Түгэһиир нэһилиэгэр сылаас кэмнэри баттаһа былааннаммыт үлэ кэминэн ыытыллар. Санатар эбит буоллахха, “Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр” бырагыраама чэрчитинэн бэйдиэ сылдьар ыттары тутар пуун, Портовская уулусса сырдатыыта ыытыллар.
Сиһилии олохтоох дьаһалта баһылыга Сергей Аликов сырдатарыгар көрдөстүбүт.
— Сергей Сергеевич, бэйдиэ сылдьар ыттары тутар пуун, Портовская уулусса сырдатыыта төһөлөстө?
— Ыты тутар пуун тутулла турар. Онтон уулуссаны сырдатыыга баҕаналара сыбааркаланан кырааскалыы сылдьаллар.
Ыты тутар пуун сис диэки, уһун сыыр аннынан тутуллар, 16 ыты тутар миэстэлээх.
— Бөхпүт-сыыспыт, сыбаалкабыт боппуруоһа эмиэ сытыытык турар.
— Сыбаалка кэлин олус ыһылынна, хомуйа сатыыбыт да кураанах бөх-сыыс тыалга ыһыллар, ону утилизациялыыр курдук көмүөххэ диибин. Эһиил соҕуруу өттүн күрүөлүөхпүт. Олус сүрдэннэ. Кумааҕы сыыһы хас биирдии ыал уоттуон наада диибин, уоттуур иһитин буочуканы уоттан куттала суох сиргэ туруоран баран, баһаарынай сулууспа ону бобор.
— Кытаанах бөх-сыыс баахтара эмиэ сотору-сотору ыһыллар…
— Кытаанах бөх-сыыс баахтарын күрүөлэрэ оҥоһулла турар, бу үлэнэн улуус дьаһалтата дьарыктана сылдьар, сотору туруоруохтара.
— Сырдатыыҥ иһин махтанабыт.