһиги кииммит хас биирдии киһи үлэлээх, дьарыктаах буоларын ситиһэр сыалтан тиһиктээх үлэни ыытарга кыһаллабыт. Бу 2020 сылга 138, 2021 с. – 165 киһи учуокка турбут биричиинэтэ диэн, хамсык дьаҥын саҕана кэтэхтэн туруу, бэлиэтэнээһин көрүллэрэ, ол кэмҥэ дьоммут ахсаана элбээбит. Онтон 2022 сылтан үлэтэ суохтар учуоттарыгар туруу сирэй көрсөн, бэлиэтэнээһин эмиэ оннук ыытыллар буолбута. Аһаҕас үлэ миэстэтэ балыыһаҕа уонна оскуолаҕа баар, манна анал идэ ирдэнэр. Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ үлэнэн хааччыйыы дьаарбаҥкатын тэрийэн ыыттыбыт. Киин балыыһа, үөрэх салалтата кыттыыны ыллылар. Бу дьаарбаҥкаҕа аҕыйах да буоллар оскуола оҕолоро кыттыыны ылбыттара хайҕаллаах. Кинилэргэ бу олус туһалаах тэрээһин, идэ туһунан, үлэ ырыынагар ханнык идэлэр ордук наадалаахтарын уо.д.а сиһилии билэллэр.  Маны тэҥэ, улуустааҕы үөрэх салалтатын кытта “Работа России. Время возможностей” Бүтүн Арассыыйатааҕы үлэнэн хааччыйыы дьаарбаҥкаҕа  кыттыһан,  8-11 кылаас үөрэнээччилэригэр анаан «Профтур»  диэн тэрээһини ыыттыбыт. Аэропорт, «Сахаэнерго”, баһаарынай чаас, балыыһа курдук тэрилтэлэргэ оҕолор сылдьан, сүрдээх сэргэх экскурсиялар буоллулар, ыйытыылара үгүс. Түгэнинэн туһанан, биһиги тэрээһиннэрбитигэр кыттыспыт тэрилтэлэргэ улахан махталбын тиэрдэбин.

Биһиги кииммит нөҥүө идэҕэ үөрэтии баар, быйыл манна баҕалаах да, миэстэ да аҕыйах. 2 квота биэрбиттэригэр, эрдэ сайаапкалаабыт икки киһи үөрэнээри сылдьаллар, сыл аҥарыттан үөрэх миэстэтин эбиэхтэрэ, диэн эрэнэбин. Уопсастыбаннай үлэ диэн баар, манна биир киһиэхэ 10042,80 солк. төлөнөр, манна эмиэ 2 киһи хабылынна. Маны тэҥэ, үопсастыбаннай үлэни тэрийиигэ 4 киһи хабылынна, кинилэргэ 3 ый устата хамнастара толору төлөнөр. Бастакы кыбаартал түмүгүнэн биһиэхэ 18 сайабылыанньа киирдэ, онтон учуоттан 13 киһи уһулунна. Биир киһи бэйэ дьарыктаах буолла (самозанятый), 1 киһи үлэ көрдөөччү быһыытынан социальнай хантараак түһэристэ. Маннык, «поиск работы» диэн өҥө  социальнай харалтаҕа баар, үлэ көрдүүр кэмҥэ, диэн  өйөбүл харчы көрүллэр. Быйыл биһиги кииммит нөҥүө биир доруобуйатыгар хааччахтаах киһибит бэйэтин дьыалатын сайыннарарыгар 150 тыһ.солк. өйөбүл ылла.

Сайыҥҥы кэмҥэ оскуола оҕолоро ыстаадаҕа тахсан сүрдээх төһүү күүс буолаллар, быйыл 6 оҕо киирдэ. Кинилэргэ сааһынан арахсан хамнас көрүллэр. Ол курдук, 14-16 саастаахтарга 20781,36 солк., онтон 16-18 саастаахтарга 30306,15 солк. хамнас. Хомойуох иһин, быйылгыттан хамнас 1 эрэ ыйга көрүллэр буолбут, эрдэтээҥи сылларга 3 ый толору төлөнөрө. Маны таһынан, оҕолорго волонтерство диэн баар. Улуус үс нэһилиэгэр барыта  21 оҕо волонтердуоҕа. Кинилэр күҥҥэ 4 чаас үлэлииллэр, Дьарыктаах буолуу кииниттэн 6276,75 солк. хамнас көрүллэр, манна эбии олохтоох дьаһалталар көрөллөр. Сити курдук, хас биирдии киһи дьарыктаах буоларын туһугар араас хабааннаах үлэни ыытабыт.