— Атырдьах ыйын 21-23 күннэригэр Дьокуускай куоракка үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэрин үгэс буолбут мунньахтара ыытылла турар.
Бастаан араас былаһааккаларынан тэрээһиннэр ыытылыннылар. Биһиги кэллиэгэбинээн Лариса Николаевналыын «Мин сайыным» диэн араас улуустар уус-уран оҥоһуктарын бэстибээлин сэргии көрдүбүт. Олус интэриэһинэй бырайыактар баалларын биһирээтибит.
Маны тэҥэ пленарнай мунньахха кыттыыны ыллыбыт.