Күндү Эбээн-Бытантай улууһун олохтоохторо, ытык-мааны ыаллара!

Эһигини Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибин!
Бүгүҥҥү күҥҥэ дойдубутугар сүрүн болҕомто дьиэ кэргэни өйүүргэ ууруллар. Онно даҕатан, үгүс араас социальнай өйөбүллэр көрүллэннэр, оҕо төрөөһүнэ аан дойдуга инники күөҥҥэ таҕыста
Биһиги тыйыс усулуобуйалаах хотугу сирбитигэр дьиэ кэргэн хаһан баҕар олох тутаах тирэҕэ, эрэллээх уйата буолар. Дьиэ кэргэҥҥэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ өбүгэбит үгэһэ, эбээн норуотун ураты култуурата, төрөөбүт сиргэ таптал уонна айылҕаҕа харыстабыл сыһыана бэриллэр. Бу күн өр сылларга олохторун холбоон, үтүө суобастаахтык үлэлээн улууспут сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит ытык ыалларбытыгар, элбэх оҕолоох ийэлэрбитигэр, аҕаларбытыгар ураты махталбытын биллэрэбит.
Баҕарабын хас биир дьиэ кэргэҥҥэ өйдөһүүнү, бигэ тирэҕи, дьолу! Дьиэҕит иһэ иллээх, сылаас эйгэлээх, туруккут чэгиэн буоллун!

Эбээн Бытантай национальнай улууһун Аҕа баһылыга Иннокентий Стручков

Читайте дальше