«Арктика суоллара” – 10 сыл!

Хотугу дойдуга кыһыҥҥы суол – олох суола диэн мээнэҕэ этиллибэт. Сахабыт сирин томороон тымныытын,уһун айанын аахсыбакка ыраах айан суоппардара күнү-дьылы баттаһа 4 ый иһигэр сылы туоруур аһы-үөлү, уматыгы, наадалаах табаары уо.д.а. тиэйэн олоҕу-дьаһаҕы хааччыйаллар. Онтон хотугу улуустарга «олох суолун” солооччулар, суоппардарга харгыһа суох айаны хааччыйар тэрилтэ – «Арктика суоллара” хааһына тэрилтэ буолар.

Санатар буоллахха, «Арктика суоллара” тэрилтэ Уһук хоту оройуоннарга олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар туһуттан 2014 сыллаахха аан маҥнай тэриллибитэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ, өрөспүүбүлүкэбит 9 оройуонугар филиаллардаах. Онтон бу тэрилтэ салаата Эбээн-Бытантай улууһугар 2020 с. урукку ДРСУ баасатыгар тэриллибитэ. Оччолорго улуус баһылыгынан үлэлээбит Гаврил Гороховтыын «Арктика суоллара” генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Сергей Сивцев ыкса ситимнээхтик үлэлээн биһиги улууспутугар үлэ-хамнас күөстүү оргуйбута. Учаастактааҕы салааҕа Виктор Ачикасов салайааччынан ананан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Бастакы сыл баасаны сөргүтүү үлэтэ ыытыллыбыта, саҥа тиэхиньикэлэр тиэллэн кэлбиттэрэ. Хаадыр боппуруоһугар утумнаахтык ылсан, кылгас кэм иһигэр толору хааччыллан, үлэһиттэр үлэлиир усулуобуйалара тэриллэн үлэ-хамнас ньиргийбитэ.

Билигин Эбээн-Бытантай улууһун учаастактааҕы салаатын олохтоох эдэр киһи Василий Горохов салайар.

“Эбээн-Бытантайдааҕы суол учаастагар 16 киһи үлэлиир, бу иһигэр исписэлиистэр, машинистар, суоппардар, суолу оҥорор оробуочайдар, массыынаны өрөмүөннүүр слесарь, сварщик, харабыллар. Биһиги улууспутугар «Арктика суоллара” тэрилтэ салаата тэриллиэҕиттэн үлэлиир бэтэрээн үлэһиттэрбит, харабыллары Владимир Другины, Олег Саввиновы, массыына өрөмүөннүүр слесары Иван Винокуровы бэлиэтиэм этэ, үлэлэригэр бэриниилээх, уопуттаах үлэһиттэр.

Эдэрдэр Вадим Горохов – суол оҥорор массыына машиниһа, Иван Архипов – механик (тиэхническэй эсперт), Алексей Сыроватский – суол оробуочайа – эдэрдии эрчимнээх кэскиллээх уолаттарбыт.

Тэрилтэбитигэр 10 единица тиэхиньикэлээхпит. Үлэбит сүрүнэ диэн, кыһыҥҥы суоллары оҥоруу.  Региональнай суолталаах “Верхоянье”, “Себян” кыһыҥҥы айан суолларын уопсайа 287,33 км. көрөбүт. Сылын аайы ахсынньы ыйтан «Верхоянье” кыһыҥҥы суолунан уматык уонна ас-үөл Дьокуускайтан уонна Баатаҕайтан тиэллэр.

Сайыҥҥы кэмҥэ тиэхиньикэ өрөмүөнэ ыытыллар. Эбээн-Бытантай улууһун дьаһалтатын кытта дуогабардаһан бульдозербыт сыбаалканы астарыыга үлэлии сылдьар. Бу үлэ кэнниттэн ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолууну хааччыйар сыалтан минерализованнай балаһаны оҥоруохтаахпыт,» — диэн Василий Христофорович кэпсээтэ.

Хоту сиргэ суол-иис уустуктардаах, кыһыҥҥы тымныы, хараҥа ыйдарга суол оҥорооччулар дьиҥ тыйыс усулуобуйаҕа үлэлииллэр. Буурҕаны-тыалы, мутук тостор тымныытын аахсыбакка суолу солууллар. Кинилэр үлэлэрэ – тыын суолталаах.

Сардаана Копырина