“Ыллана турдуннар!” олохтоох мелодистар Надежда Колтовская, Дмитрий Колесов, Василий Шадрин айымньыларынан ырыа күрэҕэ Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, улууска Тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар ананна.
Бу күрэх дьоҕурдаах, талааннаах ырыаһыттары киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыаллаах ыытыллар. Саастарынан арааран – 7-18 уонна 19 – тан үөһээ саастаахтарга хайдан, кыттааччылар күрэс былдьастылар. Ырыа түһүлгэтин киэһэтигэр эдэриттэн эмэнигэр тиийэ көрөөччү «лыык» курдук муһунна. Тибиилээх, ыраах суолу кэрэйбэккэ Аллараа Бытантай нэһилиэгиттэн баһылык Роберт Колесов ырыа куттаах кэргэнинээн Зинаида Анатольевналыын 4 оҕону бэлэмнээн илдьэ кэлбиттэрэ хайҕаллаах. Саккырыыртан 5 кыл.үөрэнээччитэ Айысхаан Никитин уонна биир дойдулаахпыт Галина Слепцова кэлэн кыттаннар, эмиэ сүрдээҕин сэргэхситтилэр.
Дьоро киэһэ мелодистарбытын билиһиннэрэр слайда көстүүттэн саҕаланна. Дмитрий Колесов – Мииччэ оҕолоро Айсен, Дима уонна сиэннэрэ Саная, Мииччээйиллэ баяҥҥа доҕуһуоллаан ыллаабыттара олус истиҥ буолла.
Күрэҕи СӨ култууратын туйгуна Татьяна Петрова, СӨ култууратын туйгуна, бибилэтиэкэр Альбина Стручкова, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Клара Стручкова – Захарова, Аллараа Бытантай нэһилиэгин баһылыга Роберт Колесов дьүүллээтилэр.
Икки түһүмэх биллибэккэ бүтэ охсон, ыытааччы Марианна Корнилова кыайыылаахтары эҕэрдэлээтэ! Ол курдук, Дмитрий Колесов “Чэлгийдин, мин сирим!» ырыатын толорбут Галина Слепцоваҕа ааптар аймахтарын ааттарыттан харчынан анал бириис туттарда. “Көрөөччү биһирэбилэ” , ДОО 7 кылаас үөрэнээччитэ Максим Никитин, (сал. Нь.П.Петрова) буолан хары чаһыытынан бириистэнэн үөрдэ. Маны таһынан, Максим Дмитрий Колесов “Бытантайым” уонна убайа Замир Горохов “Дьарҕаалаах” ырыаларын олус кэрэхсэбиллээхтик толорон, алын сүһүөх кыттааччыларга Гран при үрдүк ааты ылан, улахан тэлэбиисэри бэлэх тутан үөрүүтэ икки бүк буолла. I истиэпэннээх Лауреат — Альфред Оконешников, II истиэпэннээх Лауреат – Михаил Горохов, III истиэпэннээх Лауреат – Айысхан Никитин, I истиэпэннээх Дипломант — Саян Самойлов, II истиэпэннээх Дипломант — Айсен Игнатьев, III истиэпэннээх Дипломант – Алиа Попова буоланнар, анал сурук уонна сыаналаах бириис тутан үөрдүлэр – көттүлэр. « Кыра нэһилиэк диэтэххэ, сүрдээх үрдүк таһымнаах тэрээһин буолла, бириистэр да олус сыаналаахтар. Бэл диэтэр, айан сылаатын умуннубут. Өссө да мелодистаргыт ырыалара ыллана турдуннар, — диэн ыалдьыт Зинаида Колесова санаатын үллэһиннэ.
Улахан дьоҥҥо Василий Шадрин “Хоту дойдум” ырыатынан, Гран при үрдүк ааты Вера Перевалова ылыан ылла. I истиэпэннээх Лауреат – Татьяна Петрова, II истиэпэннээх Лауреат – Нина Софронова, III истиэпэннээх Лауреат – Галина Слепцова буоллулар. Кыайыылаахтар бары сыаналаах бириистэри бэлэх тутан үһрүү өрөгөйдөннүлэр. Тэрийээччилэргэ – «Дюбун» этнокултуурунай киин үлэһиттэригэр, чуолаан Николай Ивановка, Марианна Корниловаҕа, Татьяна Петроваҕа, мелодистарбыт бары аймахтарыгар, оҕолоругар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Олохтоохт ааптардарбыт ырыалара уостан түспэккэ ылланныннар, үйэлэргэ симэлийбэтиннэр!
Дьарҕаалаахтан Марта Горохова