Дьарҕаалаах оҕолоро бэртээхэй оонньуур сирдэннилэр

Үөһээ Бытантай нэһилиэгэр «Олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн» бырагыраама бырайыагар кыайбыт «Оҕо сынньанар, оонньуур былаһаакката» нэһилиэк аҕаларын көмөтүнэн таҥыллан, күрүөтэ оҥоһуллан, сайын үлэҕэ киирбитэ.  Былаһаакка, дьон-сэргэ болҕомтотун тардар, оҕо-аймах дуоһуйа оонньуур, бөһүөлэкпит биир кэрэ көстүүлээх миэстэтинэн буолла.

Бу курдук сыл аайы тупсарыыга туһаайыллан ыытыллар үлэҕэ нэһилиэк олохтоохторо, көхтөөхтүк кыттан, олорор сирдэрин тупсараллар.

 

Нина Софронова-Туйгууна

Читайте дальше