«Саха сүөһүтэ” хааһына тэрилтэ Саккырыырдааҕы салаатын окко былаана туолар кэскиллээх

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэриститибэтэ иһитиннэрэринэн, балаҕан ыйын 2 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох бары хаһаайыстыбалар 372 868 туонна оту оттообуттар. Ити кыстыыр от 85 %-на.

Эбээн Бытантай улууһугар «Саха сүөһүтэ” хааһына тэрилтэ Саккырыырдааҕы салаатын окко былаана туолар кэскиллээх, маныаха субуотунньуктар тэриллэн, тэрилтэлэртэн дьону таһаарыы улахан көмө буолла диэтэххэ оруннаах.

«От былаана билиҥҥи туругунан туолар кыахтаах, Чаалыйга 100 туонна от кээһиллэн турар.

Атырдьах ыйыттан мобильнай биригээдэлэр окко тахсаннар сүрдээх көмөнү оҥордулар диэн бэлиэтиибин уонна махтанабын. Бу күҥҥэ диэри уопсайа, быһа холуйан эттэххэ, араас тэрилтэлэртэн субуотунньукка 15 киһи сырытта. От  үлэтэ түмүктэниэр диэри маннык биригээдэлэр тахсан үлэлэһэллэрэ буоллар олус көмөлөөх буолуо этэ,» — диэн Саккырыырдааҕы салаа салайааччыта Петр Слепцов сырдатта.

«Бары күүһү – окко!” диэн санаанан салайтаран, эрэдээксийэ кэлэктиибэ бу үтүө бачыымтан эмиэ туора турбата.

Атырдьах ыйыгар Чаалый сиригэр мобильнай биригээдэни кытта оттоһон, кыра да буоллар, көмөнү оҥорбуппутуттан үөрэбит.

От үлэтэ түргэнник, суурхайдык үмүрүйдүн, былаана туоллун диэн көмөҕө мобильнай биригээдэлэр улуус тэрилтэлэриттэн тэриллэн биирдии нэдиэлэ үлэлээн кэлэллэр. Киһи үлэлииригэр-хамсыырыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллибитин бэйэм харахпынан көрдүм-иһиттим. Ас астыыр туһааннаах киһи баара олус үчүгэй, астаабыт аһа минньигэһэ сүрдээх, бэйэтэ сир астаан, барыанньа оҥорон отчуттары күндүлүүр.

Отчуттар былааннарын толоро охсоору күн сырдыгын баттаһа сарсыардаттан хойукка диэри ходуһаҕа мөхсөллөр. Эбиитин быйыл ардахтаах, тымныы сайын буолан үчүгэй күн туран биэрэрин мүччү туппат туһугар үлэ күөстүү оргуйар.

Ханна да тиий – быйыл от үүнүүтэ былырыыҥҥытааҕар мөлтөҕүн туһунан сүөһүлээх, сылгылаах дьон дьаархана кэпсэтэллэрин истэбит. Ону ол диэбэккэ бары биир сомоҕо буолан туора туран хаалбакка, тахсан айылҕаҕа сынньана, күүс-уох ылына таарыйа хаалбыт оту оттуурга күүс-көмө буолан кэлэргитигэр ыҥырабыт.