Улууска 23 ойуур баһаара тахса сырытта

Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин үрдүнэн саас саҕаланыаҕыттан барыта 73 ойуур, 155 сыһыы-хонуу баһаара бэлиэтэнэр. Баһаар сүрүн биричиинэтэ – уоту сыыһа туттууттан тахсар.

Эбээн Бытантай улууһугар Ыксаллаах быһыыга – майгыга хамыыһыйа, бэрэссэдээтэл Иннокентий Стручков быһаарыытынан муус устар 30 күнүттэн ыам ыйын 30 күнүгэр диэри баһаартан сэрэхтээх буолуу ыйынньыга биллэриллэн турар. Ол эрэн, бу үрдүнэн биһиги сирбитигэр – уоппутугар 20-тэн  тахса сиргэ ойуур уонна  сыһыы-хонуу баһаара тахса сырытта. Баһаартан тахсыбыт балаһыанньа туһунан улуус Аҕа баһылыга Иннокентий Стручков:

  • Манна ааспыт нэдиэлэттэн «Авиалесоохрана» уонна «Якутлесресурс» тэрилтэлэртэн 30  байыас кэлэн уонна биһиги дьоммут 23 киһи, 5 тиэхиньикэ үлэлээтибит. Балаһыанньа уустук, тахсыбыт уот барыта киһи содулуттан. Бүгүҥҥү күҥҥэ улуус сиригэр баар баһаардар умуорурулуннулар. Ол эрэн, дьылбыт кураан буолара сабаҕаланар, сирэмнээн тахсыан сөп. Айылҕаҕа сылдьааччылар уоту көрдүгүт эрэ умулларарга, биллэрэргэ кыһалларгыт ирдэнэр. Баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын тутуһар биһиги бары эбээһинэспит. Оҕолор улахан киһитэ суох тыаҕа сылдьаллара бобуллар. Миэрэ кытаанах, ыстараап үтүмэн. Холобура, баһаары ыыппыт киһи биллэр түгэнигэр туох баар бөртөлүөт, сөмөлүөт, дьон үлэлээбит ороскуотун барытын төлүүрүгэр миэрэ уцураллар, бу мөлүйүөнүнэн үп.

Ыаллыы Дьааҥы улууһугар ойуур баһаарыттан тахсыбыт балаһыанньанан сааскы булт кэмин тохтоторго салалта быһаарда. Бу улууска 2 киһэхэ боротокуол оҥоһулунна, 36 мөл.солк. кэриҥэ ыстараапка ууруллаллар!!

Күндү биир дойдулаахтарым! Хоту сир дьоно бары айылҕаттан аһаан – сиэн, таҥнан – саптан, бултаан-алтаан олоробут, тыабыт – сүрүн баайбыт. Эдэриттэн – эмэнигэр диэри тыабытын харыстыырга кыһаллыахха. Халлааммыт көстүүтэ кэккэ сылларга эрдэлээтэн эрдэлээн иһэр, онон өртөөһүнү ыытыы билигин номнуо хойутаата уонна сокуонунан бу бобуллар даҕаны.

Бэйэбит илиибитинэн алдьархайы таһаарымыахха!

Читайте дальше