Тыйаатыр баар! Тыйаатыр тыыннаах!

Олунньу 22 күнүгэр эдэр режиссер, бэйэбит уолбут Айтал Слепцов туруоруутугар Н.А.Лугинов сэһэнигэр  «Кустук» испиктээк көрөөччү дьүүлүгэр көһүннэ.

Норуот тыйаатырын артыыстара, саҥа саҕалааччылара, ыччаттарбыт олус итэҕэтиилээхтик, ис дууһаларыттан оонньообуттара чахчы да дуоһутта, астыннарда, ускуустуба кэрэ эйгэтигэр угуйда.

Кылгастык Николай Лугинов сэһэниттэн сэгэттэххэ. Кустук булчут ыт, иччитигэр Охонооско бэриниилээх баар суох доҕоро. Кини бу дьиэ кэргэҥҥэ кырачаан эрдэҕинэ кэлбитэ, онтон ыла оҕо курдук көрүллэн, бүҕбэйдэниллэн улааппыта.  Охоноос кэргэнэ Даарыйа ыалдьан өлүөҕүттэн, кыыһа Ааныс суоппар уолу батыһан барыаҕыттан олох очурдарыгар оҕустаран иһэр – аһыыр, хаартынан үлүһүйэр. Байбал бардам, баайдык – тоттук олорор, дьон бүтэһигин да ыларын  кэрэммэт киһийдэх. Даарыйа – Байбал кэргэнэ, кини Кустугу таптыыр, бу ыт дьылҕата бэйэтин олоҕун санатарыттан чугастык ылынар. Сырбай – барытын көрбүт – истибит  ыт. Баһырҕас – Байбал уратытык сыһыаннаһар, таптыыр ыта. Маҥан уонна Харас куруутун бииргэ сылдьаллар, эдэрчээн буоланнар акаарытыҥы быһыыланаллар. Харабыл аргыыйдык сылдьар, бэйэтэ бэйэтигэр, доҕорго да кимиэхэ да наадыйбат. Онтон Кырбый, туохха барытыгар өстүйбүт, кыыллыйбыт ыт.

Билсиҥ, тыйаатыр саҥа артыыстара — үүнэр көлүөнэнэтэ.

Сүрүн дьоруой — уустук дьылҕалаах Кустук ыт оруолун Николай Суханов толордо. Атын оруолларга Сырбай — Александр Атласов, Кырбый — Александр Другин,Баһырҕас — Алексей Рожин,Харабыл —  Петр Баишев, Маҥан уонна Харас — Егор, Давид Другиннар.  Көрдөххө, симик бэйэлээх уолаттар, сыанаҕа тахсан, идэлээх артыыстартан туох да уратыта суох оонньообуттарын, көрөөччү сөхтө да махтайда да. Тыйаатыр диэн ускуустуба биир уустук хайысхата. Уобараһы тиэрдии, бу баардыы көрдөрүү мээнэ киһиэхэ кыаллыбат. Онон, ыччаттарбыт бастакы холонолуулара биир тылынан эттээхэ — «На Браво!» буолла. Онтон, култуура бэтэрээннэрэ — Байбал оруолун оонньообут Владислав Колесов, Даарыйа – Полина Ефимова, Охоноос – Щерзот Рябчиков хаһан да буоларын курдук, чаҕылхайдык оруолларыгар киирэннэр, олоххо буола турардыы оруолларын толордулар. Ханнык баҕар култуурунай тэрээһин уоттаах – күөстээх, тыастаах – уустаах. Онтон, тыйаатыр эйгэтигэр уот, тыас сүрүн суолталаахтар. Маны барытын Александр Ефимов сатабыллаахтык таҥан, испиктээк көстүүтэ өссө киэркэйбитэ чахчы. Кыһыҥҥы туундара, очуос таас хайалары «Миргилан» үҥкүү бөлөҕүн кыргыттара алҕас да сыыһата суох, хартыына толору көстүүтүн тиэрдиэҕин тиэртилэр. Дьэ, маны барытын толкуйдаан туроруу, хас биирдии артыыһы оруолу толороругар тылга киллэрии уустук. Айтал Слепцов устудьуоннуур кэмнэригэр, режиссер быһыытынан бастакы үлэтин биһиги «Кыыс Хадаар» олохтоох номоҕу туоруоруутугар эрдэ көрөн турабыт. Бу да сырыыга Айталбыт дьоһуннук ылсан, ымпыгар – чымпыгар диэри толкуйдаан, күннэри – түүннэри бэлэмнээн көрөөччү испиктээги биир тыынынан көрдө, сүмэһиннээх  махтал тыл үрүйэлии кутулунна, дьиэ аайы хайҕабыл этилиннэ. «Омуннаатахха Саха тыйаатырыгар олоробун дуу диэтим. Оһуобай! Эдэр ыччаттарбыт дьиҥнээх артыыстартан туох да итэҕэһэ суох оонньоотулар, уотун – күөһүн, тыаһын кыайа туппуттар. Эдэр, талааннаах уолбут Айтал Слепцов төрөөбүт  дойдутугар кэлэн, норуот тыйаатырын сөргүтэн эрриттэн олус үөрдүбүт. Элбэҕи эрэннэрэр, кэскиллээх оҕолорбутугар махтанан туран, ситиһиилээх, айымньылаах үлэни!” – диэн үгүс көрөөччү санаатын тиэртэ.

