Былдьаһыктаах күннэри баттаһа сүөһү иитээччилэр от үлэтигэр умса түһэллэр.
Гаврил Баишев, т/х салалтата: От хампаанньатын от ыйын 1 күнүттэн саҕаланна. Билиҥҥи кэмҥэ чааһынайдар кыралаан тахсан эрэллэр. Үүнүүтэ олох үчүгэй, ардах мэһэйдээбэтэхтэринэ, былааны толорорго кыах баар. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх от былаана тиэрдилиннэ. Ол курдук, улууска 1480 туонна, «Саха сүөһүтэ» ХТ 500 тахса туонна. Бу тэрилтэҕэ быйыл төрүөх элбэх, билигин 90 –тан тахса торбостоохтор. Үгэс быһыытынан тэрилтэлэргэ былаан эмиэ баар. «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ 1 туонна окко 10 тыһ.солк. төлүүр, манна «Түгэһиир нэһилиэгэ» олохтоох дьаһалта 2000 солк. эбэр, от туттарылынна эрэ тутатына уһаппакка төлөнөр. Онон, 1 туонна окко 12 тыһ.солк. уу харчынан аахсыахха сөп. Бу сүрдээх үчүгэй төлөбүр.
Барыгытын от хампаанньатыгар көхтөөхтүк кыттыһаргытыгар ыҥырабын!