Эбээн-Бытантай улууһугар 2023 сылга доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон ахсаана 234 – кэ тэҥнэһэр. Аан дойдутааҕы инбэлииттэр күннэригэр аналлаах дэкээдэ Түгэһиир нэһилиэгэр киэҥ далааһыннаахтык буолан ааста.
Бу туһунан сиһилии тустаах исписэлиистэри кытта кэпсэттибит.
Маргарита Сметанина, социальнай харалта үлэһитэ:
— Балаҕан ыйыттан социальнайга сүрүн исписэлииһинэн үлэлии сылдьабын.
Бастатан туран, үлэлии киирээппин кытта, оҕуруот аһын хампаанньата саҕаламмыта. Онон, чэпчэки сыаналаах хортуоппуй, сымыыт, үүт кэлэн доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоннорбутугар түҥэтэр, тиксэрэр үлэ барбыта.
Онтон улахан тэрээһиммит доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон күннэригэр анаан, сэтинньи ый бүтэһик нэдиэлэтигэр дэкээдэ ыытылынна. Маннык тэрээһин сүрүн сыала диэн, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоммут уопсастыбаҕа тэҥҥэ сылдьартан туттуналлар, бэйэлэрин кыһалҕаларын, наадаларын туруорсан тустаах хонтуораларынан сылдьыбаттар, үксүн дьиэлэригэр олороллор. Онон, бу дьоммутун барыларын бииргэ түмэн, сэргэхситэн, кыһалҕаларын истэн, наадалаах идэлээх дьону ыҥыран кинилэр былааннарын, баҕа санааларын истэн, туох эмэ көмө оҥороллоругар туһаайылынна.
Ол курдук, төгүрүк остуолго улууспут араас хайысхатыттан сүрүн исписэлиистэр, нэһилиэкпит баһылыга, улууспут баһылыгын солбуйааччыта кэлэннэр эҕэрдэлэрин этэн, сүбэ-ама биэрэн, көмөлөһүөх буоллуллар, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоммут үөрэн-көтөн, сыалларын ситиһэн, астынан барбыттара. Иккис кµн, спортивнай саалаҕа көрдөөх оонньуулар, араас күрэхтэр ыытыллыбыттара, манна оҕолор, улахан дьон бары бииргэ сүүрэн-көтөн, остуол оонньууларыгар бастыҥнары быґааран сынньанан, сэргэхсийэн үөрүүлэрэ үксээбитэ.
Спортивнай оскуола үлэһиттэрэ күрэхтэри олус үчүгэйдик тэрийэн ыыттылар, миэстэлэспиттэр анал бирииһинэн, грамотаннан наҕараадаламмыттара.
Маны таһынан быыстапка ыыттыбыт. Улуус олоҕор, араас тэрээһиннэргэ, быыстапкаҕа көхтөөх кыттыылаахтарга грамота, бириис туттардыбыт.
Бу дэкээдэҕэ кыттыыны ылбыт, күүс-көмө буолан тэҥҥэ үлэлэспит тэрилтэлэргэ, үлэһиттэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит.
Майя Охлопкова, үлэлээх буолуу сүрүн исписэлииһэ:
— Ахсынньы ый 1 күнүгэр инбэлииттэр дэкээдэлэрин чэрчитинэн төгүрүк остуолга социальнай хайысхалаах тэрилтэлэр салайааччылара, инбэлииттэр обществоларын чилиэннэрин уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону, оҕолор төрөппүттэрин кытта атах тэпсэ олорон олох- дьаһах, эминэн — томунан хааччыллыы, судаарыстыбаннай ійібµл боппуруостарын тула ирэ — хоро кэпсэтии, ырытыһыы буолла. Ону таһынан, мустубут дьон үлэнэн хааччыллыы, олорор усулуобуйа тупсарыллыытын уонна да атын, олоххо баар кыһалҕалар тустарынан санааларын үллэһиннилэр, кыһалҕалаах боппуруостарын туоратыыга туруорустулар.
Мин үлэлээх буолуу тэрилтэ аатыттан сылдьар исписэлиис буоларым быһыытынан, үлэнэн хааччыллыы, үлэлээх буолуу усулуобуйатын туһунан сырдаппытым.
Истиҥ иһирэх, дьыалабыай кэпсэтии түмүгэр үһүс группалаах инбэлиит бэйэни үлэнэн хааччыныы бырагыраамматын сэргээбитин уонна бу бырагыраамманы туһаныан баҕарарын туһунан санаатын үллэстибитэ. Кини хоту дойдуга сүрүн наадалаах — атах таҥаһын улларыыга ылсан үлэлиэн баҕарарын уонна кэлэр сылга урбаан хайысхатыгар үөрэнэн, бэйэни үлэнэн хааччыныы бырагыраамматыгар киирэн регистрацияланан, судаарыстыбаттан дьоҕус бизнес тэринэригэр көмө харчыны ылан, туһаныан баҕарарын эппитэ.
Манна бизнес — былаан оҥорон баран, анал хамыыһыйа ааһан бэйэ дьыалалаах буолан баран биһигиттэн 150 тыһ. солкуобайы, социальнай харалтаттан эбии өйөбүл ылар.
Бастаан биһиги урбаанньыт буоларыгар аналлаах үөрэххэ үөрэттэрэбит, үлэтэ суохтар өҥөлөрүнэн туһанар.
Биизнес — былаанын оҥороругар төгүрүк остуолго мустубут үлэһиттэр көмөлөһүөх, сүбэ-ама буолуох буолбуппут.
Олох олоруу, ардыгар доруобай да киһиэхэ ыарахан, онтон доруобуйатыгар хааччахтаах дьоммутугар күннээҕи да түбүк, кыра да кыһалҕа икки бүк ыараханын умнумуохха, өйүөххэ, көмөлөһүөххэ.
Марианна СЛЕПЦОВА