Айтал Степанович “Гарпан” этнокултуурунай кииҥҥэ режиссер быһыытынан үлэлээн эрэр.

  • Бу испиктээк мин режиссер быһыытынан үһүс үлэм буолар. Эрдэ устудьуоннуу сылдьан дипломнай үлэбэр «Кыыс Хадаар” манна уонна Булуҥ улууһугар үлэлии сылдьаммын эмиэ туруорубутум. Бу испиктээги Аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдарыгар “Кыыс Хайа” диэн, аатын арыый да уларытан, билигин да оонньуу сылдьаллар.  Мин онно идея этээччинэн уонна сценарист быһыытынан үлэлээбитим. Бэйэм 2020 сыллаахха култуура колледжын режиссура салаатын бүтэрбитим. Кыра эрдэхпиттэн култуура эйгэтигэр олус чугаспын. Бэйэм ордук тыйаатыр эйгэтин ордоробун, сөбүлүүбүн. Испиктээк нөҥүө дьоҥҥо элбэҕи этиэххэ сөп, мөкүнү утаран үчүгэйи сырдатан, мин ону ситиһэр санаалаах, испиктээктэрбин толкуйдуубун, туруорабын. Былыргы кэм, айылҕа ордук миэхэ чугас, умсугутар. «Кустук” туруорар туһунан санаабытым олох ыраатта, эрдэ элбэх киһи туруоруутун көрбүтүм. Мин хайдах эрэ уратытык, атыннык туруоруохпун баҕарбытым. Табылынна дии санаатым.

Алексей Захаров, өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин сүрүнүүр исписэлииһэ:

  • Биһиги манна норуот тыйаатырын уонна ансаамбыллары, бөлөхтөрү көрүүгэ, култуура үлэһиттэригэр аттестация ыыта кэлэ сылдьабыт. Бүгүҥҥү испиктээк олус диэн бэртик туруоруллубут, хайҕыы, астына көрдүбүт. Маннык уһук хоту, дэриэбинэҕэ толору көстүүлээх, киин сиртэн туох да уратыта суох туруорбуттар, оонньоотулар, көрдөрдүлэр. Айтал Слепцов режиссер быһыытынан үрдүк сыанабылы ылла. Норуот тыйаатыра сайыннын, онуоха эдэр кэскиллээх исписэлиис, баҕалаах артыыстар, махталлаах көрөөччү – манна барыта баар эбит.

Сити курдук, өтөрүнэн буолбатах кэрэ көстүүнү, кыалларынан тиэрдэ сатаатым. Сүүстэ истибиттээҕэр – биирдэ көрбүт ордук. Онон, мантан инньэ испиктээктэр туруоруллуохтара, сылдьыҥ, сэргээҥ. Тыйаатыр баар! Тыйаатыр тыыннаах!

 

Яна РОЖИНА