Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн улуустааҕы оҕо аймах спортивнай оскуолатыгар түөлбэлэр икки ардыларыгар мини-футболга күрэхтэһии ыытылынна.
Тыҥааһыннаах, буһуулаах-хатыылаах күрэх түмүгүнэн «Ферма» түөлбэ кыайыылаах үрдүк аатын ылан үөрүү өрөгөйүн тутта! 2 бочуоттаах миэстэни – «Өйгидэ», 3 миэстэни – «Омукчаан», 4 миэстэни – «Биракчан» түөлбэлэр ыллылар.
Маны таһынан турнирга анал ааттар тураннар, тэрийээччилэр күрэх интэриэһин, тыҥааһынын өссө күүркэтэн биэрдилэр. Ол курдук, «Лучший бомбардир» — Николай Суханов, «Лучший защитник» — Николай Атласов, «Лучший вратарь» — Ньургустан Никитин (8 «б» кыл. үөрэнээччитэ), «Самый техничный» — Самуил Стручков буоллулар.
Күрэхтэһии бириистэрин биһиги улууспутугар үлэ сырыытынан кэлэ сылдьар СӨ транспортка уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин бастакы солбуйааччыта Анатолий Потапов туруорда.
Кыайыылаахтарга итии-истиҥ эҕэрдэ буолуохтун! «Чөл олох – чэгиэн турук” диэн туран, мэлдьи кыайыы-хотуу арыаллаах буоларгытыгар баҕарабыт!